22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Хатыыс хабаҕын сиигэ суох хирургияҕа туттуохха сөбүн билим дуоктара дакаастыыр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сэбиэскэй кэм саҕана хатыыс хабаҕыттан силим оҥорон, күннээҕи олоххо-дьаһахха туһаналларын бары даҕаны өйдүүр буолуохтааххыт. Билигин маҕаһыыҥҥа күн талбыт килиэйэ барыта баар. Ол иһин өбүгэлэрбит ньымалара умнууга хаалан эрэр. Аныгы олох сиэринэн, урукку ньыманы билим хараҕынан тупсаран, мэдиссиинэҕэ туһаныахтарын сөп эбит. Хайдах?


Балыктан килиэй оҥорон эрэллэр үһү диэни истээт, тута тустаах чинчийиини салайар мэдиссиинэ билимин дуоктара, бэрэпиэссэр, М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Медицинскэй институтун хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ, ХИФУ бэрэпиэссэрдэрин кэллиэгийэтин бэрэссэдээтэлэ Дарима Гармаеваны кытта көрүстүм.

ХАТЫЫСТАН — СИЛИМ  

— Дарима Кышектовна, хатыыс хабаҕа мэдиссиинэҕэ туһаныллыан сөп диэн хайдах билбиккиний?

— Биир идэлээхпиттэн, Фтизиатрия научнай-чинчийэр институтун хирура Иннокентий Винокуровтан, сахалар хатыыстан силими былыр хаһаайыстыбаҕа хамаҕатык тутталларын, күҥҥэ, тымныыга даҕаны бас бэриммэтин истээт, илиибит анныгар баары тоҕо мэдиссиинэҕэ туһанар кыаллыа суоҕай диэн, дириҥ толкуйга түспүппүт. Оччолорго оҕолорго анаан наука куруһуогун үлэлэтэрим, тута ылсан барбыппыт. Эдьигээҥҥэ олорор эдьиийбэр төлөпүөннээн, хатыыс хабаҕыттан буһарыллар силим ырысыабын көрдөөн ылбытым. Ол былыргы ырысыапка олоҕуран, силим оҥорбуппут. Чахчы, килиэй килиэйинэн этэ. Салгыы биология наукатын дуоктара Наталья Петровалыын биологическай силими мэдиссиинэҕэ туһаныы бырайыагын суруйан, чинчийэн саҕалаабыппыт. Химическэй састаабын, төһө күүскэ сыстар кыахтааҕын үөрэппиппит. Оҕолор, устудьуоннар умсугуйан, Бүтүн Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэлэргэ бастаабыттара, “Умники” федеральнай куонкуруска тиийэ кыайбыттара. Кинилэртэн биирдэстэрэ Петр Никифоров билигин онколог-хирурунан үлэлиир. Силим кини наукаҕа үлэлииригэр сирдээбитэ. Билигин диссертациятын суруйа сылдьар.

ТЫЫНАР ТЫЫННААХХА УОПУТ

— Туох эспэримиэни оҥорбуккутуй?

— Хатыыс хабаҕыттан ылбыт биологическай силиммитин кыылларга оҥорбут араас эспэримиэннэрбитигэр туһаммыппыт. Холобур, ис уорганы уонна тирии аһаҕас бааһын силимниирбитигэр. Силим аллергията суоҕун уонна бааһы түргэнник оһордорун, үчүгэйдик сыстарын бу эспэримиэннэрбит көрдөрбүттэрэ. Чинчийии түмүгэр силим оҥоруу бастакы түһүмэҕэр патент ылбыппыт.

БИЛЛИИЛЭЭХ БУОЛАН УҺУКТУУ

— Дьон төһө сэҥээрбитэй?

— Ити чинчийии туһунан ХИФУ кэрэспэдьиэннэрэ истэн, университет саайтыгар кылгас сонуну суруйбуттара. Сарсыныгар биллиилээх буолан уһуктубутум (күлэр, аапт.). Арассыыйаны барытын тилийэ көтөн, биологическай силим оҥорбуккут эбит диэн төлөпүөн оргуйан олорбута. “Биһиги өссө оҥоро иликпит, клиническэй иннинээҕи (доклинические) чинчийии оҥордубут”, — диэн быһаарабын. Саайтка тахсыбыт сонун “Сиигэ суох хирургия” (“Хирургия без швов”) диэн аата дьон интэриэһин тарпыт эбит.

— Оттон, судургутук толкуйдаан көрдөххө, оннук эбээт.

— Үгүс учуонайдар хирургияҕа киһи уоргана оннунан хааларын хааччыйар мэдиссиинэ араас матырыйаалларын оҥорорго дьулуһаллар. Ол иһин биһиги чинчийиибит эмиэ паренхиматознай уорганнары (холобур, быар, бүөр, тыҥа) эпэрээссийэлээһиҥҥэ биологическай матырыйаалы оҥорууга туһаайыллыбыта.

ТӨҺӨ СЫАНАЛААҔЫЙ?

— Хатыыс Кыһыл кинигэҕэ киирбит, бас быстар сыаналаах балык. Оччотугар, хатыыстан силим көмүскэ тэҥнээх буолан тахсар эбээт.

— Хатыыһы атыыга диэн анаан-минээн иитэр собуоттар бааллар. Кинилэри кытта дуогабар түһэрсиэхпитин сөп этэ. Хабаҕа син биир быраҕыллар. Биһиги хабаҕыттан эрэ силим оҥоробут. Биир хатыыстан балачча бороһуок тахсар. Онон сыаната ыарахан буолуон табыллыбат. Дьиҥэр, туһалаах гынан баран, үгүс ороскуоту, араас прибордары эрэйэр дьоһуннаах үлэ. Сэҥээрэр дьон үгүс. Биһиги ити чинчийиибит кэнниттэн, биологическай силими оҥорууга үгүстүк ылсан эрэллэр. Онон хайа эрэ өттүнэн, чинчийиэн баҕалаах дьоҥҥо идиэйэ биэрдибит. Салгыы үлэлэһээри, билигин бырайыак суруйа сылдьабыт. Табыллар түгэнигэр, салгыы үөрэтиэхпит.

БАРЫТА ҮПКЭ-ХАРЧЫГА ТИИЙЭН ИҤНЭР

— Салгыы чинчийэргэ төһө үп ирдэнэрий?

— Бачча диэн чопчу этэр кыаҕым суох. Тоҕо диэтэххэ, иммуногистохимическэй чинчийии оҥорор наада. Холобур, төһө эрэ кэм ааспытын кэннэ, силимнээбит уоргаммыт хайдаҕын хаттаан чинчийэн көрөбүт. Электроннай микроскопияҕа килиэккэни курдары көрөр аппараат ирдэнэр эрээри, биһиэхэ оннук суох. Аны силими оҥорон таһаарарга химик, физик, медик, фармацевт идэлээх бииргэ үлэлэһэр ааптардар баар буолуохтаахтар. Фармакологтарга анал раствордар наадалар. Физиктэргэ матрица сакаастыахпытын баҕарабыт. Салгыы үлэлиирбитигэр дьоһуннаах үбүлээһин көстүбэккэ, тохтоон хаалбыта. Билигин, эппитим курдук, бырайыак суруйа сылдьабыт.

ЦЕОЛИККА ЫЛСЫЫ

— Хатыыстан силими таһынан, өссө цеолиты косметологияҕа туһаныахха сөбүн эмиэ үөрэппит эбиккит дии.

— 1990-с сыллар ортолоругар, оччолорго СГУ инженернэй-тиэхиньиичэскэй бакылтыатын тутуу матырыйаалларыгар хаапыдыратын көрдөһүүтүнэн, цеолиттан эркин доруобуйаҕа дьайыытын бэрэбиэркэлээри, эспэримиэн оҥорбуппут. Сэбиргэхтээбит кырыысалары көннөрү уонна цеолиттаах килиэккэлэргэ олордубуппут. Сөҕүөхпүт иһин, цеолит эркиннээх килиэккэҕэ олорбут кыыллар кылгас кэм иһигэр үтүөрбүттэрэ. Ол иһин цеолиты мэдиссиинэҕэ хайдах туһаныахха сөбүн туһунан толкуйдаабыппыт. Цеолит куһаҕан ионнары бэйэтигэр оборон ылан, үчүгэйинэн солбуйар уратылаах. Онон бытарытан, ириҥэлээх бааска туһанан көрбүппүт. Эмиэ табыллыбыта. Бу тиэмэҕэ, билигин хаапыдыраҕа үлэлиир, мин салайыыбынан кандидатскай үлэтин суруйа сылдьар Мария Маркова үлэлэспитэ. Цеолит моделыгар быйыл патент ыллыбыт.

ДЬОН ДОРУОБУЙАТЫГАР ТУҺАЛААХ

— Чопчу туохха туһалааҕый? Көҥүлү ким биэрэрий?

— Косметологияҕа туһаныыга клиническэй чинчийиитэ номнуо оҥоһуллан бүтэн турар. Бу чинчийии түмүгүнэн, туһааннаах бородууксуйаҕа көҥүл ыларбыт хаалла. Көҥүлү анал хамыыһыйа эспэртиисэ оҥорон, ол түмүгэр олоҕуран биэрэр. Ол гынан баран, босхо буолбатах. Сөбүлэҥи ыларбыт буоллар, бородууксуйаны оҥорууга ылсан барыа этибит. Оттон чопчу туохха туһанылларын билиҥҥитэ арыйар кыаҕым суох, кэмиэрчэскэй кистэлэҥ. Арай, туһааннаах бородууксуйа дьон доруобуйатын бөҕөргөтүүгэ туһаайыллар диэн этиэхпин сөп.

ТУЙАХ ХАТАРААЧЧЫЛАРЫ ҮҮННЭРИИ

— Дарима Кышектовна, оскуола оҕолорун кытта хайдах дьарыктанаҕыт? Төлөбүрдээх дуо?

— Буор босхо. Оскуолалар, учууталлар, төрөппүттэр биһиэхэ сүбэлэтэллэр. Үксүгэр медик буолуохтарын баҕарар, үөрэҕи сэҥээрэр оҕолор кэлэллэр. Маннык тиэмэлэргэ чинчийии оҥоруоххутун сөп диэн сүбэлиибит. Эспэримиэнниир базабыт, усулуобуйа барыта баар. Наука босхо эрэ буоллаҕына, иннин диэки сыҕарыйар кыахтаах. Оттон бэлэм бородууксуйаны батарыы туһа туспа. Оҕолору оскуола эрдэхтэн наукаҕа сыһыаран, бэйэбит Сахабыт сиригэр, илиибит анныгар баар олохтоох матырыйаалы оҥорон таһааран, Арассыыйаҕа, тас дойдуга тиийэ тарҕатыахтаахпыт.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА