Ньурба улууһугар СӨ ситэриилээх былааһын ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуота ыытылла турар. СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуоттуур бөлөҕүн СӨ баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыларга миниистирэ, Ньурба улууһун куратора Евгения Григорьева баһылыыр-көһүлүүр. Хатыыга уонна Маалыкайга олохтоохтор тирээн турар боппуруостарын быһаарыстылар, бырабыыталыстыбаҕа этиилэри оҥордулар.
Олунньу 26 күнүгэр Евгения Григорьева салайааччылаах бөлөх Хатыыга уонна Маалыкайга үлэлээтэ. Миниистир кылгастык сүрүн хайысхаларынан өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһын ааспыт сыллааҕы үлэтин түмүктэриттэн билиһиннэрдэ. 2019 сылга СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуотун кэмигэр олохтоохтортон боротокуолга 86 этии киирбит, онтон 36,5%-на туолбут, 24%-на үлэҕэ сылдьар, 24%-на көрүллүбүт. Евгения Григорьева үрдүк күүрүүлээх “Сунтаар-Ньурба” уот линиятыттан саҕалаан улуус сүрүн туруорсар боппуруостарынан барар тэрээһин үлэлэрин иһитиннэрдэ. Ньурба куоратыгар тыйаатыр уонна 280 миэстэлээх оҕо саадын тутуута саҕаланна, Физкултуурунай-чэбдигирдэр комплекс уонна стадион тутуутун боппуруостара быһаарыллыахтаах. Улуустар икки ардыларынааҕы медиссиинэ киинин бырайыагын-симиэтэтин докумуоннарын алмаас үбүн суотугар улуус оҥорторо сылдьар, СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтинэн уонна СӨ Бырабыыталыстыбатынан федеральнай бырагыраамаҕа киллэриллэн тутуллуохтаах. Былырыын Хатыыга култуура саҥа дьиэтин туттарар туһунан этии киирбитэ. Эбийиэк «Сахам сирэ XXI-c үйэҕэ» хамсааһын чэрчитинэн тутуллуон сөп. Онуоха бырайыак уонна сайаапка киирэрэ кэтэһиллэр. Электро-уотунан ититиниигэ Хатыыга 33 ыал холбонон олорор, 2019 сылга 1 ыал холбоммут. Эргэрбит уот баҕаналарын уларытыы туһунан туруорсууга ОДьКХ уонна энергетика министиэристибэтэ хоруйдаабытынан, Маалыкай-Хатыы уот линиятын солооһунун ыраастааһын ыытыллар, онтон баҕаналар уларытыллыахтара. Мелиорация үлэтигэр туруорсууга сыһыаннаан эттэххэ, нэһилиэккэ тэриллиилээх хаһаайыстыба суох, сир хаһаайыстыбаҕа сыһыарыллыбытын туһунан докумуон уонна бырайыак баара ирдэнэр, 2019 с. нэһилиэктэн сайаапка киирбэтэх. Улуус баһылыга Алексей Иннокентьев нэһилиэк дьаһалтата мелиорация үлэтигэр бырайыагы оҥорон киллэрэригэр сорудахтаммытын, түргэнник хамсанан киллэрэллэригэр эттэ. Ууну мунньарга үрэҕинэн ууну киллэриигэ “Партнер” ХЭТ үлэлии сылдьар. Хатыыга уматык сыанатын, чэпчэки сыаналаах уматык оҥоһуллара наадатын, альтернативнай энергетиканы туһаныы, тыа хаһаайыстыбатын, дьэллик ыттар кыһалҕаларын, экология, иһэр уунан хааччыллыы, биэнсийэни үрдэтии, кытыы нэһилиэктэрин суол хаайтарыылаах кэмигэр сөп буолар эминэн эрдэттэн хааччыйыы, кулууп дьиэтин өрөмүөнүн таарыйдылар.
Кэпсэтиигэ Алексей Иванов, Александр Иванов, Григорий Анисимов, Мария Васильева, Иван Архипов кытыннылар. “Дьөһөгөй оҕото” музей үлэһиттэрин штаттарын сарбыллыытын утаран, итиэннэ олохтоох нэһилиэнньэ өрүскэ балыктыыр, ойуурга бултуур бырааптарын туруорсан күүскэ этиннилэр. Тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллэр үп ынах төбөтүгэр эбэтэр үүт тутуутугар бэриллэрин туһунан санааларын үллэһиннилэр. Субсидия сүөһү төбөтүгэр бэриллэр түгэнигэр үп-харчы эрдэ кэлиитэ хаһаайыстыба үлэтигэр-хамнаһыгар улахан көмөлөөх буолуоҕун бэлиэтээтилэр, үүт тутуллар сыанатын наһаа намтаппакка сөбүгэр үрдүк буолуохтааҕын эттилэр. Үүт тутуутугар бэриллэрэ ордук диэн санаалаах дьон өйөбүл уруккунан хаалар түгэнигэр көмө кээмэйэ ордук улахан буоларын бэлиэтээтилэр.
Маалыкайга отчуоттуур бөлөх “Айар Киин” норуот айымньытын саҥа дьиэтин үөрүүлээх аһыллыытын тэрээһинигэр кытыннылар. Миниистир Евгения Григорьева Маалыкай олохтоохторуттан былырыын киирбит этиилэринэн иһитиннэрии оҥордо. “Сунтаар-Ньурба” үрдүк күүрүүлээх уот линиятын тутарга 2 барыйаан үөрэтиллэ сылдьар, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Алексей Колодезников эбийиэк тутуллуутугар чопчу дуогабар түһэрсэр курдук үлэни ыытарга Ил Дархантан тус сорудахтаах. Маалыкайга 246 киһи электро-уокка субсидиянан туһанан холбонон олороллор. Суол боппуруоһугар сыһыаннаан эттэххэ, СӨ Суолун фондатыттан үбүлээһини биэрэр курдук Алексей Колодезниковы кытта кэпсэтии ыытыллыбыт. Быйыл суолу тутууга хамсааһын тахсара күүтүллэр. 2020 с. федеральнай бырагырааманан Ньурба-Сүлэ суола оҥоһуллуоҕа, 35 мөл. солк. – федеральнай үп уонна 6,9 мөл. солк. Суол фондатыттан үп көрүллүөҕэ. “Бүлүү” федеральнай суолга Дьаархан-Чаппанда уонна Куочайтан Ньурба к. тумнар суолу аспааллааһын үлэтэ барыаҕа. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 16 пуорт саҥардыллан оҥоһуллуохтаах, ол иһигэр Ньурба пуорда киирэн сылдьар. 2021 с. пуорт көтөр-түһэр балаһатын кытаанах бүрүөһүннээн оҥоруу саҕаланыаҕа, ону кытта гараж, хочуолунай, аварийнай-быыһыыр ыстаансыйа тутуута баар. Бу үлэҕэ барыта 2,9 млрд солк. былааннанан сылдьар. Степан Васильев аатынан сылгы собуотун өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр биэрэргэ үлэ бара турар. Манна анаан-минээн “Саха сүөһүтэ” хааһынаттан үбүлэнэр тэрилтэ салайааччытын солбуйааччы кэлэ сылдьар. Бу сыл иһигэр сылгы собуота өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр көһүөхтээх. Маалыкай олохтоохторо “Ыччат” микро-оройуонугар электро-уоту киллэрии, уопсай туһаныллар бултуур-балыктыыр сирдэр, судаарыстыбаннай бырагырааманан салгын уйуктаах суудунаны ылан биэрэр наадатын, дьэллик ыттарга хантан үптэнэн ирдэнэр сылаас приюттарын тутар туһунан, “Ньурба-Хампах” уот линиятын саҥардан тутуу, кырдьаҕастары эмтииргэ аналлаах гериатрическай балыыһа, уот, уматык сыанатын үрдээн иһиитин, Маалыкай учаастактааҕы балыыһатын куойкатын сарбыйыы, улууска медико-экологическай экспедиция кэлиитин, чааһынай аптекаларга эмп сыаната үрдүгүн, Бордоҥ нэһилиэгэ 250 сылын бэлиэтээһини өрөспүүбүлүкэ былааныгар киллэрии, биэнсийэ-хамнас кээмэйин үрдэтии, боростуой нэһилиэнньэ уонна салалта хамнаһын араастаһыыта олус үрдүгүн, үөрэхтэрин бүтэрбит оҕолорго ханна үлэлии баралларын урукку курдук тыырыы систиэмэтэ олохтонуутун, өрүс уутун хаачыстыбатын, быраабы араҥаччылыыр уорганнар балыктаан аһааччылары сокуону кэстилэр диэн бобон-тутан олус кытаанах эппиэтинэскэ тардар түгэннэрэ тахсарын уо.д.а. боппуруостары таарыйдылар. Эмиэ хатыылар курдук үүт субсидиятын ханнык көрүҥүнэн олохтуур ордук көдьүүстээх буолуоҕун ырытыстылар. Тыа хаһаайыстыбатын, доруобуйа харыстабылын, “уһук илиҥҥи ипотека”, нэһилиэнньэ дохуоттаах буолуутун уо.д.а. боппуруостарынан бэйэлэрин санааларын эттилэр, туруорсууларын киллэрдилэр. Кэпсэтиигэ нэһилиэк Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Прокопий Степанов, доруобуйа харыстабылын бэтэрээнэ Николай Николаев, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ Вера Соловьева, нэһилиэк баһылыга Леонид Ушканов, учуутал Мария Тыасытова, оскуола дириэктэрэ Федор Ушканов, пресс-киин үлэһитэ Александр Егоров, Анна Саввинова уо.д.а. кытыннылар. Түмүккэ нэһилиэктэр олохтоохторо СӨ ситэриилээх былааһын 2019 с. үлэтин биһирииллэрин биллэрдилэр.
Ньурба куоракка СӨ ситэриилээх былааһын ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуота олунньу 28 күнүгэр 17 ч. “Кыталык” култуура дьиэтигэр ыытыллар. Бу иннинэ 16 ч. дьону тус боппуруостарынан көрсүөхтэрэ. Бу күннэргэ Ньурба куоракка 2 саҥа эбийиэк – Биисинэс-инкубаторга IТ-киин уонна Убайааҥҥа саҥа бибилэтиэкэ дьиэтэ аһыллыахтара. IТ-киин аһыллыытыгар СӨ инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистирэ Анатолий Семенов кэлэн кыттара күүтүллэр.
Оробуочай бөлөххө үп миниистирин солбуйааччыта Надежда Филиппова, экэниэмикэ миниистирин солбуйааччыта Татьяна Лебедева, тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччыта Агния Симонова, экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччыта Яков Заровняев, СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын Дьаһалтатын олохтоох салайыныы боппуруостарыгар департаменын салайааччытын солбуйааччыта Афанасий Старостин, ОДьКХ уонна энергетика министиэристибэтин департаменын салайааччытын солбуйааччыта Наталья Петрова, СӨ генофондатын “Саха сүөһүтэ” тэрилтэтин салайааччытын солбуйааччыта Егор Посельскай бааллар. Улуус баһылыга Алексей Иннокентьев, кини солбуйааччылара, тэрилтэлэр салайааччылара арыаллааһыннаах 4 оробуочай бөлөх тэриллэн, бары нэһилиэктэри кэрийэн олохтоохтору көрсөн отчуоттуу сылдьаллар.
Геннадий Антонов https://ulus.media/2020/02/27/hatyylar-uonna-maalykajdar-otchuokka-etiilerin-killerdiler/