Хатыҥ Арыы ыччата үтүө дьыала тэрээһинин ыытта

Үтүө санааланыы тэрээһинин кэмигэр кинилэр үүммүт Саҥа дьылынан, Кыайыы 70 сыла түмүктэммитинэн 22 тыыл ветераныгар, 2 огдообоҕо, 1 Чурапчы көһөрүүтүн кыттыылааҕар, 1 сэрии тулаайаҕар — уопсайа 26 киһиэхэ, Намнааҕы кырдьаҕастар уонна пенсионердар дьиэлэрин 30 олохтооҕор, Намнааҕы приют 5 оҕотугар саҥа дьыллааҕы минньигэс бэлэхтэри үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.

Бу акция Хатыҥ Арыы нэһилиэгин «Ылдьаа ыччаттара» түмсүүтэ (салайааччылара Валентина Максимова уонна Матрена Винокурова) 2015 сыл күһүнүгэр Бүтүн Россиятааҕы «Океан» оҕо киинин ыҥырыытынан Владивосток куоракка баран III Бүтүн Россиятааҕы фестивальга добровольческай хамаандаҕа кыттан кэлбитэ. «Добровольцы XXI века», «Ылдьаа ыччаттара» Саха сирин аатыттан кыттыыны ылбыттара. Хамаанда «Патруль добра» диэн бырайыагы көмүскээбитэ уонна сэттэ Россия бастыҥ добровольческай хамаанда иһигэр киирбитэ.

This post was published on 25.01.2016 10:14 10:14