22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Хатыҥ Арыы оҕолоро сайыҥҥы үлэҕэ хамнас аахсыахтара

Хаартыска: Эҥсиэли хаһыат
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр бэс ыйын 3 күнүттэн «Бригантина» сервиснэй этэрээт үлэтин саҕалаата. Бу ыйга уопсайа 12 оҕо үлэлиэҕэ. Аппааныга тоҕус ( сал. Сивцева Н.Д.), Граф Биэрэгэр үс оҕо (сал. Сметанина С.П.).

Этэрээт оҕолоро сайын устата уулусса, былаһааккалар, стадион, сынньанар сирдэр бөхтөрүн хомуйуохтара, сквердэргэ мастарга, сибэккилэргэ уу кутуохтара, соҕотох олорор кырдьаҕастарга, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүөхтэрэ.

Билигин Госуслуга нөҥүө сайаапка, сайабылыанньа биэрии, докумуон үлэтэ барар. Олохтоох дьаһалта волонтер оҕолорго саҥа форма тиктэрэргэ сайаапка ыытта.

Олохтоох дьаһалта уонна дьарыктаах буолуу киин оҕолору хамнастыаҕа. Ол курдук, дьаһалта — 12026,40 солк., дьарыктаах буолуу киин — 6276,75 солк. төлүөҕэ. Манна киинтэн специалист Филиппова Антонина Ивановна үлэлэһэр, суруйда Надежда Сивцева @gazetaensieli

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА