Улуу киһибит суруйбута, кэрэ киһибит хаалларбыта көрөөччү дьүүлүгэр таҕыста. С.А.Зверев – Кыыл Уола суруйбут «Кулун кугас аттаах Куллустай Бэргэн» олоҥхото Хатастааҕы «Тускул» култуура киинин сценатыгар туруорулунна.
Төрүт дьоммут төлкөлөөх суолларын ойуулаабыттара, кэлэр кэмнэрин кэпсээбиттэрэ, инникилэрин ыралаабыттара хаһаас буолан хааһахтан тахсан, кэһии буолан сэргэхтик сэһэргэнэн, сахабыт тылын сүөгэйин – сөлөгөйүн иҥэринэн омуннуу түһэн ойуулаатахха «маннык ээ», эбэ түһэн эриэккэстээтэххэ «маннык ээ» диэн үйэлэри уҥуордаан, куйаар нөҥүө кутуллан, ситии нөҥүө ситимнэнэн күн бүгүн даҕаны тоҕоостоох буоларын иҥэриммит айымньыбыт – олоҥхо аан дойдуга ааттаттаҕа, ыраах дойдуга убаастаттаҕа. Кырдьыга да оннук. Ону сэтинньи 27 күнүгэр көрөөччү дьүүлүгэр тахсыбыт С.А.Зверев – Кыыл Уола суруйбут «Кулун кугас аттаах Куллустай Бэргэн» диэн олоҥхо толору дакаастаата. Айымньыны Хатас нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ, оҕотуттан аҕам дьонугар диэри түмсэн, 120-тэн тахса киһи оонньоото.
Бу үлэ хардыыта хайдах барбытын туһунан хаһыаттарга да суруйдубут, сайтарга да таһаардыбыт, «Саха» НКИК даҕаны хаста да кэпсээтибит. Олоҥхо буолла да аан бастаан төбөҕөр олоҥхону кэпсээччилэр, ааҕааччылар диэн киирэр. Кинилэр кимнээҕий?
— Вера Никитична Старкова – сахабыт тылын сайдыытыгар, оҕо эрдэхтэн эккэ -хааҥҥа иҥиитигэр үгүс элбэх анал ньымалаах, сүбэлээх – соргулаах, сыаллаах – соруктаах, таһаарыылаах үлэлээх убаастанар киһибит.
— Колымана Васильевна Ларионова – кыра оҕо эрдэҕиттэн култуураҕа сыстыбыт, үөрэҕин да, сүрэҕин – дууһатын да ылыныытынан дьиҥ сахалыы өйдөөх-санаалаах, суруйбута, барыллаабыта, маннык буолуо диэбитэ олоххо киирэригэр (олоҥхо туруоруутун Дьокуускай куорат дьаһалтатын “Норуодунай бүддьүөт” диэн хайысханан үбүлээһиҥҥэ туруорсуу бырайыагын ааптара) сүүрбүт – көппүт талба талааннаах, дэгиттэр дьоҕурдаах дьоһун киһи — фольклорга исписэлиис.
— Владимир Тихонов – П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатастааҕы орто оскуола учуутала, саҥаҕа-сонуҥҥа тардыһыылаах, бэйэтин ис туругар эрэллээх эдэр киһи. Владимир бу эйгэҕэ саҥа киирдэ. Хара маҥнайгыттан эрэллээхтик, кимиилээхтик үлэлээн, ылсан бэркэ диэн табыллан аахта.
Олоҥхо буолан үс дойдулаах, үрүҥ-хара күүстэр киирсэр түгэннэрдээх (айыы сирин бухатыырдара абааһылары кытта охсуһуулара), орто дойду дьоннордоох, кыыллаах-сүөллээх, көтөрдөрдөөх, дьөһөгөйдөөх, чараас эйгэҕэ сылдьар дьоннордоох (удаҕаттар, ойуун), күн үҥкүүтэ оһуохайдаах, куйаартан кутуллар тойуктаах, алгысчыттаах.
Испэктээги ылсыыга күүс көмө буолбут нэһилиэкпит тэрилтэлэрэ, дьоно: Хатастааҕы оҕо ускуустубатын оскуолата – “Иэйии” үҥкүү бөлөҕө, Аартык иччитэ Айыы Дарҕан – Саргылана Григорьева, Хуухээ Балдорж, ырыаһыт – Анастасия Охлопкова, «Ситим» оҕо айымньытын дьиэтэ – Осипов Алексей Дмитриевич, реквизиттэри бэлэмнээһин, “Кэрэчээнэ” оҕо уһуйаана – үҥкүү ансаамбыла, олоҥхоһут – Вера Старкова, Самсоновтар ааттарынан оскуола – үҥкүү ансаамбыла, хомусчут – Андрей Попов, олоҥхоһут Владимир Тихонов, кырыымпаһыт – Николай Андросов, ойуун оруолугар – Николай Протасов. Кинпилэр салайааччыларыгар Лемешева Христина Николаевна, Стручкова Саргылана Тарасовнаҕа, Николаева Галина Семеновнаҕа, Слепцов Николай Владимировичка барҕа махтал. Испэктээккэ Тускул КК иһинэн үлэлиир түмсүүлэрбит ким тугу сатыырынан тирэх буоллулар: “Утум иис” иистэнньэҥнэр, “Айхал”, “Сатабыл”, “Тускул” үҥкүү бөлөхтөрө, “Арчылаана”, “Кэрэ Куо”, “Сайдам” ырыа ансаамбыллара, “Дорҕоон суола” тыыннаах дорҕоон бөлөҕө.
Маны таһынан испэктээккэ киириэх иннинэ талаан тарбахтаахтар, имигэс илиилээхтэр оҥорбут оҥоһуктарынан – иис, уруһуй, кылтан оҥоһуктар, араас матырыйаалтан оҥоһуллубут олоҥхо геройдарын куукулалара, паннолар, хартыыналар быыстапкалара. Иискэ ордук болҕомтону тардыбыт үлэлэр СӨ норуотун маастар – Саввина Людмила Степановна ааспыт үйэтээҕи иистэри сөргүтэн тикпит саха таҥаһа – үс араас толору көстүүм буолла, ону таһынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэттэрэ, худуоһунньуктар В.Ефремов, Татьяна Попова хартыыналара, Хатастааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубаҕа уһуйар кылааһын оҕолорун араас сыллардааҕы уруһуйдара, “Кэрэчээнэ” оҕо уһуйаанын, Ситим оҕо айымньытын дьиэтэ үлэһиттэрин үлэлэрэ олоҥхо эйгэтин киэҥин – дириҥин сөхтөрдүлэр. Көрөөччүнү-кыттааччыны алаадьы дыргыл сытынан “Төрүт ас” түмсүү далбардара көрүстүлэр. Таһыттан туманы бүрүнэн киирбит хас биирдии киһи “Алаадьы сыта кэлэрэ тугун бэрдэй” диэн саҥа аллайан киирэн, сылаас алаадьыны амсайан сахалыы тыыҥҥа киирдилэр.
Өрөсүссүөр Евдокия Семенова быйыл култуураҕа үлэлээбитэ үйэ чиэппэрэ буолар сылыгар дьоһун айымньыны дьон-сэргэ болҕомтотугар оҥорон-тутан, чочуйан таһаарбыта эмиэ туһугар үрдүк таһым, үүнүү – сайдыы үрдүк үрдэлигэр үктэниитэ. Бу иннигэр араас хабааннаах драматическай айымньылары туруортаан тыйаатырга сонун сибиэһэй салгыны киллэрбитэ. Быйылгы үлэтэ төрүт тыл үтүөтүн, төрөөбүт тылбыт өркөнүн, кылаанын хас биирдии артыыстарыгар ырытан, илдьиритэн, өйдөтөн сахабын диэччи санаалаахха, тыллаахпын – өстөөхпүн, киһибин, омукпунан – сахатынан киэн туттааччыга бэлэх уунуу буолла.
Күүтүүлээх күммүт үүнэн, кэтэһиилээх киэһэбит кэлэн көрөөччүлүүн салгын нөҥүө алтыһан, бу тутан олорон көрдөрөн икки өттүттэн – (көрөөччү, туруорааччы) астыныы-дуоһуйуу ылан аныгыс көрсүөххэ диэри диэн тарҕастыбыт. Көрөөччүлэр санааларыттан быһа тардан этэн аһарар буоллахх, бука бары олус диэн дуоһуйбуттар:
— Барыта бэйэбит олохтоохторбут, бэйэбит оҕолорбут.
— Талаан норуокка баар диэннэрэ дьэ кырдьык.
— Талааннаах-дьоҕурдаах, баҕалаах дьоммут элбэхтэрин сөхтүм.
— Хатаска туойар, оһуохайдыыр дьон баара бэрт даҕаны.
— “Олоҥхо олохпут ситимэ” — силигин сиппит.
— Сахабыт тыла кэрэтин, баайын эдэр оҕолорбут илдьэ сылдьаллара итэҕэйдим, сахам тылын сүппэтигэр эрэлим улаатта.
— Өрөсүссүөр дьоһун кыайыыланна.
— Тыйаатырга саҥа сирэйдэр киирбиттэр.
— Оруоллары дьэ табан биэртэлээбит уо.д.а.
Артыыстары билиһэннэригэ хас биирдии артыыска көрөөччүлэр дохсун ытыстарын тыаһын, «браво, бис» диэн хаһыыларын доҕуһуолунан испэктээк түмүктэннэ, ордук Күн Нуоҕалдьын оруолун толорбут Күөрэгэй Корякина, бухатыыр атын толорбут Владимир Шамаев, Муус Субуйдаан уобараһын арыйбыт – Станислав Прокопьев тахсыыларыгар атах дибдигирээһиннээх буолуор диэри биһирээбиттэрин биллэрдилэр. Манна даҕатан этэр буоллахха уопут, уһун сылларга кылаадьыламмыт талаан, эдэр саас эрчимэ, оҕо саас омуна аҕам саас муудараһа буолан артыыстарбыт саастаахтар эдэртэн эрчимин,эдэрдэр саастаахтан сүбэтин ыланнар толору уобарастар баар буоллулар.
Испэктээги хаартыскаҕа түһэрэ – үйэтитэ кэлбит фотограф идэлээх Наталья Протопопова – айар тутар эйгэ киһитэ буоларын быһыытынан сүргэ көтөҕүллэн, санаабар санаа, өйбөр өй ыллым- эбинним диэн үөрэ-көтө санаатын үллэһиннэ.
Дьэ ити курдук «Тускул» КК “Олоҥхо олохпут ситимэ” бырагыраама биир чыпчаалын дабайда – олоҥхо турда! Аны өссө биир чыпчаалга тиийэхтээхпит — олоҥхо дьиэтэ баар буоларыгар дьулуһабыт диэн култуура бэтэрээнэ, СӨ үтүөлээх үлэһитин Людмила Чепалова тылларынан бу суруйуубун түмүктүүбүн.
Ааптар: Наталья Руфова, Хатас
This post was published on 28.11.2022 10:30 10:30