“Хатас” сопхуос киэҥ далааһыннаах үлэтин биир үгүс элбэх ситиһиилээх, кэпсээҥҥэ сылдьар кынаттаах кыайыылардаах хайысхата — Дьөһөгөй оҕотун иитиигэ этэ. Ордук сайдыбыт, үрдүк көрдөрүүлэрдээх көрүҥүнэн ат сүүрдүүтэ буолар. «Омос санаатахха, спорт көрүҥэ курдук эрээри, ытыктыыр убаастыыр Парасковья Павловнабыт сахалыы мындыр санаатынан, өркөн өйүнэн өйдөөн, үҥэр таҥара оҥостор Дьөһөгөйбүтүгэр болҕомто уурулуннаҕына төрүт үгэспит сайдарын, төрүт үгэспит сайыннаҕына орто дойду олоҕор тирэхпит чиҥиирин, эрэлбит кытаатарын, түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах буоларын өйдөөн туран улахан болҕомтотун уурара«, — диэн суруйда СИА-ҕа Хатастан Наталья Руфова.
Хатаһы ааттатар добун ааты ылбыт үтүөкэн дьонноох, уһулуччу сүүрүк аттардаах этибит. Бары да билэрбит, сэрэйэрбит курдук бу көрүҥ сүрдээх элбэх өйөбүлү-өйдөбүлү, үп-харчы да өттүнэн, өй-санаа да хайысхатынан эрэйэр уонна, биллэн туран, тус дьарыктанар дьон сыаллаах-соруктаах, тулуурдаах-дьулуурдаах буолуулара буоллаҕа. Бу умсугутуулаах, сүрэх өрүкүйүүлээх, турук тургутуулаах көрүҥ — ат сүүрдүүтэ төлкөнү төрүттүүр төрүт тыллаах, сиэдэрэй тыллаах дэгэрэҥ ырыалаах, доҕолдьутар добун тыллаах хомоҕой хоһоонноох, омуннуу түһэ-түһэ оҥорон ойуулуур, эбэн биэрэ-биэрэ сэһэргиир олоҥхолоох саргылардаах саһарҕалардаах саха омук барахсаны түмсэ түстэ да көмүөл күүһэ күүстэнэргэ, сомоҕолоһо түстэ силиһэ сиҥнибэт суон тиит саҕа сэнилэнэргэ олук уурар. Ол да иһин буолуо удьуор тардыытын утумнаан дьөһөгөй оҕотугар иилиллэн, сатабылы салҕаан, уруу дьону утумнаан бииргэ буолары биһирээн, кэнчээри ыччат тэнийэр кэхтибэт суолун тобулар тобуллаҕас өйдөрүнэн төрүттээбит түөлбэлэрэ төлкөлөөх, оҥорбуттара дьоһун, уһун үйэлээх – Соболевтар, Реевтэр, Пестеревтэр, Мордовскойдар, Осиповтар утум удьуордара.
Бу аҕыйах сыллааҕыта Реев Николай Федорович өрөгөйдөөх үбүлүөйүн киэһэтин ыытарбар кырдьыга да ат сүүрдүүтүгэр өрөгөй чыпчаалыгар тиийбит дьонноох, Сахабыт сирин киэҥ иэнигэр тэнийбит улуустарбыт ааттаах сүүрдээччилэрин убаастабылын, ытыктабылын ылбыт добун ааттаах биир дойдулаахпытынан киэн туттубутум. Саамай кэрэхсэбиллээҕэ бу тэрээһини сүгүрүйээччилэр бары түмсэн, сомоҕолоһон тэрийбиттэрэ буолар дии саныыбын – Мэҥэ Хаҥаластан, Амматтан, Хаҥаластан, Горнайтан, Хатастан, Тулагыттан бааллара.
Олохпут хардыыта аан дойдуну кытта тэҥҥэ хардыылаһар, уларыйар-тэлэрийэр, түһүүлээх да, тахсыылаах да кэмнэр буоллулар, буолуохтара да турдаҕа. Ол тухары уруккуну умнар, ааспыты аахайбат буолуу инники кэскили сарбыйарын өйдөөн туран, көлүөнэ ситимин, удьуор утумун тута сылдьар дьонноох буоламмыт өрөгөйдөөх үбүлүөйдэрдээх 2022 сылга сылын ахсын ыытыллар Ил Дархан бирииһигэр кыттан биир дойдулаахтарбыт – тренер-жокей Виталий Петров эрчийбит ата Эйн Бен Барс 2 бочуоттаах миэстэҕэ тигистэ.
Тренер Петр Протодьяконов, Ньурба улууһун чиэһин көмүскээбит, эрчийбит атыыра Эллизиум биэтэк көнөтүн 3 бочуоттаах миэстэнэн түмүктээтэ.
Ат сүүрүүтүн фаната, үйэтитээччи, тарҕатааччы, тэнитээччи, дьоҥҥо сэргэҕэ тиэрдээччи дэгиттэр талааннаах сырдатааччы, аккредитованнай кэрэспэдьиэн, комментатор Михута – Михаил Мордовской кытыннылар. Көрөбүт курдук тренер да баар, сүүрдээччи да баар, сырдатааччы да баар.
Биллэн туран маннык көрдөрүү төгүрүк сыл биир да күнү көтүппэккэ сылаалаах-элээлээх, сындааһыннаах үлэ, үп-харчы хамсааһынын түмүгэ. Маны соҕотох киһи хайдах даҕаны эт-хаан, өй-санаа да өттүнэн уйуммат, манна кини таһыгар өйүүр-өйдүүр, көмө тирэх буолар дьон бааллар: дьиэ кэргэттэрэ, аймах-билэ дьоно, биир санаалаахтара сылгылаах-сүөһүлээх Систир Алексеев, Андрей, Николай Осиповтар, Николай Мордовской, Артемьев Николай, убайдыы-бырааттыы Пантелеймон, Иван, Михаил Мордовскойдар (манна даҕатан эттэххэ Николай Артемьев кинилэр уруу-хаан бырааттара буолар).
Хатаска ат сүүрдүүтүн устуоруйатын сырдатан ааһарыгар СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин, төрүт үгэһи тутан олорооччу, улахан дьиэ-кэргэн аҕа баһылыга Н.П.Осиповтан көрдөспүппүн маннык диэн сэһэргээтэ:
— Аан маҥнай ат спордун сөргүппүт, Соболев Владимир, Александралаах аҕалара буолар. Ону утумнаан Соболев Ваня бэйэтин кэмигэр, ситиһиилээхтик ат сүүрдэр этэ. Мордовской Баһылай бырааттыы Мордовскойдар аҕалара, республикаҕа аатырбыт, элбэх рекорд хаһаайката Лира диэн биэни, киэҥ эйгэҕэ таһаарбыта, ону тэҥэ Гаврильев Алексей /Сыына/ Ростовскай уобаласка баран, анал тренер үөрэҕэр үөрэнэн кэлбитэ. Ол кэлэн олус таһаарыылаахтык үлэлээн Канарейка, Козырь, Лира, Казачок курдук республикага киэҥник биллэр сылгылары эрчийбитэ. Онтон дьэ Реев Николай Федорович кэмэ кэлэр. Ону тэҥэ биһиги бырааппыт Пестерев Гена тахсар. Реев — Пестерев диэн ааттар тэҥҥэ ааттанан биирэ тренер, биирэ жокей быһыытынан биллэллэр. Үөрэтээччи — үөрэнээччи биир таһымҥа, биир тыыҥҥа, тэҥ тэтимҥэ киирэннэр, Хатастарын аатын дорҕоонноохтук ааттаталлар. Эрчийбит аттара Лира, Казачок рекордтарын билиҥҥээҥи дылы куоһара иликтэр. Онтон Күндээр уонна Хаҥалас улууһун Улахан Ааныттан Мелекуш күөн көрсүһүүлэрэ, бэйэтэ туспа үөрүүлээх өрөгөйдөөх да эбэтэр бэрт кыраттан сап-саҕаттан субу кыайыыны мүлчү тутан харах уулаах, санаа түһүүлээх түгэннэр буолаллара. Ол эрээри саха ньоҕой хотторуу, хомолто төттөрүтүн кымньыылаан биэрэн, өссө күүскэ үлэлээн, ситиһиилэр эмиэ биһиги диэки хайыһаллара.
1995 сыллаахха киэҥ далааһыннах күрэххэ, илин-арҕаа диэн ат сүүрүүтүгэр Арҕаа эҥэрдэр 14 атынан, Нам, Тулагы, Хаҥалас, Хатас хамаандата, 80 аттаах, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Таатта, Чурапчы хамаандаларын кыайан, республикаҕа аан бастаан олохтоммут муҥутуур бирииһин УАЗ массыына хаһаайынынан буолбуттара. Онно уопсай сүбэнэн, биир санаанан бу бирииһи Реев Н. Ф. биэрбиттэрэ. Ол кэнниттэн Реев Н. Ф. өссө 2 саҥа УАЗ массыынаны, ат күрэҕэр кыайан, Хатас коллективнай хаһаайыстыбатыгар биэрэн турардаах. Бу 90 сылларга олохпут оҥкула уларыйбыт кэмигэр, сүрдээх улахан төһүү күүс буолара.
Ону тэҥэ бэйэлэрин кэмнэригэр ат сүүрдүтүнэн утумнаахтык, таһаарыылаахтык аҕалаах уол Павел, Руслан Пестеревтар дьарыктаммыттара. Саныырга да астык утум ситимэ баара. Билиҥҥи кэмҥэ ат баайыытынан дьарыктанар үп-харчы, булуу-талыы өттүнэн ыарахан, ону ол диэбэккэ Хатаска күтүөт буолан кэлбит Петр Протодьяконов утум салҕааччы буолан, Хатас аата бүтүннүү республикаҕа ааттанар.
Кэлиҥҥи кэмнэ боруода аттары тэнитэргэ элбэх үлэни Егор Степанов ыытан турардаах, эдэр ат спордун сэҥээрэччилэр Андрей Осипов, Систир Алексеев, Пантелеймон Мордовской туора турбаттар, хайдах сатанарынан, күүс-көмө буола сылдьаллара кэрэхсэбиллээх, биһиги хатастар урут бүтүн республикаҕа ньиргийэн олорбут дьон буоллахпыт, үтүөлээх тренер да баар, маастар-жокей да баар, ол эрэн сүрүн итэҕэспит үчүгэй аппыт эрэ суох.
Хатастар 25 төгүлүн ыытыллар Туймаада ыһыаҕар улахан, сүрүн түһүлгэлэригэр – ат сүүрдүүтүгэр, иис-күүс, уус күрэхтэригэр, Аар Кудук Чэрчи маска, театр түһүлгэтигэр, Дыгын оонньуутугар, мас тардыһыыга аан дойду чемпионатын түмүк киирсиилэригэр сиэргэ-туомҥа кыттааччы, ыытааччы, сырдатааччы, эрчийээччи, сүрүн спонсор барытыгар кыахпыт баарынан кытынныбыт.
Ааптар: Наталья Руфова, Хатас
This post was published on 29.06.2022 15:24 15:24