22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Хатастар Алексей Мокрощупов аатынан тустуу турнирыгар ситиһиилээхтик кытыннылар

Фото: Наталья Руфова, Хатасский наслег
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

ССРС көҥүл тустууга маастарын Мокрощупов Алексей Васильевич бирииһигэр көҥүл тустууга аһаҕас өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир Дьокуускайга буолан ааста. Күн-дьыл тохтообот айана сандал сааскы күннэргэ тириэрдэн тиллии – тыллыы, кэлии-барыы, уһун кыһын устата туохха үөрэммити, дьарыктаммыты дьоҥҥо – сэргэҕэ тиэрдии, көрөөччү дьүүлүгэр таһаарыы буола турар.

Сылын аайы ыытыллар, күүтүүлээх-кэтэһиилээх уонна эппиэтинэстээх тэрээһин – Хатас нэһилиэгэр аан маҥнайгы уонна соҕотох ССРС көҥүл тустууга маастарын Мокрощупов Алексей Васильевич бирииһигэр көҥүл тустуугар аһаҕас өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир буолан ааста. Бу күрэх сүүрбэттэн тахса сылын ыытыллар.

Оҕо спортивнай оскуолатын тустууга тренерэ Осипов Александр Павлович бу курдук сэһэргээтэ:

— Быйылгы күрэх муус устар 19 күнүгэр Дьокуускай куоракка, В. П. Керемясов аатынан үһүс нүөмэрдээх спортивнай оскуолаҕа ыытылынна. Күрэхтэһии сүрүн судьуйатынан уопуттаах, элбэҕи билэр-көрөр Афанасьев Станислав Егорович үлэлээбитэ, күрэхпит таһымын үрдэттэ. Күрэх ыытыыллыытын хаачыстыбата (мөккүөр, моргуор суох буолуута) сэкирэтээртэн улахан тутулуктаах, онон манна сөбүлэнэн үлэлээбит Кривошапкин Вячеслав Александровичка махталбыт улахан. Тыл-өс суолтата сүргэни көтөҕүүгэ, бэйэ бодону хомунан туста тахсыыга, дьон интэриэһин тардыыга улаханын өйдүүбүт, онон спортивнай комментатор Васильев Александр Васильевич – Көрдьүгэн курдук ааттаах суоллаах киһи ыыппыта барыбыт – кыттааччылары, көрөөччүлэри сүргэтин көтөхпүтүгэр кини талааныгар сүгүрүйэбит. Күрэхтэһиибит кэҥээн Кэбээйи, Нам, Горнай, Аллайыаха улуустарыттан уонна Дьокуускай куорат хамаандалара СДЮСШ -3, Хатас, Марха, 33, 21, 25 нүөмэрдээх оскуолалар, И.И. Захаров аатынан Хатастааҕы 7 нүөмэрдээх оҕо спортивнай кытыннылар. Уопсайа 104 эдэр бөҕөс, тоҕус ыйааһынынан күөн көрүстэ.

Турнир бастыҥ тустууктарынан буоллулар:

35 киилэҕэ чемпион Новиков Артем (Хатас)
52 киилэҕэ тэҥнээҕин булбата Слепцов Альмар (Хатас)
42 киилэҕэ эрэллээхтик бастаата Скрябин Соломон (СДЮСШ-3)

Хатастааҕы спорт оскуола кэлэктиибэ күрэхтэһиини тэрийсибит тэрилтэлэргэ, биирдиилээн дьоҥҥо махтанар. Эһиги көмөҕүтүнэн Хатаска оҕо спуорда, көҥүл тустуу сайда туруоҕа.

Александр саха киһитин сиэринэн олус сэмэй буолан, бу күрэххэ кини ситимнээх үлэтэ чаҕылхайдык көстүбүтүн бэлиэтээн эппэтэ. Ону бэлиэтээн этэр эбит буоллахха, күн бүгүн кини 40 тахса оҕону дьарыктыыр буоллаҕына, 2013 сылга бу дуоһунаска киирэригэр уонча оҕо эрэ баара. Бу уон сыл үлэлиирин тухары кини төлүтэ биэртэлээн биирдэ үөһээ, биирдэ аллараа буолбакка, сахалыы дьоһуннук, сыыйа, тэринэн, анааран көрөн, бииртэн биир оҕону таһааран, кэлиҥҥи сылларга ситиһиилэринэн сирдэтэн, 1 оҕо Чурапчы спортивнай оскуолатыгар, 1 оҕо Дьокуускай куорат 3-с нүөмэрдээх оҕо спортивнай оскуолатыгар, биир оҕо УОР-га барбыттара. Александры кытта сэһэргэһиигэ эрчийэр оҕолоргун кытта үлэҕэ төрөппүттэр оруоллара хайдаҕый диэн боппуруоска эппиэт маннык буолла: «Биллэн туран, төрөппүт оруола олох улахан. Мин ордук аҕа оруолун чопчулаан этиэм этэ. Төһөнөн аҕа чуолкай сыаллаах-соруктаах, тус бэйэтин холобурунан олоххо дьулууру, тулууру иитэр, соччонон оҕо олоххо сыһыана, сыалы-соругу туруоруута үтүө түмүктэрдээх буолааччы. Холобур быһыытынан Оконушкин Георгийы (сэттэ уол аҕата), Егоров Дениһы (эмиэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аҕата) уонна Новиков Александры ааттыам этэ. Манан сибээстээн эттэхпинэ, бу ыаллар оҕолоро бары ситиһиилээхтик кытта, кыайа-хото сылдьаллар. Оконушкиннар икки уоллара Чурапчы спортивнай оскуолатыгар үөрэнэр чиэскэ тигистилэр. Александр Новиков айаннаах буоллубут да хайаан да көмөлөһөр.
Спорт эмиэ олох хайа баҕарар хайысхатыгар курдук ситимнээх, дьэҥкэ сыалаах –соруктаах буолууну эрэйэр, ол оҕо уонна төрөппүт, тренер бары биир санааҕа киирэн таба тайаннахтарына кэлэр. Спордунан дьарыктаныы оҕоҕо бэйэҕэ эрэллээх, бэйэ бэйэҕэ болҕомтолоох буолууну иитэр. Бу олоххо наһаа наадалаах хаачыстыба.

Кэпсэтии-сэһэргэһии кэннэ Александр Павлович этиилэриттэн, эппиэттэриттэн наһаа сөбүлээбит этиим маннык: «Мин санаабар олоххо ыарахаттар, мэһэй-моһол куруутун баар, олох туох барыта үчүгэй диэн кэм баарын билбэт курдукпун. Онон күүстээх баҕалаах, тугу баҕараргын чуолкай билэр буоллаххына сыыйа ситиһиэххин сөп дии саныыбын. Сүрүнэ баҕаҥ кыаҕы таһынан буолбата ордук, онтон ситиһии кэлэн истэҕин аайы таһымы үрдэтэн иһиэххэ сөп. Өссө дириҥ махталым үлэлиир кэлэктииппэр хас биирдиилэригэр тиэрдиэхпин баҕарабын».

Күрэхтэһии спонсордарыгар Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолата (директор Слепцов Николай Владимирович), Хатастааҕы сибиинньэни иитэр комплекса (генеральный директор Романов Владислав Владимирович), күрэхтэһии ыытыллыытыгар дьиэлэрин-уоттарын туран биэрбит Валерий Петрович Керемясов аатынан үһүс нүөмэрдээх спортивнай оскуола кэлэктиибигэр (директор Василий Васильевич Уйгуров) Хатас спорт оскуолата уонна Хатаска көҥүл тустуунан дьарыктанар оҕолор төрөппүттэрин ааттарыттан махталы тиэрдэбит.

Маны таһынан бу күрэҕи көҕүлээччи, саҕалааччы уонна сүрүн спонсор биллэн туран ССРС спордун көҥүл тустууга маастара Алексей Васильевич Мокрощупов дьиэ-кэргэнэ, аймах – билэ дьоно (эппиэтинэстээх Саргылана Николаевна Сивцева), кэргэнин Александра Михайловна хаан –уруу аймахтара – Валентин Соров уолунаан Михаил Соровтыын буоллулар.

Быйылгы күрэх биир үтүө сонунун Филипп Иннокентьевич Охлопков аҕалла, ол курдук кини Саха АССР көҥүл тустууга 1964 сыллааҕы чемпионатын кыайыылааҕын – чөмпүйүөн үрдүк аатын сүкпүт Охлопков Прокопий Иннокентьевич туһунан кинигэни оскуолаҕа бэлэхтээтэ уонна анал бириис туруорбутун туһунан биллэрдэ. Манна даҕатан эттэххэ ол бириис хаһаайына Керегяев Максим буолла. Күрэх тоҕус категориянан – ыйааһынынан барбыт эбит буоллаҕына алта категорияҕа — ыйааһыҥҥа Хатас ааттанна.

— Слепцов Альмар
— Новиков Артем
— Осипов Виктор
— Колесов Марсель
— Николаев Петр
— Постников Дамиан
— Керегяев Максим
— Платонов Николай
— Тимофеев Сандал

Ааптар: Наталья Руфова

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА