“Тускул” култуура киинэ 85 сыл – (айар – тутар сезон) тухары хаһан даҕаны дьон тилэҕин көрбөтөҕө, куруутун инники күөҥҥэ буолар. Ол да иһин бэйэтин кэмигэр СӨ президенин ситимнээх үлэлээх тэрилтэлэрин ахсааныгар киирэн бастыҥнар ахсааннарыгар уонунан сылларга тэтимин ыһыктыбакка сылдьар. Куруутун инники сылдьар кэлэктиип мэлдьи билиини-көрүүнү үрдэтэр, саҥаттан саҥаны ылсар, сонунтан сонун хардыылыыр. Уруккуну умнубакка, билиҥҥини кытта сатабыллаахтык ситимниир салайыылаах. Бу тускуллар сүрүн күүстэрэ.
Култуура үрдүкү салалтата баар нуорма-быраап балаһыанньатыгар олоҕуран, чахчы үлэлиир кыахтаах кэлэктиипкэ ботуччу улахан сууманан көмө оҥорор. Хатастааҕы “Тускул” култуура киинэ министиэристибэтин билиниитин ылар.
“Тускулга” оҕоттон саҕалаан ытык саастаахтарга тиийэ бэйэлэригэр туһааннаах хайысханы буланнар ыллыыллар-туойаллар, уруһуйдууллар, уһаналлар, иистэнэллэр, хоһоон-ырыа айаллар, артыыстыыллар, киинэлэргэ уһуллаллар, үйэтититии үлэтин ыыталлар.
Кэлэктиип исписэлиистэрэ хас биирдиилэрэ уопсай үлэ туһугар тиритэ-хорута, астына- дуоһуйа үлэлиир-хамсыыр. Аны хас биирдиилэрэ бу мин саҕалаабытым, толкуйдаабытым диирдээхтэрэ кэрэхсэбиллээх. Ол да иһин буолуо “Тускул” КК иһинэн “Тускул” кинотеатр, Хатас норуодунай театра, “Дом ремесел”, “Хатас нэһилиэгин историятын музейа” уо.д.а. тэриллэн, ситиһиилээхтик айаллар-дьайаллар. Айар аартык дьайыыга тиэрдиитэ хаһан баҕарар толкуйдаабыты олоххо киллэрии, былааннаммыты көрөөччүгэ тиэрдии буолар. Баҕа санаа туолуутугар, олоххо киириитигэр үрдүкү салалта кэмиттэн кэмигэр көмө-тирэх буолара хайҕаллаах суол.
2022 сыл «Тускул» кэлэктиибэ СӨ култууратын министиэристибэтин “СӨ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн үбүттэн 50000 диэри нэһилиэнньэлээх пууҥҥа култуура тэрилтэлэрин материальнай-техническай базатын тупсарыыга субсидия” диэн бырагырааматынан улахан көмө ылан, уот-күөс өттүгэр күүһүрдэ. Ол курдук, субсидия көрүллэр бары ирдэбилин толорон, куонкуруһу ааһан, 1 мөл тахса солкуобайдаах уот-күөс техниката атыылаһылынна. Дуогабар быһыытынан Москва куораттан “Кубер” диэн ХЭТ бөһүөлэккэ диэри тириэртэ. Кэлбит техниканы “Тускул” КК звукорежиссера Иванов Алексей Владимирович таҥна. Инньэ гынан быйылгы айар-тутар сезоҥҥа үтүө сонуннаах, кэрэ кэпсээннээх көрүстүбүт.
Ханнык баҕарар култуура тэрилтэтэ үлэтин-хамнаһын биир сүрүн хайысхата төһө кыалларынан элбэх киһиэхэ сырдыгы, кэрэни тиэрдии буолар. Киһи-аймах олох сайдыытын тэтиминэн, хардыытынан ирдэбилэ үрдээн, кэҥэээн иһэр. Ол баа буолбатах. Хаһан эрэ борук-сорук уокка баян доҕуһуолунан иэйэн-куойан ыллаатыҥ да көрөөччү эйиэнэ буола түһэр эбит буоллаҕына, билиҥҥи көрөөччү ол иэйии-куойуу дорҕоон, куолас эрэ көмөтүнэн буолбакка уот-күөс, тыас-уус, сценография үрдүк таһымын күүтэр. Наһаа үчүгэй кэнсиэр эрээри уота-күөһэ мөлтөх үһү диэн буолар. Билигин хатастар толору буоллубут.
Наталья Руфова, Хатас
This post was published on 10.10.2022 09:25 09:25