Самаан сайыммыт сайаҕас күннэрэ үүнэн кэлбит көмүс күһүннүүн көрсөр ардыгар мөккүөр-моргуор, ардыгар ил-эйэ тыыннаах күннэрэ Улуу Суорун айыытын кэмэ буолар. Кырдьыга да оннук, субу отукка эрэ тиийбэт итии күн туран сарыҥҥытыгар дьэбин уостан, ньимиччи туттан дьэ тугу гынар эбиккитий диирдии күннэр-дьыллар буолуталаатылар.
Ол да буоллар саха киһитэ барахсан оччоттон баччаҕа диэритин күнтэн-дьылтан тутулуктаммакка дьаһанан-мүһэнэн, салаллан олох устун айаннаан кэллэҕэ. Бу күннэргэ Хатаспытыгар ыраастаныы, хомунуу, сөргүтүнүү, саҥаны да тутуу, уруккуну да саҥардыы хас биирдии да ыалга, уопсастыбаннай да сирдэргэ буола турар. Олортон биирдэстэрин сырдатан ааһар буоллахха быйылгы сылга СӨ чөл олоҕу көҕүлүүргэ 100 анараа өттүгэр саҕаламмыт физкультура уонна спорт хамсааһыныгар уонна Хатастааҕы спортивнай оскуолабыт 20 сылыгар анаммыт “100 сыл – 100 солкуобай” диэн аахсыйанан хомуллубут үп-харчы Совхознай уулуссаҕа спортсменнар аллеяларын оҥорууга ананна.
Сүүстэн тахса тыһыынча солкуобай хомуллубутунан матырыйаал атыылаһан эргэ палисадниктары көтүрэн саҥалары тутуу буолла. Нэһилиэнньэ сүрдээх көхтөөхтүк кытынна. Ким буур уларыста, ким тус бэйэтэ кытынна. Элбэхтэн аҕыйаҕы ааттаан ааһар буоллахха Жирков Руслан Иннокентьевич, Саввин Гавриил Михайлович, Ефремов Семен Германович, Саввин Андрей Андреевич, Павлов Руслан Николаевич уо.д.а. Үп-харчы өттүттэн аан бастакынан биэрбиттэртэн ботуччу суумманы – 5000 солкуобайы ыыппыт сэрии-тыыл бэтэрээнэ Желобцова Софья Спиридоновнаҕа махталбыт улахан. Онтон тутуу, оҥоруу өттүн Гоголев Евгений Егорович салайааччылаах Хатастааҕы спортивнай оскуола дьоҕус эрээри иллээх-эйэлээх, туруу үлэһит кэлэктиибэ, олохтоох дьаһалта кэлэктиибэ, “Тускул” КК, нэһилиэк көхтөөх олохтоохторо нэдиэлэ ортотуттан субуотунньуктааннар бу баскыһыанньаҕа түмүктүүр үлэлэр бардылар. Инньэ гынан аптаах ыйар мас хамсаабытыгар курдук эмискэ биирдэ, тэбис тэҥинэн саҥа палисадниктар кылбас гынан тахсан кэллилэр уонна аҕыс уонтан тахса мас олордулунна!
Биир дойдулаахпыт Айталина Григорьевна Козлова — Егорова бэйэтин даачатыттан уонунан сылларга биэбэйдээн үүннэрбит бэстэрин оҕолорун – бэрдьигэстэри уонна боярышнигы – долохуналары аҕалан уонча маһы олортулар.
Ыалдьыттарбыт бэлиэтээн эппит үтүө өрүттэриттэн этэн ааһар буоллахха нэһилиэккэ киирииттэн саҕалаан нэһилиэк ырааһын, хайдах эрэ ис иһиттэн хомуллуулааҕын, дьоно-сэргэтэ күрэх буоллун, субуотунньук буоллун, атын да тэрээһиннэр да буоллуннар көхтөөхпүтүн, түмсүүлээхпитин үрдүктүк туттулар. Мантан киһи үөрүөн эрэ сөп буоллаҕа.
Саха дьонун үтүө үгэһин өрө тутар “Тускул” КК иһинэн үлэлиир “Төрүт ас” түмсүү субуотунньук дьонун ис үөрэтин миининэн, борщунан, алгыстаах алаадьынан, собо балыктан буһарыллыбыт … алаадьынан, оҕуруот аһын арааһыттан оҥоһуллубут салаатынан, итии үүттээх чэйинэн күндүлээтилэр.
Аны мантан антах бу аллеяҕа анал стендэлэр туруохтара, мас-от олордуута ситимнээх үлэлээх буолуоҕа диэн эрэнэбит. Аллея үүнээйилэрин көрүүгэ-харайыыга олохтоох нэһилиэнньэ, чуолаан бу уулусса олохтоохторо сыаллаах-соруктаах үлэни ыыталларыгар эрэлбит улахан.
Наталья Руфова