Хатас нэһилиэгин олохтооҕо Наталия Нохсорова табыгастаах оҕуруотчут. Сайын аайы кинилэр тэлгэһэлэригэр араас дьэрэкээн сибэкки, оҕуруот аһа дэлэйдик үүнэр, диэн НВК телеграм-ханаала суруйар.
Сылын ахсын туох эмэ саҥа көрүҥү үүннэрэр эбит. Ол курдук, быйыл «Гигантский Атлант» диэн тыква суордун бастакытын олордубут. Тыква 112,30 киилэҕэ дылы улааппыт, төрдүө буолан нэһиилэ көтөҕөн киллэрбиттэр.
«Тыква төһө да улааттар хаҕа олус чараас, кэбирэх, киһи тыҥыраҕынан да солоон ылыан сөп курдук. Аны аһа ханнык да суортааҕар минньигэс, дыня курдук сымнаҕас», — диэн сатабыллаах Далбар хотун Наталия Устиновна үөрүүтүн үллэстэр.
This post was published on 07.09.2023 17:10 17:10