Хатас сэлиэнньэтигэр спортивнай сааланы тутуу бара турар. Былырыын сыбаайатын туруорбуттара, быйыл объект тутуута салҕанан барыаҕа. Ол туһунан премьер- министр Андрей Тарасенко салайааччылаах бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр иһитиннэрдилэр диэн, СИА кэпсиир.
Билигин сыбаайа хонууга толору бэлэм. Бу сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн сороҕо Дьокуускай куоракка тиэрдиллиэҕэ. Андрей Тарасенко олохтоохтор ыйытыыларыгар хоруйугар, тутуу салгыы барыа диэтэ.
Саҥа тутууну «2020-2024 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр физическэй култуура уонна спорт сайдыыта» диэн Саха сирин судаарыстыбыннай бырагырааматынан тутуллуоҕа. Дьиэ уопсай иэнэ 2 285,36 кв. м, тутуу иэнэ-1 929,17 кв. м.
This post was published on 10.03.2022 17:01 17:01