Арассыыйа үрдүнэн биллэриллибит “Учуутал уонна наставник” сылыгар анаммыт интэриэһинэй, инникигэ көрүүлээх уонна саамай сүрүнэ олус туһалаах тэрээһин — научнай-практическай конференция Хатастааҕы оҕо искусстволарын оскуолатын көҕүлээһининэн, “Геокултуурунай сайдыы үнүстүтүтүн” СӨ ГБУ уонна Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын өйөөһүнүнэн Хатаска буолла. Конференция 4 хайысханан арахсан: үнүстүрүмүөҥҥэ толоруу, театр, музыкальнай фольклор, күргүөмүнэн ыллааһын, теоритическай дисциплиналар, үҥкүү эйгэтигэр уонна ойуулуур –дьһүннүүр ускуустуба диэн секцияларынан ыытылынна.
Конференцияҕа барыта 51 преподаватель 45 бырайыагы көмүскээтэ, ол иһигэр кэтэхтэн 23преподаватель 21 бырайыагы ыытта. Тэрээһин өрөспүбүлүкэтээҕи диэн статуһун дьиҥ чахчы толордо – ол курдук 12 улуустан, Дьокуускай куораттан, куораты тула сытар нэһилиэктэртэн кытыннылар.
Конференция таһыма үрдүгүн, сыанабыл биэрээччи дьүүллүүр сүбэ састааба толору дакаастыыр – “Геокултуурунай сайдыы үнүстүтүүтүн” СӨ ГБУ уонна Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын исписэлиистэрэ, М.Н. Жирков аатынан музыкальнай колледж, Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжын, П.П.Романов аатынан ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба колледжын преподавателлэрэ, Дьокуускай куорат уокуруктааҕы норуот айымньытын киинин исписэлиистэрэ СӨ уопсай үөрэхтээһин, анал үөрэхтээһин, култуура үтүөлээх уонна туйгун үлэһиттэрэ, чинчийэр үлэни ыытар үлэһиттэр, Дьокуускай куорат 1,2 нүөмэрдээх оҕо ускуустубатын оскуолаларын учууталлара.
«Мин үлэлэспит секциябар 15 үлэ баарыттан, 4 кэтэхтэн кэлбит. Үчүгэйэ диэн биир да үлэ хатыласпат хайысхалаах, ураты суоллаах, бэйэ буочардаах, айар-тутар эйгэлээх буолан биэрдэ. Хас биирдии үлэ дакылааччыт дьиҥ чахчы сүрэҕин-дууһатын нөҥүө аһарбыт бырайыага буолан, этэргэ дылы, ырыа курдук ылбаҕай, хоһоон курдук хомоҕой, ис иһиттэн сибээстэһэн, ситимнэнэн ситии быатыныы быстыбат, саламалыы киэркэйэн иһэр. Манна саҕалааччы да баар, уонунан сылларга иитийэхтээн, ситэрэн-хоторон, дириҥэтэн биэрбит да баар. Түмүктэрэ биир оннук, оскуола, нэһилиэк иһиттэн арассыыйа да таһымнаах баар. Ким эрэ аныгылыы ытыс иһигэр батар флешкаҕа батаран аҕалбыт, ким эрэ көтөх муҥунан сүгэн-көтөҕөн аҕалбыт. Саха омук хаһан баҕарар тутан –хабан, амсайан, имэрийэн-томоруйан, таһын-иһин сирийэн көрөрүн сөбүлүүр, ол чэрчитинэн ордук улахан болҕомтону, сэргээһини Ньурбаттан айаннаан кэлбит Егорова Алиса Васильевна “ Өбүгэ дьоммут тыыннаах нэһилиэстибэлэрэ — быысапкалааһын” диэн ааптарыскай бырайыага ылла.
Дьэ баай уопут, өбүгэбит өркөн өйүн, сатыбылын, үөрүйэҕин киэҥ-дириҥ далааһынын этинэн-хаанынан билии уонна саамай сүрүнэ ону оҕолорго тиэрдии үрдүк чыпчаала манна баар эбит. Көрүөхтэн кэрэ, киһи хараҕа халтарыйар дьикти үчүгэй көстүүлэрэ. Санаан көрүҥ сабы араас ньыманан тигэн өҥү-дьүһүнү уруһуйдьут киистэтин суолун курдук тигии маастарыстыба чынайар чыпчаала буоллаҕа! Киһи бэйэтин үлэтин маннык таптыыр, өрө тутар, үөрэтэр оҕолорун кыаҕын, дьоҕурун, майгытын уратыларын олох үчүгэйдик билэр эрэ буоллаҕына маннык үрдүк таһымнаах үлэ тахсара мөккүөрү үөскэппэт. Кини кэпсээнин истэн олорон иистэнэ олорор оҕо тугу саныырын, сатаабытыттан үөрэрин, киэн туттарын 100 бырыһыан итэҕэйэҕин«, — диэн суруйда Наталья Руфова СИА-ҕа.
Үөһээ Бүлүүттэн кэлбит Саввина Майя Васильевна үлэтин истэн баран, “Рисуем ВСЕ” бырайыак ис хоһооно дириҥин, наһаа наадалааҕын, билиҥҥи балысхан сайдыылаах олох хардыытыгар киирэргэ олус сөптөөҕүн өйдүүгүн диэн бэлиэтээтэ дьүүллүүр сүбэ. Киэҥ далааһыннаах үлэлээх Майя Васильевна бу тэрээһиҥҥэ бириэмэ булан, суолта биэрэн кэлэн кыттыбытыгар махтаннылар. Бу хайысханы таба туппут Хатастааҕы уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төхтүрүн оҕо ускуустубаларын оскуолатын уруһуй кылааһын уһуйааччылара санаалара өссө бөҕөргөөҕө.
Үөрэнээччитин Егорова Екатерина Павловнаны кытта бииргэ үлэлии – хамсыы, айа-тута сылдьар Макарова Светлана Михайловна (хатастар) кэккэ сылларга үлэлээн-хамсаан, боруобалаан көрөн баран, бу маннык үчүгэй эбит диэбит бырайыактарын үөрэ-көтө кэпсээтилэр. Бырайыактарын ис хоһооно — аан дойдуга ааттамыт классик худуоһунньуктар үлэлэрин оҕо хараҕынан көрөн, оҕо сүрэҕин-дууһатын нөҥүө ыытан, онно тахсыбыт үлэлэр ураты тыыннаахтарын, билии-көрүү дириҥиирин, «мин көрүүм, мин сатабылым» диэн өйдөбүлү ситиһии.
Куонкурус кыттааччытын ахсаана сыл аайы эбиллэ турарыттан, үлэлэр хаачыстыбалара үрдүүрүттэн сылыктааттахха бу эмиэ таба тайаныллыбыт бырайыак. Онтон чинчийэр үлэни ыытан, оҕо тугу баҕарарын суоттаан таһаарбыт Ефимова Муся Ивановна уонна Стручкова Айыына Васильевна оҕо бэйэтэ айан таһаарбыт открыткатын суолтата улаханын, айар-тутар эйгэҕэ төһүү күүс буоларын дакаастаатылар.
Ханнык баҕарар киһи үлэлиир үлэтин ис сүрэҕиттэн ылынар, таптыыр буоллаҕына айар-тутар эйгэтэ кэҥиир, силиһэ-мутуга дириҥиир, көрүүтэ ураты буолуутун Остобунаев Егор Борисович бырайыагар ырылыччы көрөҕүн. Кини үлэтин – бырайыагын сүрүн ис хоһооно – сыалыҥ-соругуҥ дьэҥкэ буоллаҕына, онно сөптөөх хайысханы таба туттаххына үлэҥ түмүгэ үтүө буолар. Биһиги манна көрө-истэ дуоһуйар үҥкүүлэрбит музыкальнай доҕуһуоллара хайдах күн сирин көрөллөрүн онно наадалаах аныгылыы технологиялары туһаныы туһатын биллибит.
«Бу кылгас суруйууга барыларын үлэлэрин хайдах кыайан батаран ырыппаппыт. Үлэлэр бары биир сүрүн хайысхалара оҕону бэйэтигэр эрэллээх, инникини үөрэ-көтө көрсөр уйуктаах уйулҕалаах буоларыгар туһуламмыттара буолара киһини үөрдэр. Атыннык эттэххэ өйө-санаата этэрин этэ-хаана ылынан үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһыылаах оҕону иитии буолар. Аны маннык көрсүһүүлэр буола туралларыгар махталлаах уонна инникигэ эрэллээх тарҕастыбыт«, — диэн түмүктээтэ Хатастан Наталья Руфова.