Быйылгы 2022 – 2023 сыллаах айар – тутар сезоммут сүрүн сонуннарыттан биирдэстэрэ Дьокуускай куорат нэһилиэнньэни кытта үлэҕэ нэһилиэнньэ көҕүлээн саҕалыыр үлэтин – хамнаһын өйөөһүҥҥэ «Норуодунай бүддьүөт» диэн анаан бырагырааматын чэрчитинэн күрэххэ бастаан Колымана Васильевна Ларионова суруйбут бырайыагынан улуу киһибит Сергей Зверев хас эмит уонунан сыл улаҕа өттүлэригэр суруйан хаалларбыт «Кулан кугас аттаах Куллустай Бэргэн» олоҥхотун туруоруу буолар. Олоҥхону туруорууга өрөсүссүөрбүт Евдокия Ефимовна Семенова ылсан үлэлии – хамсыы, айа – тута сылдьар. Ол үлэ хардыытын туһунан кэрчик – кэрчик сонуннары тиһитэлээн таһаартаабыппыт. Күн бүгүҥҥү туругунан үлэ былаан быһыытынан баран иһэр. Театрбыт норуодунай буоларын быһыытынан анал үөрэхтээх артыыстара суох, оруолга анаммыт, ону ылынан үлэлэһэ сылдьар дьоммут бары тус туһунан үлэлээх-хамнастаах, дьиэлээх – уоттаах, оҕолоох – уруулаах, тыа сирин олохтооҕун түбүгүн сүгэ сылдьар дьон. Онон биһиги кинилэргэ махталбыт муҥура суох. Аны «Олоҥхо олохпут ситимэ» бырагыраама чэрчитинэн тэрилтэлэрбит эмиэ нэһилиэкпит олох бары эйгэтигэр сайдарын туһугар туһуламмыты барытын бииргэ оҥоробут. Онон маассабай хартыыналарга кинилэр ылыстылар. Олохтоох дьаһалта (сал.Пермяков Е.П) бу үлэҕэ улахан суолта биэрэн анал дьаһал таһаарбыта.
Өрөспүүбүлүкэбит салалтата норуот бараммат барҕа баайа олоҥхо умнуллубакка билиҥҥи олох тэтимигэр, хардыытыгар киирэн төрүт дьоммут өркөн өйдөрө өтө көрүүлээҕин, этитиилээҕин өйдөөн улахан суолта биэрэн, болҕомто ууран анал бырагыраама бигэргэтиллэн уһун сыллардаах былааннар ылылланнар, үп-харчы көрүллэн олоҥхо дьиэлэрэ бааллар, быйылгыттан саҕалаан олоҥхоһуттарга истипиэндьийэ курдук ый аайы төлөнөр үп-харчы көрүлүннэ, анал Олоҥхо театра баар. «Тускул» КК иһинэн үлэлиир норуодунай театр олоҥхону туруорууга ылсыыта бу баһымах баҕа санаа буолбакка норуот көлүөнэттэн көлүөнэҕэ биэрбит, үйэттэн үйэлэри туораабыт ис туругар, этигэр – хааныгар олоҥхо тутулун, өйдөбүлүн илдьэ сылдьарын таһаарыы буолар. Манна биһиэхэ көмө – тирэх дьон элбэҕэ хайдах үөрдүбэт, сүргэбитин көтөхпөт буолуой. Нэһилиэкпит тэрилтэлэрин кэлэктииптэрэ, олохтоохторо, түмсүүлэрбит барыта — сүүстэн тахса киһи кыттар, уонунан анал муусука, таҥас сап тигиллэн, декорация оҥоһуллан бастакы боруобалааһыны, холонууну барабыт.
Алтынньы ыйы түмүктүүр оҥоһуллубут үлэни түмэн олоҥхобут сүрүн тутула хайдах буолбутун көрөр репетиция буолла. Бары да үлэ-үөрэх дьоно буоларбыт быһыытынан аан бастакы бары көрсүһүүбүт. Онон киириибитин – тахсыыбытын, туруубутун – олоруубутун, туттууну – хаптыыны, саҥаны – иҥэни лоскуйдарынан бэлэмнии сылдьыбыт буоллахпытына барыта биир тэтимҥэ киириитэ, бары биир киһи курдук наадалаах түгэннэргэ тыынардыын биир буолуохтаах түгэннэрбитин оҥортоотубут. Этэргэ уопсай хартыына дьэ таҕыста, ханна, хаһан, хайдах, тоҕо диэни уопсай холбоон көрдүбүт. Саха дьонун сиэринэн улаханнык саҥарбаппыт, үлэ кэминэн баран иһэр диэн үөрэбит эрэ.
Ол да буоллар бачча элбэх киһини түмэн, көрүһүннэрэн баран хайдах да кэпсэппэккэ хаалбатым. Биири бэлиэтии көрдүм – бу улахан, дьоһун тэрээһиҥҥэ кыттааччылартан баһыйар үгүс өттө этэргэ дылы бирикээһинэн дуу, күһэйиинэн дуу буолбакка кыттыһартан үөрэн туран кэлбиттэр.
Егор Оконешников — Н.Е уонна П.Н Самсоновтар ааттарынан ХОО учуутала – Олоҥхо диэҥҥэ кыттыам диэн хаһан даҕаны санаабатаҕым да буоллаҕа. Маннык улахан бырайыакка кыттар бэрт эбит. Урут көрөөччү саалатыттан көрөр буоллахпына билигин сцена өттүттэн бэйэтэ туспа эйгэ эбит.
Ирина Алексеева — Сайдам вокальнай ансаамбыл ырыаһыта – Үөрэрим диэн туойар, үҥкүүлүүр, этэр – тыынар эдэр ыччат элбэҕиттэн.
Ирина Афанасьева – «Кэрэчээнэ» уһуйаан иитээччитэ – Кыттарбыттан үөрэбин. Үлэбитигэр «Олоҥхо олохпут ситимэ» бырагырааманан төгүрүк сыл былааннаахтык үлэлиир буоламмыт элбэх үлэ оҥоһуллар. Билигин оҕолорбутугар туруора сылдьабыт. Онон миэхэ бэйэтэ маастар кылаас буолар. Вера Никитична олоҥхону кэпсиири истэ – истэ астынабын, дуоһуйабын.
Нина Софронова – «Арчылаана» вокальнай ансаамбыл ырыаһыта – Олоҥхоҕо кыттарбыттан астынабын, биһиги ыллыыр ырыаларбытыттан атын эйгэ буоллаҕа.
Быһа тардан, кыралаан быыһы сэгэтэн кэпсиир буоллахха ити курдук кэпсэтиилэр саҕаланнылар. Бэҕэһээҥҥи репетиция кэннэ ыраастааһын, туһулаан үлэлэр, эбии-көҕүрэтии саҕаланыа, үчүгэйэ диэн тосту уларытыы дуу, быһыы-отуу суоҕун кэриэтэ. Бу репетиция уратыта диэн Олоҥхо театрыттан анаан туруорааччы өрөсүссүөр, артыыс Колесов Павел, артыыс Саввинов Валерий, театральнай көстүүмнэр художник – модельердара Максимова Зинаида, Олоҥхо театрын исписэлииһэ Постникова Валентина Николаевна састааптаах делегация кэлэн эбии сүбэлэһэн, салгыы былааннаһан, санаа атастаһан барда. Дьэ онон этэр курдук үлэ – хамнас аттар түспүттэрин кэннэ айан тэтимин ыһыктыбакка айар – тутар суол устун айанныыр.
Ааптар: Наталья Руфова. Хатас
This post was published on 02.11.2022 17:16 17:16