Сэтинньи 22 — 24 күннэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр саха тылын уонна литэритиирэтин уонна култууратын учууталларын 2-с сийиэһэ буолла. Тэрээһин САССР тэриллибитиэ 100 сылыгар, саха норуотун маҥнайгы лингвист учуонайын, сахалыы сурук-бичик төрүттээччитэ С.А. Новгородов төрөөбүтэ 130 сылыгар уонна «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тылга сыһыан» эрэгийиэннээҕи сокуон 30 сылыгар ананар. Бэлиэтэммит тиэмэлэриттэн да көрдөххө, кэлиҥҥи кэмҥэ төрөөбүт тылбытыгар баар көстүүнэн да сыаналаатахха, төрөөбүт төрүт тылбыт дьылҕатыгар саҥа кэрдиис кэм үктэлигэр үктэниэхпит диэн эрэнэбит.
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Б.Ф. Неустроев – Мандар Уус тыл туһунан өйдөбүлү быһаарарыгар кыылтан-сүөлтэн атыммыт, уратыбыт, иэдьэгэй мэйиибит эргитиитэ уонна уон бабыа тарбахтарбыт имигэс хамсаныылара эбит диэн суруйар. Тарбаҕыҥ имигэс сатабыллаах буоллаҕына, өйүҥ-санааҥ да тобуллаҕас буолуохтаах. Дьэ ол аата төрөөбүт тылбыт сүмэтин сүөгэйин сүтэрбэт туһугар туох даҕаны сиэри таһынан киэҥ халлаан киэлититтэн дуу, уйаара-кэйээрэ биллибэт куйаартан дуу күүс-уох буолбакка, бэйэбит илиибит иһигэр баар кыаҕы-күүһү,: үтүө үгэстэрбитин, үөрүйэхтэрбитин умнубакка, хаҥыннарбакка сайдыылаах олохпут хардыытыгар тэбис-тэҥҥэ ханыылаһыннаран, алтыһыннаран сырыттахпытына төрөөбүт тыл сүтэр-симэлийэр куттала суох дии саныыбыт.
Биһиги санаабытыгар хас биирдии омук, норуот бэйэтэ аал луук мастаах, ол маһын силиһэ-мутуга дириҥ лабаата элбээн лаглайан кинини норуот быһыытынан атын дьону кытта бииргэ буоларыгар биир ньыгыл ойуур тыатын курдук буолар. Онтон сайдыылаахтар ээ диэн сайыһан ол диэки салаллан, бастыҥнар ээ диэн ол диэки барсан, чулуулар ээ диэн ол диэки чугаһаан истэхпитинэ, кэлин тиһэҕэр хайа эрэ атын омук аал луук маһын лабаата эрэ буолан хаалыахпытын сөп.
Онтон күн бүгүҥҥү балаһыанньа — оҕолорбут интернет куйаарын илимигэр иилистэн, төрөөбүт төрүт тылларын билбэккэ эрэ, кыра оҕо эрдэхтэриттэн нууччалыы дуу, өссө ааһа баран атын омук тылынан саҥараллара — ол биһиги төрөппүттэр, эбэлэр, эһэлэр саха норуотун иннигэр сотуллубат буруйбут буолар. Бу түгэҥҥэ туох да уустугу, буолбаты ыралаабакка, кимиэхэ эрэ сигэммэккэ сахалыы судургутук төрөөбүт тылбытынан көҥүл түөс толору тыынан, саха буоларынан киэн туттан туран, оҕону аан бастаан сахалыы саҥарарга үөрэтиэххэ наада. Онно туох да кыаллыбат эбэтэр киһи төбөтүн сынньар ураты уустук туох да мэһэй суох. Оҕолорбут сахалыы саҥарбаттар диэн түмүк оҥосто охсон, оскуола киириэн иннинээҕи саастарыттан ыла нуучча тылын эйгэтигэр киллэрэ охсуу баар суол.
Маннык көстүү суох буоларын туһугар тугу гынарбытын сааһылыыр-наардыыр сыаллаах-соруктаах үлэлэр Хатастааҕы «Тускул» култуура киинигэр урут даҕаны, билигин даҕаны былааннаахтык, инникигэ эрэллээхтик, ааспыты умнубаттык бараллар. Үлэ ити хайысхатын чэрчитинэн өй-санаа, тыл-өс, сиэр-туом, үгэстэр, ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба, иис-күүс, хамсаныы-имсэнии, олоҕу ылыныы барыта киирэрин туһугар «Олоҥхо олохпут ситимэ», «Сиэрдээх ыал» бырагыраамалар, «Хобо чуораан», «Ыллыыр оҕо саас», «Терпсихора бырааһынньыга», «Сахабыт сирин кыһынын кылааннара» диэн киэҥ далааһыннаах күрэхтэр, көрүүлэр бараллар.
Сүрүн үлэни «Тускул» КК (директор Чепалов В.А) иһинэн үлэлиир норуодунай тыйаатыр (өрөсүссүөр Семенова Е.Е.) үс бөлөҕө, Жиркова Т.Г. салайар норуот уус-уран оҥоһуктарын дьиэтин (Дом ремесел) иһинэн үлэлиир «Утум иис», «Күндүүнэ», «Толлуман» түмсүүлэр, «Айхал», «Тускул» үҥкүү ансаамбыллара, «Сайдам», «Арчылаана», «Кэрэ Куо» ырыа ансаамбыллара, аҕыс Түөлбэ (Агрогородок, Алаас, Сардаҥа, Туймаада, Малгин, Баҕарах, Киэҥ хочо, Дьаарын), «Төрүт ас – чөл турук», «Бары уруһуйдуубут» уо.д.а. ыыталлар.
Иистэнньэҥнэрбит чахчыта даҕаны оһуор ойуу оһуокайын, дьэрэкээн ойуу эһиэкэйин эттэригэр-хааннарыгар иҥэрбит, өйдөрүгэр-санааларыгар дьиэлээбит дьон буоланнар, төрүт иис кэрэтин, үйэлээҕин, барыта ситимнээҕин, тоҕо диэҥҥэ эппиэттээҕин билэр буоланнар, үлэлэрэ да дьоһун, сылдьар ыырдара да киэҥ (СӨ норуотун маастара Саввина Л.М, СӨ норуот уус уран айымньытын маастардара Дегтярева М.С, Малышев А.Л, уо.д.а).
“Төрүт ас” диэн түмсүү салайааччыта Мокрощупова Александра Михайловна буолар. Кини уһун сылларга саха тылын, литэритиирэтин учууталынан таһаарыылаахтык үлэлээн кэллэ. Бу үлэтин кини аҥардас тылга-өскө эрэ сыһыаҥҥа буолбакка сиэргэ-туомҥа, сахалыы сатабылга диэн үөрэтии диэн сыаналыыр уонна ол туһугар киэҥ хабааннаах үлэни ыытар. Ол курдук кини салайбыт кылааһын оҕолоро (хас да көлүөнэ) сахалыы аһы, сахалыы аһы астааһыны сурах хоту буолбакка этэргэ дылы тутан-хабан, оҥорон кэллилэр, о.э сахалыы сатабылга, өйгө-санааҕа иитилиннилэр. Онон Тускул КК бу түмсүү нөҥүө нэһилиэнньэҕэ, эдэр ыччакка, эдэр ыалларга төрүт ас туһатын, наадалааҕын, тоҕоостооҕун тиэрдэр сыаллаах-соруктаах.
Хатастааҕы «Тускул» КК көҕүлээһининэн, олохтоох дьаһалта өйөөһүнүнэн, »Олоҥхо — олохпут ситимэ» бырагыраама чэрчитинэн нэһилиэк бииргэ түмсэн кэлэр көлүөнэ ыччаты, оҕо аймаҕы кытта нэһилиэнньэ бары араҥата бииргэ чөл, чэгиэн, чиҥ туруктаах, сомоҕолоһуулаах, төрөөбүт төрүт тылбыт сүмэтин иҥэринэн, төрүт үгэстэрин тутуһан, баай хара тыабыт тэҥкэ тиитин курдук дириҥ силистээх-мутуктаах, кыраҕа ымыттыбат, оччугуйга оҕустарбат буолуу туһугар үгүһү-элбэҕи оҥорор. Манна өй-санаа өркөнө, сатабыл бастыҥа биир киһи барыбыт, барыбыт биир киһи туһугар диэн өйдөбүлүнэн бэйэ-бэйэҕэ тирэх буолан, Хатас тэрилтэлэрэ, нэһилиэк олохтоохторо биир элбэх оҕолоох ыал курдук эйэ дэмнээхтик алтыһаллар. Ол курдук »Олоҥхо — олохпут ситимэ» бырагыраама уонунан сылларга үлэтин чыпчаала буолан, сүдү киһибит Сергей Зверев суруйан хаалларбыт »Кулун кугас аттаах Куллустай Бэргэн» олоҥхотун туруорууга холонон күүспүтүн-уохпутун, кыахпытын түмэн айар аартык суолунан айаннатан иһэбит. Сыалбыт дьэҥкэ, сорукпут чуолкай. Самсоновтар ааттарынан орто оскуола (дириэктэр Слепцов Н.В.), »Кэрэчээнэ» оҕо уһуйаана (Николаева Г.С.), Дьокуускай куорат 7 нүөмэрдээх спортивнай оскуолата (директор Гоголев Е.Е), Хатастааҕы оҕо искусстволарын оскуолата (директор Лемешева Х.Н), Хатастааҕы »Ситим» айымньы дьиэтэ (директор Стручкова С.Т), Хатастааҕы 8 нүөмэрдээх баһаарынай чаас (Гаврильев Н.Н), Хатастааҕы сибиинньэ иитэр комплекс (директор Романов В.В), «Баҕарах» ХЭХ (директор Сивцев И.К), »Прогресс» ХЭТ (Пинигин А.С), Хатастааҕы СТНГ (Васильев Н.Н), Хатастааҕы балыыһа (Брусенина.М.Е.) — бары бииргэбит.
“Хобо чуораан” күрэх уонунан сылларга эбиллэн, хабар эйгэтэ киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин араас муннуктарыттан куйаар нөҥүө кыттыһар дьонунан кэҥээн, уһуйаан оҕотуттан саҕалаан эбэлэргэ, эһэлэргэ тиийэ уус-уран ааҕыы сайдыытыгар кылааттарын киллэрсэр дьон бааллар. Уус-уран ааҕыыга улахан дьоҥҥо ордук хото Чурапчы, Таатта, Горнай улуустарыттан кытталларын бэлиэтиэхпитин сөп. Норуодунай тыйаатырбыт артыыстара, Саха академическай судаарыстыбаннай тыйаатырын артыыстарын кытта “Сэрии кэмиттэн лоскуйдар”, “Аныгы кэм тоҕолоро” диэн сериялар кэпсээннэрин ааҕан, “Тэтим” араадьыйаҕа биэрбиппит кэмиттэн-кэмигэр иһиллэллэр.
Түөлбэ түмсүүлэрэ сахалыы өй-санаа олохсуйуутугар, үгэстэр умнуллубаттарын туһугар анаммыт-туһуламмыт тэрээһиннэри ыыталаан, баай Байанайы, айылҕаны кытта алтыһыыны, тумата суох аһы, эмтээх оттору хомуйууну уо.д.а. эрдэттэн бэлэмнэнэн кэлэн, сүүһүнэн киһи кыттыһыылаах ыыталыыбыт. Ити курдук быһа тардан, хомуйа тутан кэпсээтэххэ-сэһэргээтэххэ тылбыт-өспүт, үгэстэрбит үйэлэри уҥуордаан кэлбиттэрин үтэ-өйүө, кэһии оҥорон кэлэн, көлүөнэ ыччаппытыгар тиэрдэр сыаллаах үлэлэрбит итинниктэр.
Ааптар: Наталья Руфова, Хатас