Хатаска 28 төгүлүн “Ыллыыр оҕо саас” куонкурус ыытылынна. Оччугуйдар оҕуруолуу оһуорданан, кыракыйдар биисэрдии тиһиллэн, түмсүүлээх буолартан тирэхтэнэн, ситимнэһэ сиэттиһэн сомоҕолоспуттара көрөөччү биһирэбилин ылла.
Сааскы кэм сардаҥаларынан арыалланар кулун тутар ый хас биирдиибитин да орто дойдуга үтүө, кэрэ баарын итэҕэтэр уонна оннук санааны олохтуур. Маннык күннэргэ буоллаҕа уран тылы оһуор дьарҕаа оҥорон кэпсиир, хоһуйар дьоммут барыта сааскы кэми кэрэҕэ, оҕо сааска, ийэҕэ, ийэ сиргэ холуйаллара. Бу санаа чаҕылхай туоһута буолан, 28 сыл тухары тохтоло суох ыытыллар “Ыллыыр оҕо саас ” диэн күрэх быйыл даҕаны сүргэни көтөҕөрдүү, үрдүккэ угуйардыы бэрт сэргэхтик, тэрээһиннээхтик, үтүө түмүктээхтик ааста.
Хатастааҕы “Тускул” КК уораҕайа киирииттэн – тахсыыттан, долгуйууттан, айымньылаах үлэттэн үөрүү көтөлүгэр олорсубут дьон сэбэрэтин сыдьаайынан сырдаан турар. Бу сыллар тухары бу тэрээһиҥҥэ 10000 тахса оҕо ыллаан-туойан, иэйэн-куойан ааста, сырдык эйгэҕэ кыттыста. Быйылгы сылга Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Чурапчы, Хаҥалас, Горнай, Таатта, Уус Алдан, Өймөкөөн, Бүлүү, Кэбээйи, Булуҥ, Сунтаар, Ньурба, Усуйаана улуустарыттан, «GX studio” оҕо сайдар кииниттэн, “НотаДо» айар дьоҕур сайдар устуудьуйата, «Сырдык сүүрээн» оҕону эстраднай вокалга иитии-үөрэтии холобурга сылдьар устуудьуйата, Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дьиэтин, «Голос» вокал устуудьуйата кытыннылар, барыта 800-чэ оҕо кытынна. Бу кыттааччыта эрэ.
Баларга ырыа тылын суруйааччыны, ырыа музыкатын, мелодиятын айааччыны, бэлэмнээччини, таҥас тигээччини, төрөппүттэри, эдьиийдэри, убайдары, таһар оптуобустары, массыыналары, таксилары, көрөөччүлэри эбэн кэбис. Кырдьыга, ырыа ыһыаҕа буолан ааста.
Бу сыллар тухары тэрээһин сайынна, силиһин-мутугун дириҥэттэ, эйгэтин кэҥэттэ. “Ыллыыр оҕо сааһы” үктэл оҥостон олохторун оҥкулун ырыаны кытта ыкса сибээстээбит, Арассыыйа таһымыгар тахсыбыт, Сахабыт сирин ааттата сылдьар Мариинскай театр эдэр опернай ырыаһыттар Академияларын солиһын СӨ үтүөлээх артыыһын Григорий Чернецову, эбэтэр күн бүгүн күөгэйэр күнүгэр сылдьар, тус бэйэтин кэнсиэрин ыытаары сылдьар Кирилл Матвеевы, биитэр Сахабыт сирин араас таһымнаах ырыа эйгэтигэр дорҕоонноохтук ааттанар, сыаналанар күөн көрсүһүүлэр, күрэхтэр кыайыылаахтара, ырыа туһа диэн алын сүһүөх кылааска үөрэнэр сылларыттан бэйэтэ оптуобуһунан айаннаан, күнүн-дьылын дьаарыстанан-сааһыланан улахан киһи курдук дьоһуннук сылдьыбыт, күн бүгүн анал үөрэхтээх эдэр исписэлииһи Айыллаана Семенова-Никифорованы санаатахха — туһалааҕы, туһааннааҕы, тускуллааҕы оҥоро-тэрийэ сылдьартан айар-тутар санаанан кынаттанан үлэлиэххэ баҕа санаа өссө күүһүрэр.
Ханнык баҕарар күрэх, күөн көрсүһүү таһымын көрдөрөр биир суол дьүүллүүр сүбэ састааба буолар. Бу чааһыгар “Ыллыыр оҕо саас”, этэргэ дылы, тутахсыйбатах күрэх. Түгэнинэн туһанан манна биһиэхэ кэлэн оҕолор талааннарын көрбүт тулуурдаах-дьулуурдаах, дьоһун дьоммутугар улахан махталбытын этэбит. Кинилэр кимнээхтэрий?
Бастатан туран, күрэхпит күн сирин көрүөҕүттэн чугас доҕоро, сүбэһиппит-амаһыппыт, биир санаалаахпыт СӨ култууратын туйгуна, СӨ үөрэхтээһиҥҥэ министиэристибэтин иһинэн үлэлиир оҕолору уонна улахан дьону үөрэхтэһиҥҥэ экспертэ, Хатастааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын фортепианоҕа уһуйааччыта Кычкина Мария Ивановна, СӨ култууратын туйгуна, СӨ оҕо ускуустубаларын оскуолаларын хормейстердарын методическай холбоһук салайааччыта, Дьокуускай куорат 1 нүөмэрдээх оҕо ускуустубатын “Күргүөмүнэн ырыа” отделениетын сэбиэдиссэйэ Попова Надежда Егоровна, СӨ анал үөрэхтээһинин туйгуна, “Сольнай ырыаҕа” норуоттар икки ардыларынааҕы, Арассыыйа таһымнаах күрэхтэр кыайыылаахтара, С.Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж вокалга уһуйааччыта Борисова Лилия Феоровна, СӨ култууратын туйгуна, “Кедр” култуура дьиэтин хормейстера Татьяна Владимировна Бомбина үлэлээтилэр.
Быйылгы күрэҕи ырытан, ыраҥалаан көрөр буоллахха уратыта, киһи бэлиэтии көрөн үөрэрэ орто уонна улахан саастаах оҕолорго күөн күрэскэ ахсаан даҕаны өттүнэн элбээбитэ, толоруу хаачыстыбатын, маастарыстыбатын даҕаны өттүнэн үрдээбитэ буолар. Ол аата ырыаҕа интэриэс улааппыт, оҕо ырыатынан дьарыктанааччы элбээбит, анал оҕо ырыатынан тутахсыйыы аччаабыт. Оҕо ырыатын суруйууга хорутуулаахтык, хотуулаахтык үлэлии сылдьар Галина Ксенофонтова күнэ күөрэйдэ, күөрэгэйэ ыллаата. Ол да иһин буолуо, сүрдээх элбэх оҕону кытыннарда, ыллатта. Манна Галина Кимовна оҕолор тэтими туталларын, бэйэ-бэйэлэрин истиһэллэрин, төрүт дорҕооҥҥо иитиллэллэрин туһугар кырачаан ырыаһыттарга музыкальнай үнүстүрүмүөннэри итэҕэйэн туттарара үтүөкэн түмүктэри биэрэр диэн бэлиэтиэххэ наада. Маны таһынан быйылгы 2024 сылга Дьокуускай куоракка үлэлиир-хамсыыр, айар-тутар ырыа устуудьуйалара баалларын биллэрдилэр. Өскөтүн кинилэр тустарынан куйаар ситимин нөҥүө билэр эбит буоллахпытына, бу сырыыга бу тутан туран иһиттибит-көрдүбүт. Өссө биир киһи үөрэр суола уол оҕо ыллыыра үксээбит уонна бу уолаттары аҕалара илдьэ сылдьаллара эмиэ биир туспа үөрүү төрүөтэ.
Биир оннук аҕаны Гаврил Винокуровы кытта сэһэргэһиим маннык буолла:
— Гавриил, үтүө киэһэнэн! Арчыннаах Алгыс ситиһиилэринэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Бастатан туран, бу түбүктээх, кэлиилээх-барыылаах, долгуйуулаах күн дьиэ-кэргэҥҥит бары бииргэ сылдьаргытыгар барҕа махтал. Бу куонкуруһу хантан билэн кэллигит, хайдах бэлэмнэннигит?
— Төрдүм Орто Халыма улууһа буолар, ийэбит Уус Алдантан төрүттээх. Дьокуускайга олохсуйардыы оҥостон кэлбиппит 5 сыла буолла. Мин омук тылын учууталынабын, кэргэним кыра киһибитин көрөн олорор. Аҕа быһыытынан уолаттарбын дьиҥнээх саха эр киһитэ буола улааталларыгар баҕарабын, ол туһугар кыһаллабын. Элбэхтэ бииргэ сылдьарга кыһаллабын, сөбүлүүр эйгэбэр – ырыа эйгэтигэр киллэрэ сатыыбын. Бэйэм ырыа хайысхатыгар ханна да үөрэммэтэҕим гынан баран, ырыа мин олохпор куруутун баар. Дьокуускай куоракка кэлбит биир төрүөппүт оҕону алаадьы курдук эргитэ сылдьан сайыннарарга усулуобуйа баара буолар. Ол иһин ырыаҕа араас элбэх күн эгэлгэ күрэхтэр баалларын санаан туран уолаттарбытын дьарыктаан саҕалаабытым ыраатта. Бу куонкуруһу кэллиэгэбиттэн ырыа учууталыттан истибитим, кини биһиэхэ фонограмма өттүгэр көмөлөспүтэ. Сүрдээх үчүгэй, үрдүк таһымнаах бэлэмнэниилээх, былааннаах куонкурус эбит диэн сыаналаатым. Ханна да үтүрүһүү, тиритии-хорутуу суох, эгэ, айдаарсыы баар буолуо дуо. Дьиҥ чахчы оҕо саас бырааһынньыга, ырыа ыһыаҕа буолла.
Куонкуруска үгэскэ киирбит лауреат, дипломант диэн наҕараадалары кытта анал ааттар бааллар. Анал ааттартан кэпсээн ааһар буоллахха, доҕуһуолга харыстабыллаахтык, сыаллаахтык-соруктаахтык үлэлиир, олус хаачыстыбалаах фонограммалардаах (сүрдээх чараас эйгэни — музыка, доҕуһуол ырыаны, ыллааччыны баһыйбатын, эбэтэр куолас доҕуһуолу иһитиннэрбэтин туһугар үлэ) Степанида Тартыева наҕараадаланна. Ырыаны көрөөччүгэ тиэрдиигэ аҥардас куолас эрэ үлэлээбэт, куолаһы таһынан өссө биир саамай тутаах суол – ырыаны сүрэххинэн-дууһаҕынан, хас биирдии дорҕоонугар тиийэ бэйэҥ нөҥүө ыытарыҥ наада, бу чэпчэкитэ суох сыалы соругу кырачаан киһиэхэ тиэрдибит Степанида Тартыева иитиллээччитэ Айтал Дорофеев “Ырыаны ис сүрэхтэн толоруу” диэн анал ааты ылла.
Ырыа туһугар үлэлиир дьон биир иҥнэр, ыарырҕатар өрүтэ — репертуар буолар. Репертуары таба тайанан киһигин күөрэтэн таһаарыаххын эбэтэр төттөрүтүн оҥоруоххун сөп. Онон бу боппуруос хаһан баҕарар болҕомто киинигэр баар. Бу хайысхаҕа табыллан үлэлээбит Татьяна Сергеева, Айыллаана Семенова-Никифорова “За оригинальность жанра” диэн анал ааты туттулар.
Бастыҥ салайааччы аатын ылбыт Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгин М.С.Егоров аатынан сынньылаҥ киинин исписэлииһэ Александрова Саяна Семеновнаны кытта кэпсэтиибитин сэргээҥ:
– Сыралаах үлэҥ үрдүктүк сыаналанна, түбүктээх үлэҥ үөрэнээччилэргин үрдүккэ үктэннэрдэ. Бу туһугар төһө өр үлэлээтиҥ, “Ыллыыр оҕо сааска” эйигин аан бастаан көрөбүт, онон саҥа харах, сонун көрүү буолуо этэ, туох диэн сыанабыл биэриэҥ этэй?
— Дьоллонуом туһугар, талбыт идэбин ис сүрэхпиттэн сөбүлүүбүн. 2010 сыллартан саҕалаан үлэлии-хамсыы сылдьабын. Бэйэм төрдүм Кэптин, билигин Бэрдьигэстээххэ үлэлии сылдьабын. Күн бүгүн кулуупка баарбын, ол эрээри уһуннук оскуолаҕа үлэлээбиппинэн эбитэ дуу, ордук оҕолору кытта үлэлиирбин сөбүлүүбүн. Бүгүн илдьэ кэлбит оҕолорбуттан хас даҕаны нүөмэрбит үрдүкү үрдэллэргэ таҕыстылар. Кырдьык кэтэхтэн даҕаны, быһаччы да араас эгэлгэ күрэхтэргэ кыттан аҕай кэллибит, бу “Ыллыыр оҕо сааска” саҥа кэллибит. Биһиги уопсайынан ырыа эйгэлээх дьон бары даҕаны бэйэ-бэйэбитин бэлэбит, билсэбит. Онон бу куонкуруһу Татьяна Окорокова нөҥүө билбитим. Татьяна сүрдээх үлэһитин, кыахтааҕын, сүрэхтээҕин, куруутун билиигэ-көрүүгэ тардыһыылааҕын, кэккэ ситиһиилэрдээҕин истэбин, билэбин. Ханна эрэ ордук куһаҕан, ордук үчүгэй дуу диэхпин баҕарбаппын эрээри, бу куонкурус ыыттыллар таһыма этэргэ дылы “супер”, олох үрдүк таһым. Ааны аһан киириэххиттэн бу дьиэҕэ биир дьиэ-кэргэн курдук биир тыыҥҥа, биир таһымҥа сылдьаллар диэни өйдүүгүн. Барыта чаһы механизмын курдук чуолкай, ордук хоһу хамсаныыта суох. Сценаҕа тахсарга эмиэ биир оннук, ыгыллыы-түүрүллүү суох, барыта кэмигэр, бириэмэтигэр. Долгуйбут оҕолору уоскутуу, микрофон туруоруутугар тиийэ барыта оҕо, толорооччу туһугар. Дьиэ-уот ып-ыраас, сып-сылаас.
Мантан аллараа уопсай этиллибит санаалартан быһа тардыыны киллэрэбин (салайааччылар, төрөппүттэр):
— Ситиһиибит, кыайыыбыт сүрдээх сэмэй да буоллар, тэрийээччилэргэ барҕа махталбытын тиэрдиэхпит этэ. Араас элбэх күрэххэ кытынныбыт ини, кыттыбатыбыт ини, ол гынан баран маннык курдук киһиэхэ киһилии сылаас сыһыаннаах тэрээһини бастаан көрөбүт. Барыта дьон туһугар, оҕо туһугар тэриллибит. Инники өттүгэр ситиһиилэри, кыайыылары-хотуулары баҕарабыт, сайдыҥ-үүнүҥ, чэчирээҥ.
Мин санаабар, тэрийээччилэргэ мантан ордук үрдүк сыанабыл баара буолуо дуо диэххэ айылаах истиҥ-иһирэх, ичигэс тыллар, санаалар, диэн суруйда СИА-ҕа Наталья Руфова.