Кэрэ көстүүнү көрбүт эрэ сөҕөр, дорҕоонноох тойугу истибит эрэ долгуйар, тойон — болгуо сүрэҕэ тэбиэлиир, улуу умсулҕан, санааттан арахпат абылаҥа – Улуу ыһыах күнэ буолар! Бу күн Хатаспыт ыһыаҕар ыҥырыылаах ытык ыалдьыттарбытын, күүтүүлээх күндү, убаастанар убай дьоммутун, бастыҥ, маанылаах түһүлгэбит бас олоҕор олордон, күндүлээн санаа-оноо сырдыыр, көҕү – көҕүлүүр, күлүм – чаҕыл өттүгэр көрсөн олорон аат ааттаан туран Аҕа ууһун айхаллаары, аймах дьону алтыһыннараары анал көрүүбүт – «Мин Аҕа ууһум» диэн тэрээһин ыытылынна.
Тоҥтон толлубат, тымныыттан чаҕыйбат, тостубат санаалаах эр бэртэриттэн бэйэтигэр ханыылаах, хаанынан тардыһыылаах, санаатынан далаһалаах , ис – тас туруктуун, быһыылыын-таһаалыын, көстөр көрүҥнүүн бииргэбит ээ диир көлүөнэ дьон ситимэ тахсаллар. Көҥүл хаҥыл тыынын хаайбакка ол эрээри бас баттах барбакка, өйдөөн-дьүүллээн хоһууну хоргустан арааран, сөптөөҕү-сыыһаны ырытан, кэдэргини көннөрөн толору дьоллоох олоҕу тутарбытыгар аҕа ууһун бас –көс киһитин суолтата сүдү улахан.
Бу тэрээһиҥҥэ үс Аҕа ууһа кытынна. Баишевтар, Соболевтар, Чемезовтар. Аан бастаан Баишевтар таҕыстылар. Бу киэҥ аймах төрдүн-ууһун үтүө үгэстэри сүтэрбэт, көлүөнэ ситимин быспат туһугар күүскэ үлэлэһэр. Ол курдук 2022 сыллаахха анал кинигэ таһаарбыттара, аймах-билэ дьону ситимниир ыһыах ыспыттара. Аҕа ууһун салгыыр аналлаах дьонтон-сэргэттэн чахчыта да чаҕылхай, көрөрдүүн-истэрдиин сэргэх, турбут-олорбут, кэлбит-барбыт, талаан-дьоҕур бэриллибит, туруу үлэһит үтүөкэн дьон үүнэн-сайдан тахсыбыттар. Элбэхтэн аҕыйаҕы ааттаан кэпсээн ааһар буоллахха күн бүгүҥҥү олохпутугар Хатас олохтоохторо бары ытыктыыр-убаастыыр Яков Яковлевич – Капитан Яша аҥардас биир баржаны 39 сыл биир да сылы көтүппэккэ бэйэтэ өрөмүөннээн, көрөн-истэн үлэлэппитин бары да күндүтүк саныыбыт, уос номоҕо оҥостобут. Ефим Яковлевич сыдьааннара норуот хаһаайыстыбатын араас хайысхатыгар ситиһиилээхтик айа-тута, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Эбэтэр Гавриил Баишев аҕа ууһун салҕааччыларакүн бүгүҥҥүгэ диэри сыспай сиэллээҕи иитэн, үөрү хаҥатан саха төрүт дьарыгын илдьэ сылдьаллара кимиэхэ баҕарар холобур буолуон сөп. Бүөтүр Баишев оҕолоро, сиэннэрэ бары орто дойдуга олох олоро кэлбит ытык иэстэрин чиэстээхтик толорон оҕо – уруу төрөтөн, дьиэ-уот туттан, силис-мутук тардан төрөөбүт төрүт сирдэрин сайдыытыгар-үүнүүтүгэр бэйэлэрин кылааттарын киллэрэ сылдьаллар. Ол туһунан бу аймах бас-көс киһитэ, биһиги нэһилиэк тумус туттар киһибит Петр Анатольевич Баишев бэрт сэргэхтик, киһиэхэ тиийимтиэтик кэпсээтэ, сэһэргээтэ.
Иккиһинэн Соболевтар таҕыстылар. Аҕа ууһа бас-көс киһитэ Иван Павлович Соболевтан саҕаланар. Киниттэн Соболева — Игнатьева Наталья Ивановна, Соболев Савва Иванович, Соболев Егор Иванович, Соболев Владимир Иванович, Соболева – Игнатьева Ольга Ивановна, Соболев Афанасий Иванович күн сирин көрбүттэр. Соболевтар Аҕа ууһун ааттатар аналынан айыылартан бэриллибитинэн Дьөһөгөй Айыыга чугастар ол курдук сылгыны иитиигэ, көрүүгэ-истиигэ ураты талааннаах-дьоҕурдаах дьоннордоохтор. Иван Павлович үлэһит бэрдэ, тулуурдаах-дьулуурдаах уонна олус булугас өйдөөх, билиитин-көрүүтүн сатабылга кубулутан айар-тутар да түгэннэрэ баара, умсугуйан туран атыы-эргиэн эйгэтигэр сылдьара уонна дьоҥҥо-сэргэҕэ бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын аһаан-сиэн эрэ кэбиспэккэ дохуот таһаарынар ордугун өйдөппүтэ. От охсор, мунньар техниканы булаттаан дойдутугар аҕалтаабыта. Салгыы кэҥээн-тэнийэн миэлиҥсэ тутан олохтоохтор бурдуктарын тартаран илии үлэтин чэпчэтэн махталы ылыан ылбыта. Иван Павлович өссө биир үтүө өрүтүнэн салайар, угуйар, бэйэтин батыһыннарар дьону булар талааннаах, дьоҕурдаах этэ. Ордук үлүһүйэн туран сылгыны иитии араас көрүҥэр кэккэ үрдүк ситиһиилэрдээх. Ол курдук ордук таһаарыылаахтык сүүрүк аттары баайыыга үлэлээбитэ. Күн бүгүҥҥүгэ диэри уос номоҕор сылдьар ата – Карька этэ. Карька саха боруодата эрээри араас анал сүүрүк боруода аттары иннигэр түһэрбэккэ уонуна сылга тренерин – Иван Павлович аатын уонна кининэн сибээстээн Хатас нэһилиэгин аатын дойду үрдүнэн дорҕоонноохтук ааттаппыта. Ат сүүрдүүтүгэр көлүөнэ ситимин быстыбат туоһута уола Владимир Иванович баайааччынан уонна сиэнэ эбэтэр Владимир уола Иван Владимирович сүүрдээччи буолаллар. Аны сылгы иитиитигэр, сыспай сиэллээх үөрэ элбээһинигэр күн бүгүн кини сыдьааннара Егор Иванович уола Владимир Егорович, Владимир Иванович оҕолоро, сиэннэрэ таһаарыылаахтык үлэлэһэллэр. Егор Иванович Соболев уостан уоска түспэккэ кэпсэниллэр төрүөтэ кини Аҕа дойду сэриитин хонуутугар сылдьыбытын тухары аты кытта сибээстээх чаастарга сылдьыбыта буолар. Иван Павлович маны тэҥэ сүөһү иитиитигэр кэпсээҥҥэ сылдьар ситиһиилэрдээх, үрдүк кирбиилэрдээх этэ. Күн бүгүн кини сыдьааннара норуот хаһаайыстыбатын араас хайысхатыгар ситиһиилээхтик үлэлииллэр, анал орто, үрдүк үөрэҕи бүтэрэннэр – учууталлар, эмчиттэр, тутуу үлэһиттэрэ, тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ, механизатордар, ювелирдар, юристар.
Үсүһүнэн Чемезовтар аҕа уустара кэллилэр. Чемезовтар эмиэ аҕа ууһун төрдүттэн биллэххэ элбэх туһалааҕы, наадалааҕы билэн аймах-билэ дьон кэккэтин хаҥатан олоххо тирэхтээх буоларга күүс-көмө буоларын олох чуолкайдык өйдүүллэр эбит. Чинчийии, үөрэтии үлэтэ олох сөп хайысханы туппут диэн дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Николай Афанасьевич Макаров тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Талаан-дьоҕур талба тыынын мүлчү туппакка харах халтарыйар кэрэтин, сүрэх өрүкүйэр үтүөкэнин, дууһа манньыйар нарынын-наскылын көрүү түһүмэҕэр киирэн ырыа ылбаҕай эйгэтигэр, добун дорҕоонугар уйдардыбыт. Бары да ааттаах-суоллаах, ырыа эйгэтигэр доргуччу ааттанар эбэтэр тахсан иһэр кэрэчээн ырыаһыттардаах буолан биэрдилэр. Көрөөччү ахтыбыт-суохтаабыт куолаһын истэн дуоһуйда. Бу тыллар дэлэй-холой, дириҥ, хойуу, ыраас киэҥ диапазоннаах куоластаах ханнык баҕарар хайысхаҕа (классика да буоллун, норуодунай, фольклорнай, эстраднай уо.д.а) кыайа-хото тутан ыллыыр Айыллаана Семеноваҕа ананаллар. Онтон оскуола үөрэнээччитэ Нелли Соболева холкутук, үөрүйэхтик, эрэллээхтик ыллаабыта барыбытын да үөртэ. Николай Андросов сабыс саҥа буруолуу сылдьар ырыаны бэлэхтээтэ.
Оччоттон-баччаҕа диэри дьиэ-кэргэнтэн саҕалаан, онтон Аҕа ууһа мэҥэ бэлиэлээх буолара үйэтитиигэ, көлүөнэ ситимин тута сылдьыыга олус улахан суолталаах. Бу түһүмэххэ кыттааччы аймахтар бары да эппиэтинэстээхтик сыһыаннаспыттар.
Ханнык баҕарар күрэх, көрүү дьүүллүүр сүбэ састаабыттан улахан тутулуктаах. Аҕа ууһун күрэҕин сахабыт сирин дьоһун дьоно астына-дуоһуйа сыаналаатылар.
1) Макаров Николай Афанасьевич – СӨ норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэтин көрүүгэ-харайыыга, үйэтитиигэ, үөрэтиигэ-чинчийиигэ департаменын салайааччыта
2) Местников Николай Гаврильевич – СӨ социальнай харалтатын Үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бэчээтин туйгуна,СӨ ыччакка полтикатын туйгуна, «Сайдыы» издательскай-полиграфическай киин салайааччыта
3) Галина Васильевна Спиридонова – «Киин куорат» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ, кэккэ сылларга суруналыыстар сойуустарын күрэхтэрин Кылаан кыайыылааҕа, СӨ бэчээтин туйгуна
Үлэни-хамнаһы кыайа туппут, ситиһиилэрдээх-кыайыылардаах, бу күрэх тиэмэтигэр быһаччы сыһыаннаах дьон. Манна даҕатан эттэххэ үһүөн Хатаһы кытта ыкса ылсан үлэлэһэр буоланнар үөрэ-көтө сөбүлэһэн, бириэмэ булан, суолта биэрэн кэлэн үлэлээбиттэригэр махталбытын тиэрдэбит.
Түмүк тылга дьүүллүүр сүбэ чилиэттэрэ даҕаны, көрөөччүлэр даҕаны бу күрэх дириҥ ис хоһооннооҕун, олус наадалааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр уонна бу күрэх инникилээҕин эттилэр.
Манна анал бириистэри нэһилиэкпит тумус туттар ыаллара аймаҕынан мустан бэлэмнээбиттэрин хайаан да бэлиэтээн этиэҕи баҕарыллар. Хатас нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, «Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын Үтүөлээх үлэһитэ», «Үлэ Албан аата» уордьан кавалерын, ССРС ЫБСЛКС «Ыччат наставнига» Решетникова Р.И. уонна В.И.Ленин, «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьаннаах РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС ыччаты иитиигэ Үтүөлээх наставнига Рожь Федотович Николаев дьиэ-кэргэттэрин көлүөнэ ситимэ оҕолорун, сиэннэрин дьиэ кэргэттэрин, хос-хос сиэннэрин аатыттан телевизор, Хатас сайдарын – үүнэрин, кэҥиири-тэнийэрин туһугар үлэлээбит-хамсаабыт ааттаах-суоллаах Хатас сопхуос партийнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, Прокопий Прокопьевич, учууталлар учууталлара, саха тыла сайдарын, дириҥиирин туһугар күүһүн-уоҕун биэрэн туран учууталлаабыт Матрена Ильинична Софроновтар сыдьааннара эт-балык аһы таһырдьа астыырга туһуламмыт анал тэрили, үлэттэн дьолу булбут элбэх оҕолоох Петр Тимофеевич Александра Петровна Пестеревтэр сыдьааннара эрбиини бэлэх ууннулар.
Наталья Руфова
This post was published on 19.06.2023 10:28 10:28