Хатаска үҥкүү бырааһынньыга буолан ааста

Фото: Наталья Руфова

Хатаска үҥкүү күнэ сылын аайы киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэнэр. Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи оҕолортон саҕалаан, ытык сааска үктэммит дьоҥҥо тиийэ түмсэн, биир түһүлгэҕэ мустан, үҥкүү алыптаах хонуутугар көрсөллөр.

Быйыл кэнсиэр саҕаланыан иннигэр фойеҕа аҕам саастаахтар мустан эдэр саастарын үҥкүүлэрин – вальсы уонна краковягы баян тыаһынан доҕуһуоллатан астына дуоһуйа үҥкүүлээтилэр. Умнулла быһыытыйбыт үҥкүүлэри үйэтитэн, сөргүтэн дьон болҕомтотугар таһаарарга сүүс бырыһыан сөбүлэннилэр.

Үҥкүүгэ айар-тутар эйгэҕэ бэлиэ аартыктары арыйбыт уһуйааччылардаахпытынан уонна кинилэргэ иитиллэн тахсыбыт, бу эйгэҕэ – уһуйууга бастакы хардыыларын оҥоро сылдьар эдэркээн исписэлиистэрдээхпитинэн бары да киэн туттабыт:

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Хатастааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын хореография кылааһын уһуйааччыта Бурцева Лариса Егоровна;
СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэхтээһиҥҥэ уонна иитиигэ үлэтин бочуоттаах үлэһитэ, №70 “Кэрэчээнэ” оҕо уһуйаанын музыкальнай салайааччыта Ксенофонтова Галина Кимовна;
СӨ култууратын туйгуна, Хатастааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын хореография кылааһын уһуйааччыта Семенова Александра Александровна;
Хатастааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын хореография кылааһын уһуйааччыта Корякина Илона Евгеньевна;
“Тускул” КК хореограба Иванова Дайаана Сергеевна.

Быйыл муус устар 29 күнүгэр 29 нүөмэрдээх улахан кэнсиэр биир тыынынан сааскы чэбдик салгыны эҕэирийэр курдук наһаа сэргэхтик, «өссө, өссө» диирдии ааста. Бииртэн биир кэрэни кэрэһилиир, үтүөнү үксэтэр, дууһаны сылаанньытар, сүрэҕи өрүкүтэр үҥкүүлэр киирэн истилэр. Киһи үөрэрэ нүөмэрдэр бары саҥалар, сибиэһэйдэр, биир даҕаны «оо, эмиэ бу дуо» диир үҥкүү суох.

Кэннибэр олорор көрөөччү сиэн оҕото сыанаҕа хайдах үҥкүүлүүрүн көрөн сөҕөрүн истэммин, бу оҕо салайааччытын туһугар испэр үөрэ, киэн тутта санаатым.

Үөһэ этэн аһарбытым курдук, бу күҥҥэ бэйэлэрин үлэлэрин көрөөччү дьүүлүгэр таһаарбыт уопуттаах уһуйааччыларбытын кытта тэҥҥэ кинилэр үөрэнээччилэрэ, күн бүгүн кэллиэгэлэрэ бэйэлэрин үлэлэрин таһаардылар. Бу үлэлэр – үҥкүүлэр быйылгы буолан ааспыт үгүс элбэх араас таһымнаах көрүүлэргэ, күрэхтэргэ «Кылаан бириискэ» тиийэ үрдүк үктэллэргэ үктэммиттэрэ, үтүө сонун буолан тилийэ сүүрбүтэ.

Фото: Наталья Руфова

Дайаана Иванова үлэлэрин Дьокуускай куорат уокуруктааҕы норуот айымньытын киинин салайааччытын солбуйааччыта Ушницкая Н.Е уонна сүрүн исписэлииһэ Громова Р.А кэлэн көрөн сыаналаан, сүбэ-ама биэрэн бардылар. Манна даҕатан эттэххэ, бу кэнсиэргэ Дайаана Сергеевна үҥкүүлэри таһынан методическай хомуурунньугу таһаарбытын салайааччыларбыт биһирээтилэр. Бу хомуурунньукка үҥкүүлэр ойуулааһыннара, үҥкүү идеята, сюжета, сыала-соруга уо.д.а. киирдилэр, а.э. ырыа ноталанар эбит буоллаҕына, үҥкүү бу курдук буолар эбит, сатыыр, билэр киһи көрөн үлэтигэр көмө буолара саарбаҕа суох үлэ оҥоһуллубут.

Ааптар: Наталья Руфова.

This post was published on 02.05.2023 10:01 10:01