Төрүт өбүгэбит удьуорун төрдүн ытык ситимин тутаммыт, сардаҥалаах сырдык санаанан салайтаран, өбүгэлэрбит өйүө гынан хаалларбыт үтүөкэн үгэстэрин инники күөҥҥэ тутан, кырыа кыһын кыйданыыта Хатаскар 9-с төгүлүн “Байанай күрэҕэ” буоллат. Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ сыла биллэриллибитинэн хамаандалар үлэ кэлэктииптэрин аатыттан буоллулар.
Тэрилтэлэр үгүстэрэ бу күрэххэ кытыннылар. Онон бэлэмнэнии чааһыгар эмиэ наһаа улахан мэһэйдэр-моһоллор суох дэһэллэр хамаандалар. Бу сыллар тухары бу күрэх хааччыллыы да, күрэх түһүмэхтэригэр кыттыы хаачыстыбатын да өттүттэн сайдан-үүнэн, кыттааччылар тиистэригэр тиийэ сэбилэниилээхтэр. Маҥнайгы сылларга туут хайыһар оннугар спортивнай хайыһарынан тоҥуу хаарга батылла-батылла сүүрэр буоллахтарына, билигин ол хайыһар арааһа баар уо.д.а.
Быйылгы “Байанай” боротуохаҕа “Оломҥо” буолла. Тэрийээччилэр – Хатас олохтоох дьаһалтата (салайааччы Пермяков Евгений Петрович), тэрийэр хамыыһыйа (уопсастыбанньыктар) эрдэттэн мунньахтаан, хаары күттэрэн, күрэх түһүмэхтэрин бэлэмнээн, түһүмэх аайы наадалаах атрибуттары булан уурталаан, туруорталаан, спонсордары кытта үлэлэһэн, бирииһи дэлэйдик булан, дьиҥ чахчы үтүөкэн тэрээһин бэрт сэргэхтик, тэрээһиннээхтик, орун-оннугар ааста. Айылҕабыт күнүн-дьылын туруга чахчыта да айылҕа оҕото буоларбытын биллэрэрдии – тыалырда, хаардаата, күнүн таһаарда, былытырда, сылыйа да сырытта, ааттыын кубулҕаттаах кулун тутар күнэ буолла. Ону ол диэбэккэ, көрөөччү элбэҕэ сөхтөрдө.
Биир да сыл көтүппэккэ көрөр, сэргиир Дарья Пермякова, Евдокия Баишева, Николай Сивцев, Ларионовтар дьиэ кэргэттэрин бары көлүөнэтэ, эбэтэр дьиэ кэргэнинэн сылдьар эдэр ыаллар Тимофеевтар, Пермяковтар, Баишев Анатолий, Оконешников Алексей уо.д.а. бааллар, кинилэргэ барыларыгар махтал. Оҕолор күрэх саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри көрөн ыраас салгыҥҥа сырыттылар, төлөпүөнтэн аралдьыйдылар, ып-ыраас хаарга тотуохтарыгар диэри оонньоотулар-көрүлээтилэр.
Быйылгы күрэх биир сонуна Маҥан нэһилиэгиттэн хамаанда хомуллан кэлэн кыттыста, онон барыта 7 хамаанда көхтөөхтүк күрэхтэстэ.
1) 8 №-дээх баһаарынай чаас (салайааччы Гаврильев Николай Николаевич)
2) «Сахатранснефтегаз» (СТНГ) ХЭГУ (салайааччы Васильев Николай Николаевич)
3) П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан орто оскуола (дириэктэр Слепцов Николай Владимирович)
4) Хатастааҕы эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ (дириэктэрдэр искусство оскуолата — Лемешева Христина Николаевна, “Ситим” айымньы дьиэтэ Стручкова Саргылана Тарасовна, оҕо спортивнай оскуолата – Гоголев Евгений Егорович)
5) Дьокуускай куоракка үлэлиир биир дойдулаахтарбыт хамаандалара (салайааччы Ларионов Анатолий Степанович)
6) «Прогресс» ХЭХ (салайааччы Пинигин Алексей Семенович) уонна ПТСК (салайааччы Олесов Леонид Александрович) холбоһуктаах хамаандалара
7) Маҕан нэһилиэгин хамаандата
Күрэхпит хаһан да буоларын курдук мууһу буурунан үүттээһинтэн саҕаланна. Манна СТНГ ХЭГУ хамаандата тэҥнээҕин булбата – тус герой Васильев Николай буолла.
Ойбон алларыытыгар күүтүллүбүтүн курдук бу тухары тэҥнээҕин була илик Дьокуускай хамаандатыттан Ларионов Анатолий быраатынаан Геннадийдыын уонна Владислав Никифоров састааптаах хамаанда бастаата. Ойбон алларыыта күүһү-сэниэни сөпкө туттууну, хамсаныыны, сааһыланыыны, бэйэ-бэйэҕэ мэһэйдэспэккэ көмөлөһүүнү эрэйэр көрүҥ буолар. Манна бэл тыынардыын бииргэ буоллахха, үҥкүү курдук биир тэтимҥэ киирдэххэ кыаллар үлэ. Бүгүн оннук хартыынаны көрдүбүт, Ларионовтар тутталлара хапталлара тупсаҕайа, көрдөххө сүрдээх холкутук көйө, аллара сылдьар курдуктар. Дьиҥинэн, итиннэ өй-санаа күүрүүтэ, иҥиир-ситии тардыыта, кыраҕы харах, илии-атах хамсаныытын алтыһыыта буоллаҕа. Бу кыайыыны-хотууну төрөппүт аҕалара Ларионов Степан Романович көрөн турара саныырга да, көрөргө да үчүгэйин эриэхсит.
Үһүс түһүмэх массыынаны соһууга СТНГ ХЭГУ хамаандата кыайда.
Саха киһитигэр уот суолтата сүдү күүстээх, аал уот барахсан араҥыччылыыр, ыраастыыр, ичигэһинэн илгийэр, сылааһынан сыдьаайар, аспытын-үөлбүтүн буһарар, чэйбитин оргутар. Ол да иһин бу түһүмэх куруутун тыҥааһыннаах, киирсилээх, сүрэх өрүкүйүүлээх ааһааччы. Тоҥуу хаарынан сүүрэн тиийэн мас аҕала охсон чууркалаан, тырыыҥкалаан (чыыппааннаан) уоту умата охсон баран уот күүһүн таба туһанан ууну түргэнник оргутуу манан аҕай дьыала буолбатах. Дьэ манна буолааччы уоту күөдьүтэр баҕаттан кэтэ сылдьар таҥаһы уһула баттаан сапсынан, бэйэтэ туһугар күн үҥкүүтэ оһуохай хамсаныыта … Бастыҥ уот оттооччу, уу оргутааччы аатын СТНГ ХЭГУ хамаандатыттан Жирков Александр, Тарабукин Спартак ыллылар.
Буулдьанан ытыыга тыалы, салгын хамсааһынын ааҕан-суоттаан учуоттаан ытыыга хамсаабат илии, тутар сис, кытаанах санаа олус наадалар. Кыраҕы харахтаах бастыҥ ытааччы Хатастааҕы эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин хамаандатыттан Алексей Осипов буолла. Манна биир саамай саҥата суох тыҥыахпытыгар диэри күүрүүлээх түгэнинэн иккис миэстэ буолбут Прогресс ХЭХ, ПТСК хамаандатын бэргэн ытааччыта Алексейдыын биир-бииргэ киирсиилэрэ буолла. Бу сырыыга Байанай Алеша диэки буолла.
Күннээҕи түбүк түмүгүн түмэр, быһаарар, күүһү-сэниэни барыыр, тургуутуу, туруулаһыы диэн тугун биллэрэр сэттэ түһүмэхтээх эстафета кыайыылаахтар кимнээх буолалларын туох да мөккүөрэ суох быһаарда. Бастакы түһүмэхтэргэ СТНГ ХЭГУ хамаандата хаардыы хаампыт буоллаҕына, кэнники икки түһүмэх ытыы уонна эстафета көрдөрүүлэрэ кыайыылаах ким буоларын быһаарда. Ол курдук бастаан кинилэри кытта илин-кэлин түсүһэн, бииргэ айаннаан испит Дьокуускай куорат хамаандата ити түһүмэхтэргэ уһулу ойон тахсан, бастаатылар! Онон иккис СТНГ ХЭГУ хамаандата буолла. Үһүс бириистээх миэстэни Прогресс ХЭХ, ПТСК холбоһуктаах хамаандалара ылла.
Ыалдьыттарбыт Маҥан нэһилиэгин хамаандата саҥа кэлэн этэргэ тутан-хабан, тургутан бардылар, куруутун дьон тилэҕин көрбөтүлэр, син да сырыы аайы кэннилэригэр кими эрэ хааллардылар, эһиил оҥостон кэлиэхпит диэн бигэ санаалаах бардылар.
«Саамай саастаах кыттааччы» диэн анал бирииһи бары да билэр, убаастыыр киһибит Гоголев Евгений Егорович уонна «саамай эдэр кыттааччы» диэни Алексеев Дмитрий ыллылар. Манна даҕатан эттэххэ, Дима бэрт соторутааҕыта»Саха» НКИХ Кубогар ситиһиилээхтик Хатас хамандатыгар кыттыбыта. Маны кытта сэргэ эдэр ыччаттарбыт, оҕолорбут араас элбэх күрэхтэргэ улуустарынан сылдьаллар, ким хайыһарга, ким “Үрүҥ уолаҥҥа” уо.д.а.
Судьуйалар хамаандаларыгар уопуттаах Андрей Лукич Малышевы, Никифоров Петр Андреевиһы, Саввин Андрей Андреевиһы, Руфов Андрей Анатольевиһы, Артур Соловьеву, Попов Николайы уо.д.а. кытта быйыл саҥа киирбит Матвеев Николай, Михайлов Алексей уо.д.а атыттар бааллар. Судьуйалар үлэлэрэ чуолкай, сааһыламмыт буолан, биир да мөккүөр-моргуор тахсыбата, барыта дьэҥкэ, чуолкай.
Күрэхпит бирииһин пуондатын суумата ботуччу, онон хамаандалар бары да өттүк харалаах, илии тутуурдаах бардылар.
Бириистэри быһа тардан кэпсиир буоллахха, булка аналлаах күн талбыт мала-сала, эриһииҥкэ мөһөөччүгэр тиийэ уонна араас суумалаах сертификаттар толору. Спонсордар: Артур Соловьев, Окороков Спартак Константинович, СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара, тимир ууһа Алексей Апросимов Тимур Харитоновтыын, “Хатас булчуттара” түмсүү, Никифоров Петр Андреевич, Куорат Дууматын депутаттара Парасковья Козлова, Иван Салатюк, Ил Түмэн депутата Дмитрий Семенов, “Серебряный ручей”, “Охотник на Ярославского”, “Бадаар”, SATA, «Егерь», «Рыболов» маҕаһыыннар, «Прогресс» ХЭТ, Хатастааҕы сибиинньэ иитэр комплекс.
Бүгүҥҥү күммүт ыалдьыттара, бэйэлэрин эрэ эйгэлэригэр бастыҥ буолбакка, саха норуотун төрүт үгэстэрин өрө тутууга, салгыы сайдар саҕахтарын аһыыга анаан минээн үлэлэһэр дьоһун дьон:
1) Дмитрий Александрович Семенов – Ил Түмэн депутата. Манна кини «Байанай» күрэҕин биир да сыл көтүппэккэ спонсордыырын бэлиэтиэххэ наада. Дмитрий Александрович олох сыал-сорук оҥостон, хара сарсыардаттан анаан-минээ , аадырыстаан кэлэн көрөн баран, бу күрэх инникилээҕин уонна өссө лаппыйан үөрэтэн, чинчийэн баран спортивнай да разрядтары биэриэн сөптөөх уустук, үрдүк көрдөрүүлээх түһүмэхтэр баалларын бэлиэтээн, тоһоҕолоон тыл эппитин ытыс тыаһынан көрүстүбүт.
2) Ольга Григорьевна Григорьева – “Көмүлүөк” хампаанньа салайааччыта. Кинилэри кытта олохтоох дьаһалта бу тэрилтэ саҥа тэриллэн үлэлиэҕиттэн, биир сыахтан саҕалыаҕыттан ыкса сибээстэһэн үлэлиир. “Көмүлүөктэр” иһит оҥоһуутунан муҥурдаммакка эйгэлэрэ кэҥээн, үлэлэрэ-хамнастара дириҥээн иһэриттэн үөрэбит уонна бу курдук дьоһун көмөлөрүгэр махтанабыт.
3) Молгаров Константин Егорович – угуйууга СӨ абсолютнай чөмпүйүөнэ, Арассыыйа чөмпүйүөнэ, норуоттар ардыларынааҕы күрэхтэр призердара. Константин саханы аан дойдуга ааттатар, булчут быһыытынан ылыннарар, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаҥҥа күүскэ үлэлэһэр, булду сиэһин-аһааһын курдук ылыммакка үтүө үгэс быһыытынан билинэргэ үлэлэһэр “Угуйуу” тэрилтэ тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ буолар. Бу тэрилтэ туһунан хаста да суруйан турардаахпыт. Онон манна хатылаабатым.
Күрэхпитин Сырдык – Алексей Божедонов кэлэн үрдүк айыылартан ааттаһан-көрдөһөн алҕаан барда. Көрөөччү хаһааҥҥытааҕар да элбэх, буолар сирэ ыраах диэбэккэ айанныыр көлө булан, тиийэн-тиксэн ыалдьыттарбытыгар барҕа махтал. Махталбыт улаханын Владимир Владимрович Габышевка уонна хас да көлүөнэ ситим ситиитин быспакка сылдьар хаан-уруу дьонугар тириэрдэбит. Кини баар буолан, бу бүгүҥҥү күрэх түһүмэхтэрин эккирэтэ сылдьан фото, видео матырыйаалынан үйэтитилиннэ.
Күрэх кыттыылаахтарын кытта сэһэргэстэххэ үлэ тэрилтэлэринэн буолбута хаманданы хомуйарга наһаа табыгастааҕын ордук бэлиэтээн-тоһоҕолоон эттилэр. Бу маннык күрэхтэргэ күннэтэ алтыһар кэллиэгэлэрин атын харахтарынан көрдүбүт диэччилэр эмиэ бааллар. «Байанай» күрэх туһунан урут истэр эрэ этим, бүгүн кыттаммын ис дууһабыттан астына-дуоһуйа сылдьабын диэччи эмиэ баар. Биллэн туран, уонча сыл субуруччу ыытыллыбыт буолан, хамаанда аайы билэр-көрөр дьон эмиэ баар.
Эһиилги үбүлүөйдээх онус күрэххэ географиябыт өссө кэҥииригэр, көрдөрүү өссө тупсарыгар баҕаран туран, тарҕастыбыт.
Ааптар: Наталья Руфова, Хатас
This post was published on 19.03.2023 09:27 09:27