Айар-тутар эйгэлээхтэр бу күннэргэ үгүс-элбэх тэрээһиннэргэ түмсэн-сомоҕолоһон, сүүрэн-көтөн, тэринэн-тэриллэн быыстапкалар, кэнсиэрдэр, айар киэһэлэр буолуталыыллар. Хатаска 27-с төгүлүн ыытыллыбыт “Ыллыыр оҕо саас” ырыа күрэҕэр мустубут оҕолор биэс толору кэнсиэр устатыгар мустубут дьоҥҥо –сэргэҕэ оҕо саас сырдык санаатын, сааскы таммах уутунуу ыраас тапталын, кэрэни кэрэхсээһинин, үтүөҕэ умсугуйууну бэлэхтээтилэр.
Роза Яковлевна Спиридонова Дьокуускай куорат “Ромашка” оҕо уһуйаанын ырыаҕа-тойукка уһуйааччыта бу күрэхпитигэр 1999 сылтан күн бүгүҥҥүгэ сүүрбэттэн тахса оҕону аҕалла. Бу сыллар тухары аҕыс сүүстэн тахса оҕону “Тускул” култуура киинин сценатыгар таһааран ырыа ылбаҕай ыллыгар үктэннэрэн айар-тутар аартыкка таһаарбыт уопуттаах салайааччы. Барыта оҕо уһуйаанын эйгэтигэр түөрт уонтан тахса сыл ыстаастаах салайааччыны кытта сэһэргэһэн аастым.
— Быйыл тапталлаах, күүтэр-кэтэһэр “Ыллыыр оҕо сааспыт” кэтэхтэн уонна дьиҥ чахчы сценаҕа тахсан “тыыннаахтыы” ыллыыр буолбуппутун истэн сүргэ көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн, хомуллан кэллибит. Бу куонкурус аҥардас ырыа эйгэтигэр эрэ киллэрии буолбакка, буһууга-хатыыга, алтыһыыга, ситэри-хотору, бииргэ, хомуллуулаах, бэрээдэктээх буолууга төрүөт буолар. Манна биһиги төрөппүттэри, иитээччилэри кытта ыкса ылсан үлэлиибит. Онон ити сүүрбэччэ оҕо кэлэн сценаҕа тахсыытыгар аччаабыта биэс уонча киһи санаата түмүллэр. Онон бу куонкурус долгуна тыһыынчанан киһи сүрэҕин-дууһатын ортотунан ааһар диэтэхпинэ сымыйа буолбата буолуо.
Дьүүллүүр сүбэ кэлиҥҥи сылларга солбуллубат бэрэссэдээтэлэ Попова Надежда Егоровна санаатын үллэстэр:
— Бу тэрээһини кыттааччылары, бэлэмнээччилэри, көстүүм тигээччилэри, эбээлэри, эһээлэри, төрөппүттэри кытта биһиги эмиэ долгуйа, сүргэ көтөҕүллэ күүтэбит. Элбэх оҕо кыттар буолан сылаалаах гынан баран, киһиэхэ биэрэрэ үгүс буолан, ол сылаа сонно тута умнууга хаалар. Тугу биэрэрий диэтэххэ айар-тутар киһиэхэ саҥа-сонун көрүүлэри, кэрэхсээһини, талааны-дьоҕуру көрөн үөрүүнү уонна салайааччы сайдыытын, хорутуулаах үлэтин көрөр эмиэ киһиэхэ санааҕар санаа, күүскэр күүс эбэр. Талаан норуокка баар диэни бу тэрээһин сүүс бырыһыан көрдөрөр. Чуолаан бу куонкуруска үлэлээбит сылларбынан ырытан көрөр буоллахха тэрээһин эмиэ бэйэтэ айар-тутар суол оҕото буоллаҕа дии, онон сылын ахсын уопутуран, дьиппинийэн-дьаарыстанан, сааһыланан “Тускул” КК кэлэктиибэ чаһыы механизмын курдук чуолкай ыһыллыбат-тоҕуллубат үлэлээх диэн бэлиэтиэм этэ.
Татьяна Окорокова:
– Бу куонкурус миэхэ бырааһынньык диэн өйдөбүл киһини өйдүөхпүттэн баар (мичээрдиир). Аан бастакы тэриллиэҕиттэн оскуоланы бүтэриэхпэр диэри солбуллубат кыттааччы этим. Онтон күн бүгүн бу тапталлаах куонкуруспун тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ буоларбын санаатахпына, күн-дьыл барара түргэнин сөҕөбүн. Култуураҕа үлэлиирим биир төрүөтэ бу куонкурус буолар диэтэхпинэ омуннааһын буолбат. Куонкуруска маҥнайгы сылларга кыттыбыт кыргыттар, уолаттар билигин бэйэлэрин төрөппүт оҕолорун аҕалалларыгар көрсөн үөрэ-көтө кэпсэтэбит, сэһэргэһэбит. Ол аата бу тэрээһиҥҥэ көлүөнэ быстыбат ситимэ баар. Барыта 649 оҕо Хаҥалас, Уус Алдан,Чурапчы, Амма, Томпо улуустарыттан, Дьокуускай куораты тула сытар бары нэһилиэктэртэн, Жатайтан кэлэн сырдык, сылаас эйгэни бэлэхтээн бардылар.
Ыллыыр оҕо саас түмэр, сомоҕолуур, үөрдэр-көтүтэр, айар-тутар аартыгы арыйар.
Конкурс түмүгүн Ыллыыр.РФ сайтка киирэн көрөөрүҥ. Ютубка Тускул Хатассы ханаалга киирэн кэнсиэрдэри көрүөххүтүн сөп.
Ааптар: Наталья Руфова, Хатас
This post was published on 06.03.2023 10:01 10:01