Хатаска быстах байыаннай дьаһалга сылдьааччыларга көмө-тирэх буолууга былааннаах үлэ барар

Дойдуга буола турар балаһыанньа барыбытын долгутар. Саха дьоно урут да билигин да маннык түгэннэргэ, маннык дьылга-кэмҥэ кэтэх тардыстан кэтээн көрөөччүнэн сылдьыбатахтара, бука сылдьыбаппыт да буолуо. Айыылартан айдарыллыбытынан аһыныгас санаабытынан салайтаран киэҥ нэлэмэн сахабыт сирин бары муннуктарыгар көмө-тирэх буоларга анаммыт араас элбэх тэрээһиннэр, аһымал аахсыйалар ыытыллаллар.

Ханнык баҕарар тэрээһин көҕүлээччилээх, саҕалааччылаах, сүүрэр-көтөр, сибээстиир-ситимниир, өйүүр-өйдүүр, булар-талар дьоннордоох. Ол курдук быйыл саас Дьокуускай куоракка баар, бүтүн өрөспүүбүлүкэни кытта үлэлэһэр “Илии сылааһа” диэн баҕа өттүнэн тэриллибит аһыныгас-көмүскэс санаалаахтары түмэр, сомоҕолуур уопсастыбаннай тэрилтэ үлэтигэр кыттыһан үлэлээн баран Евдокия Ефимовна Семенова, Татьяна Григорьевна Жиркова Хатаспытыгар бэйэбит эмиэ тэринэн итинник аахсыйалары ыытыахха сөп эбит диэн санааҕа кэлбиттэрэ уонна санааны салгыҥҥа ыспакка, тылы тыалга көтүппэккэ бэйэлэрин тула биир санаалаахтарын мунньубуттара.

Ааптар түһэриитэ

“Тускул” КК кэлэктиибэ бу көҕүлээһини өйөөн-өйдөөн үлэлииргэ усулуобуйа тэрийэр түбүгэр түспүттэрэ. Онтон бу кэлбит дьону-сэргэни эбиэтинэн хааччыйарга олохтоох маҕаһыыннарбыт көмө тирэх буоллулар. От ыйын 20 күнүгэр аҕыс иистэнньэҥ маастар Рожина Айталина Гаврильевна көмөтүнэн 17 таҥаһы тиктилэр, онтон “Төрүт ас” түмсүү эрдэттэн бэлэмнэнэн от хомуйан, хатаран, куурдан ол көстүүмнэргэ арчыланыы, алгыстаныы сиэрин-туомун ыытарга сөп гына анал мөһөөччүктэри уктулар уонна аахсыйа кыттыылаахтарын итии аһынан хааччыйдылар. Аһынан-үөлүнэн Соров Валентин Михайлович хааччыйда уонна ону таһынан “Төрүт ас” далбардара алаадьылаан, оҕуруот аһынан салааттаан эптилэр.

Аһымал аахсыйаҕа кыттыбыт иистэнньэҥнэрбитигэр Тарасова Анита Васильевнаҕа, Чабыева Наталья Гаврильевнаҕа, Семенова Евдокия Ефимовнаҕа, Жиркова Татьяна Гаврильевнаҕа, Иванова Саргылана Гаврильевнаҕа, Сергучева Вероника Акимовнаҕа, Егорова Алена Анисимовнаҕа, “Төрүт ас” далбардарыгар Александра Михайловна Мокрощуповаҕа, Татьяна Рожьевна Абрамоваҕа, Туйаара Васильевна Никифороваҕа, Татьяна Григорьевна Поповаҕа, Валентина Иннокентьевна Михайловаҕа, арчылааһын отунан көмөлөспүт Евдокия Семеновна Поповаҕа махталбыт улахан. Бу тэрээһин өссө төгүл Хатас дьоно-сэргэтэ түмсүүлээхпитин, хомулларга-тэриллэргэ бэлэммитин көрдөрдө. Аныгыс маннык көрсүһүү, хомуллуу атырдьах ыйын маҥнайгы күннэригэр буолара былааннанар.

Наталия Руфова. Хатас

This post was published on 24.07.2023 11:01 11:01