Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит Үлэ сылыгар анаан “Чөл ас – чэгиэн турук” диэн “Тускул” култуура киинэ “Олох уустара” бырайыак чэрчитинэн киин иһинэн үлэлиир “Төрүт ас” түмсүү көҕүлээһининэн ыытыллар повардар уонна астыылларын сөбүлээччилэр бэстибээллэрэ Хатаска буолан ааста. Тэрээһин нэһилиэк тэрилтэлэрин кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ ылыныллыбыт былаанынан барар, онон бу күҥҥэ 70 № “Кэрэчээнэ” дьыссаат, П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан оскуола уонна бу оскуола иһинэн үлэлиир Агрокуб, олохтоох балыыһа кытыннылар.
Үлэ сылыгар анаммытынан повардар үгүс түбүктээх, билиини-көрүүнү, сатабылы эрэйэр идэлэригэр болҕомтону уурдубут. Ол курдук кыттааччылары билиһиннэрэр буоллахха:
Хатастааҕы №70 дьыссаат
1) Андреева Надежда Ивановна – повар
2) Никифорова Елена Владимировна — повар
3) Павлова Александра Афанасьевна — повар
4) Петрова Ирина Николаевна — повар
5) Дьяконова Марфа Валериевна – мед.үлэһит
6) Мокрощупова Антонина Семеновна – быраас
П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан оскуола
1) Соколова Надежда Агитовна
2) Мордовская Виктория Егоровна — повар,
3) Пермякова Майя Николаевна — повар,
4) Слепцова Луиза Климентьевна — повар,
5) Алексеева Юлия Афанасьевна — повар
6) Попова Татьяна Григорьевна — иһит сууйааччы
“Тускул” КК “Төрүт ас” түмсүү
1) Мокрощупова Александра Михайловна
2) Харлампьева Татьяна Григорьевна
3) Копырина Анна Ионовна
4) Никифорова Туйаара Васильевна
5) Попова Евдокия Семеновна
Кинилэри сэргэ маастар кылааска оскуола оҕолоро кытыннылар: Жирохова Урсууна, Петрова Каролина, Бурцева Алина, Нарыйаана Оконешникова, Евсеева Сахалина, Пестрякова Юлиана, Гуляева Маша, Сидорова Анжела.
Гаврильева Галина Афанасьевна, Хатастааҕы участковай балыыһа:
— Тэрээһиммит Тускул КК фойетыгар ыытылынна. 10 чаастан саҕалаан кыттааччылар кэлэн анаммыт остуолларга бэлэмнэниллибит бүлүүдэлэрин ууруу, остуоллары киэргэтэн — быыстапканы бэлэмнээтилэр. Бары этэргэ дылы ох курдук оҥостон, таҥнан-симэнэн, оҥостон-туттан, сэргэхсийэн кэллилэр. Фойебыт иһэ ас минньигэс дыргыл сытынан тунуйда. Повардары биирдиилээн кэпсэттэххэ бары даҕаны бу маннык тэрээһини сүрдээҕин сэргээбиттэр, кэрэхсээбиттэр, сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт. Кырдьыга даҕаны үөрэнэр, оҕо уһуйааныгар сылдьар оҕолорбут күннэтэ аһыыр астарын кыһаллан-мүһэллэн, бары ирдэбили, быраабыланы тутуһан чөл-чэгиэн буоларга туһалаах аһы бэлэмниир дьоммутун билбэппит кистэл буолбатах. Кинилэр үлэ хаачыстыбатын туһугар сарсыарда эрдэлээн, киэһэ хойутаан, түбүгүрэн-табыгыран, сэниэлэрин – күүстэрин биэрэн туран үлэлииллэрин өйбүтүгэр да оҕустарбакка сырыттахпыт. Онон үтүө суобастаахтык үлэлиир дьоммутун-сэргэбитин субу тутан туран көрөн-истэн, кэпсэтэн — сэһэргэһэн, маастар кылаас ылан көрөөччү да кыттааччы да дуоһуйдубут. Ити курдук туруоруммут сыалбытынан повар идэтин оруолун үрдэтиини, сырдатыыны, тарҕатыыны, төрүт ас чөл турукка оруолун нэһилиэнньэҕэ тиэрдиини, оҕо аһын сөптөөхтүк астааһыны Хатастааҕы 70 нүөмэрдээх “Кэрэчээнэ” уһуйаан, П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан оскуола остолобуойун повардарын, “Төрүт ас” түмсүү чилиэннэрин кытта билсиһии, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи оҕолорго, оскуола оҕолоругар астааһын уратыларын кэпсээһин, ас састаабын ырытыы нөҥүө тириэртибит. “Төрүт ас” түмсүү буотарах миинин арааһын, буотарахтан соркуойу астааһын араас ньымаларын уонна бутугас бэлэмнээһини көрдөрдүлэр. Повардар, “Төрүт ас” түмсүү чилиэннэрэ сөбүлээн астыыр астарыгар маастар кылаас биэрдилэр.
Сарсыардаттан “Төрүт ас” кэлээччилэри алаадьылаан көрүстэ, уһуйаан, оскуола, балыыһа эмчиттэрэ чөл аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ ас састаабыгар, бэлэмнээһин (астааһын) технологиятыгар сүбэлэри биэрдилэр. Быыстапканы кэрийэ сылдьан көрүү, истии кэннэ маастар кылаастар буолла. Тэрээһини түмүктээһиҥҥэ сертификаттары, махтал суруктары туттарыы буолла.
Төрүт дьоммут төлкөлөөх толкуйдарын туллубат тутааҕа буолар биир өрүтэ аска убаастабыллаах сыһыан, тугу да сыыска буорга түһэрбэккэ иҥэмтиэлээх, туһалаах аһылыгы астааһын буолар диэн өйдөбүлү бүгүҥҥү күн тэрээһинигэр дьиҥ чахчы көрдүбүт. “ Төрүт ас” түмсүү төгүрүк сыл дьыл кэмин хардыытынан араас аһы – үөлү астаан, көрдөрөн, иһитиннэрэн, маастар кылаас биэрэн, Тускул КК ютуб каналыгар видео матыраайаллары уган, аны сайын үлэлээбитэ биир сыла буолуутугар, этэргэ дылы, кэпсиирдээх, сэһэргиирдээх буоларыгар өссө биир чиҥ хардыы оҥоһулунна.
Ааптар: Наталья Руфова