Хатас түмэлигэр бэлиэ тэрээһин буолан ааста. Бу иннигэр түмэлгэ оскуола, музыкальнай оскуола, «Ситим» айымньы дьиэтэ, «Хатастыына» түмсүү, П.П.Федороваҕа анаммыт быыстапкалар турбуттарыгар нэһилиэнньэ үөрэ-көтө сылдьыбыта. Бүгүҥҥү быыстапкаҕа Хатастааҕы «Кэрэчээнэ» уһуйаан бэҕэһээҥитин, бүгүҥҥүтүн кэпсиир экспонаттар үс сааланы толору ууруллубуттар.
«Кэрэчээнэлэр» устуоруйа кэрэһитэ буолар дьиэҕэ кэлэллэригэр олохтоохтук оҥостубуттар, быыстапка ис хоһооно дириҥ хорутуулаах буоларыгар үгүһү-элбэҕи киэҥник хаппыттар. Үөрэтии, сэһэргэһии, ырытыы түмүгэр, уһуйаан устуоруйатын ааҕыллар сыллара уларыйыах курдук буолбуттар, ону докумуонунан, араас ахтыыларынан бигэргэтиэххэ, өссө да үөрэтиэххэ наада диэн түмүккэ кэлбиттэр. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн «Кэрэчээнэлэр» оччоттон баччаҕа диэри өрөспүүбүлүкэ оскуолаҕа киириэн иннинээҕи оҕолору иитиигэ- үөрэтиигэ наука да, практика да өттүттэн ыкса ылсан үлэлэһээччи үтүөкэн үлэһиттэрдээх. Ол кимнээҕин кэлбит истиэҕэ, билиэ буоллаҕа.
Кэпсии-ипсии, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэ үөрэммит көхтөөх кэлэктиип көрдөрөрө- иһитиннэрэрэ үгүс, олус интэриэһинэй. Барыта сааһыланан-наарданан, тупсаҕайдык ыскааптарга ууруллан, истиэнэлэргэ ыйанан, тутан-хабан, боруобалаан көрөргө бэлэм.
Өссө биир кэрэхсэбиллээх көстүү бу түгэҥҥэ, бу кэмҥэ билигин үлэлиир кэлэктииби кытта бэтэрээн үлэһиттэр кэлэн, бииргэ буолан, үөрэн-көтөн, сүргэ көтөҕүллэн бардылар.
Быыстапка алтынньы 24 күнүттэн саҕаланан, икки нэдиэлэ устата туруо. Хас күн аайы маастар кылаастар ыытыллыахтара. Бүгүн маҥнайгы күҥҥэ Надежда Ивановна Андреева саламаат оҥорон көрдөрдө, амсатта.
Уһуйаан сүрүн сыалын-соругун биир улахан хайысхата саха оҕото кыра эрдэҕиттэн тылын- өһүн кыайа-хото баһылаатаҕына, умсугуйа үөрэттэҕинэ норуот быһыытынан сүппэт суолбутун тобулабыт диэн өйдөбүллээх барар. Төрөөбүт төрүт тылбыт бараммат байҕалыттан – олоҥхоттон — быһа тардыыны аахпыт чоҕул-иҕил көрбүт кырачааннар Дина Неустроева, Айсен Кожин ону толору итэҕэттилэр.
Быыстапканы аһыыга олохтоох дьаһалта салайааччыта Пермяков Евгений Петрович, «Тускул» КК дириэктэрэ Чепалов Валентин Азотович тыл эттилэр, эҕэрдэлээтилэр.
Бэриллибит кэми туһанан урукку кэмтэн бүгүҥҥү күҥҥэ диэри Хатастааҕы «Кэрэчээнэ» уһуйаан устуоруйатын көрүөн истиэн баҕалаахтары ыҥырабыт, диэтэ салайааччы Николаева Галина Семеновна.
Ааптар: Наталья Руфова, Хатас
This post was published on 25.10.2022 09:29 09:29