22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Хатас түөлбэлэрин эр дьоно түмүстэ

12:01, 27 февраля 2023
Текст:
Фото: Наталья Руфова, Хатасский наслег
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр анаммыт тэрээһиннэртэн биирдэстэрэ “Мин Хатаспын таптыыбын” диэн ааттаах сэргэх дьаһал “Тускул” култуура киинигэр буолан ааста. Балаһыанньа быһыытынан түөлбэттэн хамаандалар хомуллан, 5 түһүмэхтээх күрэҕи аастылар.

Кэлиҥҥи сылларга баар балаһыанньанан көрсүһүү көҕүрээн, алтыһыы аҕыйаан, түөлбэ хамсааһына олох тохтооботор даҕаны чуумпура быһыытыйбыта. Бу тэрээһин курдук хабааннаах күрэх Кыайыы 75 сылыгар аналлаах 2020 сыллаахха сүрдээх тэрээһиннээхтик, көхтөөхтүк ааспыта. Бу да сырыыга онно баар күүрээн, биир санааланыы, сэргэхсийии тыына баар диэн бэлиэтиэххэ наада.

Хомуллан кэлбит 5 хамаанда этэргэ дылы ох курдук оҥостон – анал таҥастанан, эмблемаланан, былаахтанан, тыл-өс бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ олус үөрүүлээх. Манна бэлиэтээн кэпсээн аһарар буоллахха, Баҕарах-1 хамаанда анал таҥастарын Сивцева Саргылана Николаевна дьиэ-кэргэнэ спонсордаабыт, атын да түөлбэлэр ыалдьааччылара алгыстаах алаадьылаахтар, утахтаахтар.

“Алаас” түөлбэни этэр буоллахха, манна дьиҥ олохтоох төрүт хатастар түөлбэлээн олорор буоланнар, саастаах өттө баһыйар. Онон хамаанда хомуллуутугар кэккэ ыарахаттары көрсүбүттэр эрээри, туһуламмыт, аадырыстаммыт үлэ баран, хамаанда састааба толору. Түөлбэ салайааччыта Никифорова Туйаара Васильевна талыллан баран бастакы улахан тэрээһиҥҥэ олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан түөлбэтин актыбыыстарын бэркэ хамсаппыт. Манна дьиэ кэргэнинэн толору – оҕолуун-уруулуун кэлбит Екатерина, Любомир Санниковтарга, Рудольф, Клавдия Саввиновтарга махталбытын тиэрдиэхпит этэ.

Айтал Санников спорт араас көрүҥүн боруобалаан, кыайан-хотон баран күн бүгүн бокска тохтоон, анаан, туһулаан дьарыктана, күөн көрсө сылдьар. Кыайан-хотон диэн мээнэҕэ эппэтим. Аҥардас бу кэнники сылларга тутум эргииргэ, скакалкалааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэ таһымнаах улахан күрэхтэргэ кырата иккис миэстэҕэ сылдьар тарбахха баттанар көрдөрүүлэрдээх.

Хамаандалар дьоннорун алаадьынан айах тутан алгыс тылларынан Евдокия Ефимовна Семенова тэрээһини саҕалаата. Онтон 2 ”г” кылаас үөрэнээччилэрин күргүөм толорууларыгар У. Уйаандьын тылларыгар, Аркадий Самойлов муусукатыгар “Дойдум миэнэ Хатаһым” диэн ырыалара барыбытын дойдубутунан киэн туттуу тыыныгар киллэрдэ.

Күрэҕи үөрүүлээхтик аһыы кэнниттэн хамаандалар бары “путевка” тутаннар түһүмэхтэринэн “айаннаатылар”. Ким эрэ скакалкаттан, ким эрэ остуол оонньуутутттан, ким эрэ ыллаан эбэтэр өбүгэлэрбит төрүт оонньууларыттан хабылыктан саҕалаатылар. Хас биирдии көрүҥҥэ сатыыр, кыайа-хото тутааччы баара кэпсээн буолла – скакалкаҕа Айтал Санников, хабылыкка Василий Копырин олох үөрүйэхтэр эбит диэн буолла, остуол оонньууларыгар (саардары киллэриигэ, мөһөөччүктэри быраҕыыга) наһаа улаханнык чорбойбут суох, ырыаҕа да тэҥҥэ эллэхтэстилэр.

Бүтэһик саамай күүтүүлээх уонна интэриэһинэй киһи болҕомтотун тардар түһүмэх бөһүөлэги тупсарыыга тугу оҥоруохха сөбүн кэпсээһин, көрдөрүү буолла. Барыларын да киэнэ олох халлаантан түһэн кэлбит оруо — маһы ортотунан былаан буолбакка, этэргэ дылы өнүйэн биэрдэххэ, көҕүлээтэххэ-саҕалаатахха нэһилиэнньэ көмөтүнэн оҥоһуллуон сөптөөх бырайыактар буолан биэрдилэр. Онон кырдьыга даҕаны дьиҥ чахчы Хатаспыт сайдарын-үүнэрин, тупсарын туһугар ис сүрэхтэриттэн ыалдьар дьон мустубуттара манна дьэҥкэ көһүннэ.

“Алаастар” убаастабыллаах-ытыктабыллаах Федорова П.П. аатынан Үлэ албан аатын аллеятын салҕаан, Совхознай уулуссаны тилийэ палисадниктары чэлгитэ көҕөрдүөххэ, хас биирдии палисадник бу уулуссаҕа үтүөкэн үлэһит дьоммут аатын сүгэригэр, бу дьон туһунан кэпсиир табличкалардаах буоларын эппиттэрин ытыс тыаһынан көрүстүбүт. “Туймаадалар” бэйэлэрэ иилээн-саҕалаан оҥостубут оҕо былаһааккатыгар салгыы баар сир учаастагын туһанан тренажердары туруоран кыахтаах, бэйэтин кыанар оҕолору, эдэр ыччаты иитэн-үөрэтэн таһаарарга диэн баҕалаахтарын биллэрдилэр. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн бу бырайыак үбэ-харчыта барыллаан ааҕыллыбыт уонна ол кыахтаах киһи хайдах буолуохтаахтарын көрдөрөр эдэр киһи, Дьулус Корякин кэпсииллэрин тухары кыаҕы – күүһү эрэйэр араас хамсаныылары оҥорон көрдөрдө.

“Агрогородоктар” нэһилиэкпит үрдүнэн норуот күүһүнэн оҥоһуллубут соҕотох стадиоммутугар эбии тугу оҥоруохха сөбүн кэпсээтилэр. “Малгин” түөлбэ эмиэ бэйэлэрэ көҕүлээн, субуотунньуктаан оҥорбут былаһааккаларыгар анал волейболлуур былаһаакканы оҥорорго санаммыттар. Эмиэ үбэ-харчыта ааҕыллан, үлэтэ-хамнаһа былааннанан барыта толору бырайыак буолан биэрдэ.

“1 Баҕарах” хамаандата сирин –уотун булан сүрдээх дириҥ ис хоһоонноох, түһүмэх-түһүмэх үлэлэрдээх нэһилиэнньэ бары араҥатын хабар сыаллаах оҥоһуллубут бырайыактара эмиэ ытыс тыаһынан көрсүлүннэ. Ордук чуолаан үйэтитиигэ, нэһилиэк устуоруйатын үөрэтиигэ, чиҥэтиигэ, тарҕатыыга анаммыт. Барыта олоххо киирдэҕинэ манна оҕо аймах, эдэр-эмэн, саас ортолоох, аҕам саастаах барыта бэйэтигэр сөптөөх миэстэни булан сынньаныан, кэпсэтиэн-сэһэргэһиэн, бириэмэтин атаарыан сөптөөх эбит.

“Тускул” КК уонна Хатастааҕы олохтоох дьаһалта бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн бэрт сэргэх, олус туһалаах тэрээһини ыыттылар. Тэрээһини кыайа-хото тутан, саҥаран-иҥэрэн, эбэн биэрэн күүрдэн, наадалаах түгэнигэр сыыдамсытан, сөптөөх кэмигэр орун оннугар түһэрэн “Тускул” КК киэҥ уораҕайын тилийэ сүүрэ сылдьан Константинова Вилена Михайловна ыытта.

Күрэхпитин сүрдээх үчүгэй музыкальнай нүөмэрдэр киэргэттилэр. Этэргэ дылы, баҕардахха музыка алыптаах долгуна – Хуухээ Балдорж, Виктория Местникова флейтаҕа, баҕардахха тэйэр-тэбэр үҥкүү — Хатастааҕы оҕо ускуустубатын үҥкүүһүттэрэ (салайааччы Семенова А.А), кырачаан уолаттарбыт күрүкүөм ырыалара (салайааччы Окорокова Т.Г), ырыа ылбаҕай ыллыгар эрллээхтик үктэммит Сулустаан Копырин (салайааччы Окорокова Т.Г).

Барыта бииртэн биир күргүөмнээх, тыҥааһыннаах түһүмэхтэр ааһаннар бириэмэни билбэккэ хаалан түмүк таһаарыы буолбутугар ээ, бүттэ дуо, диэн ыйытааччы баар буолан, күлсүү буолла. Күрэхтэһии тэрээһинигэр дьаһалта өттүттэн сүүрбүт – көппүт Семен Игнатьевка махталбыт улахан.

Тэрээһин устатын тухары салайааччылар – дьаһалта салайааччыта Пермяков Евгений Петрович, култуура киинин дириэктэрэ Чепалов Валентин Азотович тэбис-тэҥҥэ сырыттылар.

Аһара улахан чорбойуу суоҕун да иһин күрэх аата күрэх, онон түмүк маннык буолла:

1 миэстэ – “Малгин” (салайааччы Ефимова Александра Ефимовна)
2 миэстэ – “Агрогородок” (салайааччы Осипов Алексей Дмитриевич)
3 миэстэ – “Баҕарах” (салайааччы Попов Николай Семнович)

Ааптар: Наталья Руфова, Хатас

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА