21 Сэтинньи 21.11
  • -32°
  • $ 100,22
  • 105,81

Хатас суоппардарыгар күөх уоту, көнө суолу баҕараллар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Суоппар күнэ сэбиэскэй кэм саҕаттан — 1976 сыллартан саҕалаан — олох ирдэбилинэн араас ааттанан, ол эрээри сүрүн өйдөбүлүн тутуһан күн бүгүҥҥү күҥҥэ диэри бэлиэтэнэр. Хатаска эмиэ бу күнү күндүтүк саныыр дьон элбэх. «Хатас» сопхуос аар-саарга аатыран киэҥ далааһыннаахтык үлэлиир кэмигэр ситиһии ситимнээҕэр, кыайыы кынаттааҕар суоппардар оруоллара кырата суоҕа. Оччолордооҕу көхтөөх, күүстээх үлэ тыынын иҥэриммиттэр, олох араас мускуурун уйан муннукка анньыллыбакка хайа баҕарар балаһыанньаҕа быыс-хайаҕас булан, быһаарыныы ылынан олорон хаалбакка үлэни үҥэр таҥара оҥостон кэллилэр.

«Бэйэ-бэйэҕэ эрэллээх буолуу, өйөнсүү-өйдөһүү баара тыынар салгын курдук сайаҕас буоллаҕа. Хайа да, ханнык да кэмҥэ түмэр, сомоҕолуур дьоҕурдаах дьон баар буолан, оччоттон баччаҕа диэритин сүтэрсибэккэ, ыһыллыбакка кэллэхпит дэһэллэр», — «Хатас» сопхуос суоппардара. Кырдьыга да оннук.

Ол чаҕылхай туоһута Руслан Николаевич Кондратьев уонна Николаева Елена Константиновна буолаллар. Биирэ толкуйдуур, идеялыыр, биирэ ону сааһылаан, дьаптайан, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэн, быһатын эттэххэ барыллаан былааннанар, суруйар-бичийэр. Онон бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэн, бэйэлэрин тула биир санаалаахтарын мунньан, өссө күүһүрэллэр, кыахтаналлар.

Быйыл 2022 сыл алтынньы 29 күнүгэр да оннук буолла. Суоппардар үлэлэрэ-хамнастара диэтиҥ да диспетчер, заправщик баар буолара чуолкай, онон түөрт уонча киһи мустубутуттан алтата дьахтар аймах кэллэ – Борисова Ольга Егоровна, Егорова Раиса Васильевна, Баишева Виктория Викторовна, Евсеева Полина Егоровна, Николаева Елена Константиновна, Слепцова Капиталина Максимовна.

Этиллибит кэмҥэ, болдьоммут чааска бииртэн биир үөрүүлэриттэн өгдөччү туттубут, туттардыын-хаптардыын сыыдамсыйбыт, сэргэх сэбэрэлээхтэр кэлитэлээн бардылар. Манна дьоммут дьиэ кэргэттэригэр махталбыт улахан – бары тутуурдаах, астаах-үөллээх кэлэн, бэрт сотору саалаҕа турар остуол хотойорунан ас-үөл арааһынан туолла, дыргыл сытынан тунуйда. Сотору-сотору саҥа аллайан, олоҥхону сэргээччилэр курдук «ноо» диэн, көрсүһүүттэн үөрбүт, алтыһыыттан астыммыт дьон саҥата чуумпуран турбут киэҥ уораҕайы толордо.

Кэлиҥҥи кэмҥэ араас элбэх быһыы-майгы тахсан, балаһыанньабыт, олохпут тутулугар тиийэ уларытан көрсүһүү, алтыһыы лаппа аҕыйаабыта кистэл буолбатах, баар суол. Бу көрсүһүүнү туох эрэ көргө-нарга баҕарыы, күүлэй курдук сыаналыыр табыллыбат, бу көрсүһүү түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах буолууга төрүөт, ааспыты ахтан, билиҥҥи кэмҥэ бииргэбитин биллэрэн, инникигэ эрэли үөскэтэр сыаллаах-соруктаах тэрээһин буолар. Оннук даҕаны буолла.

Уруккуну умнубакка билиҥҥилиин ситимнээһин, аныгы көрсүһүүгэ диэн былааннар таҕыстылар. Онон ыҥырсыы, саныы-саныы эбиллии-кэпсэтии түмүгэр бу киэһэ Халиуллин Рашид Латыпович, Сивцев Николай Семенович, Гаврильев Николай Николаевич, Ефремов Герман Петрович, Уваровский Сергей Егорович, Михайлов Семен Радомирович, Платонов Роман Романович, Никифоров Петр Петрович, Попов Николай Семенович, Аргунов Валерий Семенович, Николаев Иннокентий Рожьевич, Пестерев Петр Петрович, Тен Вячеслав Михайлович, Тен Сергей Михайлович, Белозеров Андрей Владимирович,Баишев Петр Николаевич , Борисов Александр Кимович, Осипов Дмитрий Дмитриевич, Соболев Андрей Владимирович, Евсеев Григорий Григорьевич Кондратьев Руслан Николаевич, Решетников Анатолий Егорович, Баишев Дмитрий Петрович, Слепцов Андрей Иванович, Халитов Ришал Талганович, Слепцов, Евдокаров Леонид Прокопьевич түмүстүлэр.

Биллэн туран, бу түгэҥҥэ, бу чааска араас убаастанар биричиинэнэн кэлбэтэхтэр бааллар. Кэпсэтиһэ-кэпсэтиһэ, сэһэргэһэ-сэһэргэһэ эҥин эгэлгэ маассабай оонньууларга оонньоотулар, тириттилэр-хоруттулар, кыайыылаах өрөгөйдөөтө, кыайтарбыт да наһаа онтон соҥуйан барбата. Оонньуулары баһыйар үгүс өттүн туох баар атрибутикатыгар тиийэ Капиталина Слепцова бэлэмнээтэ. Икки улахан бириистэн биирин Осипов Дмитрий Дмитриевич, биирин Платонов Роман Романович ыллылар. Бириискэ бары кыттыспыттар, онтон улахан бириис спонсора Халиуллин Рашид Латыпович буолла.

Хас биирдии тыл эппит, ахтыыны оҥорбут киһи бастатан туран наставниктарыгар, үлэһит үтүөтэ урукку көлүөнэ дьонугар махталтан саҕалаатылар, инньэ гынан бу киэһэ Кожин Афанасий, Нога Иван, Шепелев Иван Ефимович, Гадяка Василий, Андреев Григорий Иннокентьевич, Винокуров Егор, Капитонов Афанасий Иванович, Осипов Василий, Дьяконов Николай Николаевич уо.д.а. ааттара элбэхтэ ааттаннылар. Петров Илья Иннокентьевич аҕыс уонус хаарын санныгар сүгүөр диэри күн бүгүн уруулун тута сылдьара ама кимиэхэ холобур буола суоҕай?! Аны сүүрдэ сылдьар массыыната бэйэтэ туһугар сэһэн-сэппэн туоһута буолуон сөптөөх – 1986 сыллар саҕаттан билигин да «Оо, барахсаны даа» диэн соһуйа көрбөт гына сэргэх, уурбут-туппут көрүҥнээх!

Тэрээһиммитигэр дьиэ-кэргэнинэн толору кыттыбыт, сүүрбүт-көппүт Борисовтар дьиэ кэргэттэригэр ураты махтал – Ольга Егоровна үлэһит үтүөтэ дьоммут бэлиэтэнэллэригэр санаатын ууран туран туруорсан, сурук бичик суруйан, төрөппүт уоллара Василий тэрээһин култуурунай чааһыгар кэлэн ырыа-хоһоон бэлэхтээн, баар дьон сүргэтин көтөхтө. Култуурунай чааһыгар киирдэххэ, Василийтан ураты эстрадабыт чаҕылхай сулустара Николай Андросов, Анастасия Готовцева ырыаларын уйан-уйаҕас долгунугар уйдаран, эдэр-эмэн сааспытын санаатыбыт, билиҥҥи да тэтимҥэ киирэн аастыбыт.

Эрдэттэн биллибит буолан, диджей оҕобут А. Протопопов сэбиэскэй кэмнээҕи хит ырыалары мунньубут, суоппардарга аналлаах да ырыалар аҕыйаҕа суох иһилиннилэр.

Кэргэннии Евсеевтар, Баишевтар, Борисовтар бааллара дьиэ кэргэн тутула бөҕөтүн туоһута дии саныыбын. Санаан көрүҥ, сопхуоспут ыһыллыыта биир хайысхаҕа, биир хамаандаҕа үлэлии-хамсыы сылдьыбыт икки үлэһит иккиэн биир кэмҥэ үлэтэ, үбэ-харчыта суох хааларын дьиҥ чахчы өйдөһүү-өйөһүү, тулуур-дьулуур баар буолан аастахтара диэн саныыгын.

Тэрээһин саҕаланыытыгар Хатас олохтоох дьаһалтатын баһылыга Пермяков Евгений Петрович дьаһалта уонна «Баҕарах» ХЭХ ааттарыттан бэлэхтэри туттартаата. Манна даҕатан эттэххэ Иван Константинович Сивцев салайааччылаах «Баҕарах» ХЭХ нэһилиэккэ буолар тэрээһиннэргэ кыаҕа баарынан сүрдээх дьоһуннук, суолта биэрэн туран кытталлар. Бу да сырыыга кинилэр бэлэхтэрэ ботуччу – саха быһаҕа!

Этиллибит эҕэрдэ, баҕа санаа тылларын бииргэ түмэн этэр буоллахха хайа да түгэҥҥэ, ханнык да кэмҥэ түмсүүбүт ыһыллыбатын, бүдүрүйбүккэ тирэх буолуоҕуҥ, өйөбүл, өйдөһүү баарын тухары ааппыт ааттаныа, махталлаах буоллахха ситиһии ситимнээх, кыайыы көтөллөөх буолуу баара, баар, баар да буолуоҕа, ааспыты ахтар, уруккуну умнубат билиҥҥигэ тирэхтээх буолуу төрүөтэ диэн буолла. Инникигэ эрэллээх буолуу төрүөтэ буолбут түмсүүнү тэрийбиттэргэ барҕа махтал буоллун. Күөх уоту, көнө суолу!

Ааптар: Наталья Руфова, Хатас

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА