Хатас - Павловскай муус суолу ахсынньы 11 күнүттэн арыйар былааннаахтар

Хаартыска: Мария Васильева, ЯСИА

Өлүөнэ эбэни муус суолунан Хатас — Павловскай хайысханан аны уон хонугунан арыйар былааннаахтар.

Тырааныспар министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, быһа барыллаан ахсынньы 11 күнүгэр Хатас — Павловскай туһаайыытынан айаны көҥүллүөхтэрэ, 3 туоннаҕа диэри уйуктаах массыыналарга.

Ахсынньы 20 күнүттэн — 20 туоннаҕа диэри, ахсынньы 28 күнүттэн — 30 туоннаҕа диэри, олунньу 6 күнүттэн — 40 туоннаҕа диэри.

This post was published on 01.12.2023 18:01 18:01