«Хатас — Павловскай» Өлүөнэ эбэни туоруур муус суол болдьоҕун иннинэ арыллыан сөп — ахсынньы 5 — 7 күннэригэр, 3 туоннаҕа диэри тырааныспарга. Ол туһунан премьер-миниистир Андрей Тарасенко улуус баһылыктарын кытта мунньахха эттэ, СИА суруйар.
Саха сиригэр кыһыҥҥы муус суоллары оҥоруу үлэтэ салҕанар. Хатас — Павловскай хайысханан муус суолу оҥорууга өрүс хаҥас кытылыгар үлэ барар. Билигин төрдүс балаһа уонна үһүс балаһа 50%-на ыраастанна. Муус халыҥа — 28 см.
Уҥа биэрэккэ муус суолга киирии оҥоһулунна. Тырааныспар министиэристибэтин былаанынан: 3 туоннаҕа диэри – ахсынньы 10 күнэ; 20 туоннаҕа диэри – ахсынньы 20 күнэ; 30 туоннаҕа диэри – ахсынньы 28 күнэ; 40 туоннаҕа диэри – тохсунньу 6 күнэ.
Миниистир бастакы солбуйааччыта Анатолий Потапов эппитинэн, бу учаастакка 3 туоннаҕа диэри уйуктаах массыыналарга суол арыллыыта болдьоҕун иннинэ көҥүллэниэн сөп.
«Бу күннэргэ быһаарыы тахсыаҕа, суолу ахсынньы 5 — 7 күннэригэр арыйар кыах баар», — диэтэ кини.
This post was published on 30.11.2022 13:01 13:01