Хатас — Павловскай хайысханан муус суола бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, арылынна. Ол туһунан ЫБММ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Муус суол Өлүөнэ эбэни туоратар, Дьокуускай уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун территорияларын хабар, өрөспүүбүлүкэ суолталаах.
Техническай сибидиэтэлистибэни ааста. Муус халыҥа 35 — 80 см. Онон 3 туоннаҕа диэри техника сылдьыан сөп. Суол бэлиэлэрэ туруорулуннулар.
This post was published on 11.12.2023 15:30 15:30