Суол үлэһиттэрэ Хатас — Павловскай хайысханан Өлүөнэ эбэни туоруур кыһыҥҥы суол оҥоруутун саҕалаатылар, диэн СӨ Суол управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ, суруйда Саха сирэ саайт.
Дьокуускай өттүттэн 4,5 км уһуннаах айан суолга суол бэлиэлэрин туруораллар. Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 7 күнүттэн, 20 киһилээх биригээдэ суолга муус ыраастааһыҥҥа киириэҕэ. Өлүөнэ эбэ уҥа кытылыгар киирии суолу бэлэмнээтилэр уонна тырааныспардары ыйааһынныыр былаһааккалары туруоруу түмүктэннэ. Уос-Кумах арыытыгар диэри кыһыҥҥы суолу хайытыыга алта тиэхиньикэ ыытылынна. Үлэ салҕанар.
Күн-дьыл туругуттан көрөн өрүс суола ахсынньы ый ортотуттан 3 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах тырааныспарга аһыллыаҕа. Өрүс мууһа тура илигинэ суоппардар айантан туттуналлара ирдэнэр. Ыстаарааба мөлүйүөн солкуобай.
This post was published on 07.11.2024 11:02 11:02