Саха киһи буолан килбэйиитин, саха буолан сандаарыытын биир саамай кылаан кырыыта махталлаах буолуу. Махталлаах буолуу диэн ол аата сырдыгы, сылааһы, үтүөнү сүрэххэ-дууһаҕа иҥэринии, ол сырдык өрүтү эн дууһаҕар-сүрэххэр иҥэрбит дьону-сэргэни, сири-уоту өрө тутуу, бэриниилээх буолуу.
Дойдуга бэриниилээх киһи олоҕун хайа баҕарар кэмигэр, ханнык баҕарар тутулга, балаһыанньаҕа үтүөнү үксэтии, инникигэ эрэл, уруккуну умнубат диэн өйдөбүл баар эрэ буоллаҕына иитийэхтэнэн тахсар иэйии. Бу эппитим барытын туоһута буолар сиэрдээх-туомнаах, сэргэх тэрээһин бу күннэргэ буолан ааста.
Ол курдук 45 сыл анараа өттүгэр ситии-хотуу докумуонун – аттестааты туппут оччотооҕу омуннаах оҕо саас суолуттан эдэр саас саас эймэнитэр, элэгэлдьитэр, тэгилийэр тэтимнээх кэмигэр сылдьар Хатас орто оскуолатын бүтэрбиттэр күн бүгүн убаастанар, ытыктанар дьоһун дьоннор нэһилиэктэригэр махталларын биллэрэн Хатас нэһилиэгин түмэлин киирэр аанын тупсаран, бөҕө-таҕа, тупсаҕай оҥоһуулаан биэрдилэр.
Бэлэх сууммата ботуччу, оҥоһуутун хаачыстыбата олус үчүгэй,көстүүтэ биир оннук. Бу кылаас үөрэнээччилэрэ оскуола боруогун атыллыахтарыттан ис иһиттэн арыллан-аһыллан биир биир оччотооҕу да, билиҥҥи да кэм сулустара буолаллар. Кинилэр ортолоругар РФ уонна СӨ үтүөлээх бырааһа Павлова Любовь Аркадьевна,СӨ үтүөлээх бырааһа Аэлита Анатаольевна Посельская, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Козлова Парасковья Афанасьевна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Аргунова Раиса Михайловна, Федорова Любовь Михайловна, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Козлов Алексей Григорьевич, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуннара Онуфриева Инна Дмитриевна, Мокрощупова Антонина Семеновна, СӨ тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээннэрэ Ямова Мария Николаевна, Ефремова Зоя Афанасьевна, Алексеева Екатерина Константиновна, Петрова Анна Николаевна, Никифоров Гаврил Дмитриевич, Никифоров Петр Петрович уо.д.а. Петр Никифоров “Аргыс” библиотека тутаах киһитэ, “Айхал” үҥкүү ансаамбыл састаабыгар киирэн сири Сибиири кэрийдэ, саха омук диэн баарын элбэх дойдуга биллэрдэ. Мария Ямова 29 сыл ыанньыксыттаан баран баар балаһыанньаҕа батыллан олорон хаалбакка тугу сатыырынан, өйө-санаата кыайарынан тутан-хабан, боуробалаан, дугдуруйан көрөн күн бүгүн тутуспут хайысхатыгар тарбахха баттанар менеджер. Манна кини дьиэ-кэргэнин өйөбүлэ-өйдөөһүнэ улахан суолталаах.
Манна даҕатан эттэххэ, бу бэлэх буолан утары ууммут тутууга-оҥоһукка кини кэргэнэ Александр Ямов быһаччы сыыһыаннаах. Кини курдук дьону талаан тарбаҕынан, сатабылынан тимири да ыллатар киһи диэн ааттыыллар. Уопсайынан хомуйа тутан эттэххэ бу кылаастан хас биирдиилэрэ туппутун ыһыктыбакка оргууй-наллаан дьоһуннук дьаһанан хаһан даҕаны кимтэн да көрдөспөккө, салҕаммакка төттөрүтүн куруутун биэрэдээх, утары уунардаах – билиилэрин-көрүүлэрин, сатабылларын, уопуттарын, наада буоллаҕына үбүнэн-харчынан даҕаны.
Күн бүгүҥҥүгэ диэри сүрдээх элбэх тургутууну, үтүө-мөкү мөккүөрүн, дойдуга тутул уларыйыыытын кытта дьон өйө-санаата сатарыйыытын, уопсай турук ыһыллыытын уйан бэйэ бодолорун ыспакка, инникигэ эрэли сүтэрбэккэ, аныгы олох хардыытыгар, хамсааһыныгар сөп түбэһэрдии дьаһанан эбии үөрэнэн-дьарыктанан, өйгө-санааҕа буһаран, иҥэрэн кэллилэр. Кинилэр билигин этэргэ дылы инникигэ эрэллэрэ улахан, кэннилэрин хайыстахтарына кэпсиирдээхтэр, ырытан, наардаан көрдөхтөрүнэ сүбэлиирдээхтэр, сирдээҕи олоххо тирэхтээхтэр, аныгы технологиянан куйаар да нөҥүө көҥүл босхо эн-мин дэһэн иннин-кэннин булардаахтар.
Дьэ ити курдук кэпсээн туран 1978 сыллаахха Хатас орто оскуолатын бүтэрбиттэргэ нэһилиэктэрин дьонугар-сэргэтигэр, сиригэр-уотугар махтанан туран нэһилиэк түмэлигэр бэлэхтэрин үөрэ-көтө ылынабыт уонна быйылгы сылга үбүлүөйдээх выпустар кинилэр холобурдарынан бу курдук бэлиэ тэрээһиннэри ыытыахтара диэн эрэлбит улахан.
Наталья Руфова