«Хатас булчуттара» эр дьон түмсүүтэ сайыны көрсөр күүтүүлээх кэтэһиилээх күммүтүгэр баай барыылаах Байанай суруллубатах сокуонунан сааскы булдунан бэтэрээннэрбитин, дойдубут ыарахан кэмигэр ил-эйэ туһугар туруулаһа сылдьар эр дьоммут дьиэ кэргэттэрин күндүлээтилэр.
Кусчуттар — Апросимов Алексей, Бурцев Михаил, Евсеев Григорий, Егоров Михаил, Игнатьев Семён, Ларионов Анатолий, Окороков Михаил, Павлов Андрей, Попов Николай. Уолаттар бары талыллыбыт курдук дьиэ-кэргэн аҕа баһылыктара, үлэлээх-хамнастаах, дьиэлээх-уоттаах, силис-мутук тардыбыт, олох араас эйгэтигэр туспа ааттаах-суоллаах үлэһит бэрдэ дьон – уус, суоппар, ыксаллаах быһыы-майгы тэрилтэтин үлэһитэ, учуутал, олох-дьаһах хаһаайыстыбатын, олохтоох дьаһалта уо.д.а. Кинилэри булка-аска эрэ буолбакка, Хатаска буолар араас таһымнаах, араас эйгэлээх тэрээһиннэргэ көрөҕүн, кинилэр ыллыыллар-туойаллар, айаллар-туталлар.
Хатас булчуттара бары булчут үгэһин этинэн-хаанынан, өйдөрүнэн-санааларынан иҥэриммит дьон. Бу түмсүү дьоно үтүө үгэстэриттэн биирдэстэрэ бэйэҕэ көмөлөһүү, өйдөһүү, биһирэми биллэрии, бэлэх-туһах туттарыы буолар. Биир оннук үтүө сонуну, хайҕаллаах быһыыны-майгыны кэрэ кэпсээн, сэргэх сэһэн оҥостон үллэстиэхпин баҕардым.
Быйылгы 2023 сыл сааскы булт үөрүүтүн, өрөгөйүн билбит – маҥнайгы көҕөнү суулларбыт байанайдаах булчут Попов Николай Николаевич Хатас булчуттарыттан бириис тутан үөрүүтэ үс бүк үрдээтэ, түөрт төгүл чиҥээтэ. Дьэ ити курдук саха сахатынан кэрэ, үөрүүүнү – көтүүнү үллэстэр.
Маннык мааны майгы үтүөтүн мин биир бэйэм эмиэ күн бүгүн билэн олоробун. Ыкса ыалларым, булт диэн баран муннукка ытаабыт Альберт Яковлев, Иван Татаринов бэрсибит кустарын ыргыччы мииннээн, сайыммыт саҕаланыытын эппинэн-хааммынан аһардым. Бу хамсааһыҥҥа, үтүө үгэскэ дьаһалта сүрүннүүр исписэлииһин Игнатьева Наталья Иннокентьевна дьиэ-кэргэнэ кыттыһан, үс бэтэрээн дьиэ-кэргэнэ бүгүн, бэҕэһээ остуолун хоточчу аһыгар кус мииннээхтэр.
Ити курдук бу күннэргэ Хатаска сүүһүнэн ыал – аймах билэ-дьон, ыкса ыаллар, бииргэ үөрэммиттэр, убаастанар, ытыктанар аҕам дьон уо.д.а. сааскы булдунан күүтүүлээх-кэтэһиилээх сайаҕастай сайыммытын бэлиэтээтибит.
Ааптар: Наталья Руфова, Хатас
This post was published on 23.05.2023 10:01 10:01