Бэҕэһээ, ыам ыйын 25 күнүгэр, Хатаска «Тускул» култуура киинигэр айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс санаанан, ийэлэр, эдьиийдэр, эбээлэр мустаннар анал байыаннай дьаһалга кытта сылдьар эр хоһуун уолаттарбытыгар таҥас-сап тиктилэр. Барыта 16 киһи кытынна.
Таһыттан көрдөххө бэрт дьоҕус сүгэ сылдьар мөһөөччүккэ сииккэ-буорга, тыалга-кууска, куйааска сылдьарга сөптөөх чараас да, халыҥ да кэмпилиэк таҥас (сылааһы тутар чараас-сылаас ыстаан, ырбаахы, футболка, плащевой уонна «хаки» таҥастарынан икки көстүүм, кээнчэ) тигилиннэ. Бу «Илии сылааһа Тепло руки» диэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үгүс дьону-сэргэни түмпүт, сомоҕолообут хамсааһын күн бүгүн эрэ саҕаламмыт дьыала буолбатах.
Саҕалааччылартан, көҕүлээччилэртэн биирдэстэрэ Ирина Егоровна Саввина биир санаалааҕын Аммосова Александра Васильевналыын кэлэн маастар-кылаас көрдөрдүлэр, ымпыгын-чымпыгын кэпсээтилэр. Ирина Егоровна кырдьыга даҕаны үтүө дьыала үтүмэн дьону биир тыыҥҥа, биир тэтимҥэ киллэрбитин бэрт итэҕэтиилэхтик кэпсээтэ. Ол курдук кинилэр көрдөһүүнү ылынан улуустарынан сылдьан маастар кылаастары көрдөртөөн, быһааран күн бүгүн Мэҥэ Хаҥалас, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Таатта уо.д.а. улуустар амарах санаалаахтарын кытта үлэлэһэллэр эбит. Аны «кэлиҥ, көрдөрүҥ» диэччи улуустар этэргэ дылы кырыы кырыытынан элбэхтэр эбит.
Хатас нэһилиэгин дьоно бу да сырыыга түмсүүлээхтэрин, тэрээһиннээхтэрин дьиҥ чахчы көрдөрдүлэр. Манна даҕатан кэпсиир буоллахха, ханна да буоларын курдук бу уустук балаһыанньа саҕаланаатын кытта түмсэ-сомоҕолоһо түһэн, маҥнайгы аахсыйалар буолуталаабыттара – анал суумкалары тигиигэ, эми-тому хомуйан ыытыыга, таҥаһы-сабы хомуйууга, онно сылдьар дьоммутун санааларын көтөҕөр туһугар «Саллаакка сурук» диэн тэрээһиҥҥэ, оскуолабыт оҕолоро собо миинин, сылгы этин кэнсиэрбэлээн ыыппыттара, Хатас уус уолаттара саха быһаҕын оҥорон (хаҥас илиилэринэн туттааччыларга, уҥа илиилэринэн туттааччыларга тус туһунан чочуйан-оҥорон), портка киирэн атааран, уоппускаҕа кэллэхтэринэ анаан көрсөн сэһэргэспиттэрэ.
Аны бу уолаттарбыт дьиэ-кэргэттэригэр муус ылыытыгар, хаары ыраастааһыҥҥа көмө, Ньукуолуҥҥа анаан Байанай бэлэҕиттэн кус бэрсиитэ уо.д.а. Онтон бу бүгүҥҥү тэрээһини баҕа өттүнэн тэриллибит «Илии сылааһа» иистэнэр сыахха көмөлөһө бара сылдьыбыт Семенова Евдокия Ефимовна, Жиркова Татьяна Григорьевна уонна Токоемова Саргылаана Ивановна көҕүлээһиннэринэн-саҕалааһыннарынан, Тускул КК кэлэктиибэ сүбэлэһэн, мунньахтаан баран сүүрэн-көтөн, үлэлиир усулуобуйаны тэрийэн (аһыгар-үөлүгэр тиийэ) ыыттыбыт.
Бүгүн кэлбит хас биирдии кыттааччыга ис сүрэхтэн махтанан туран олохтоох дьаһалта салайааччыта Пермяков Евгений Петрович тыл этиитин бары дууһабытынан ылынныбыт. Дьокуускай куорат Норуот айымньытын киинин Тускул КК дириэктэрэ Чепалов Валентин Азотович кыттааччыларга барыларыгар Махтал сурук туттарда. Кэлбит дьону Тускул КК кэлэктиибин үлэһиттэрэ сүүс бырыһыан кыттыһан (ким эбии ас-үөл аҕалан, ким астаан, ким сууйан-тараан уо.д.а) итии аһылыгынан күндүлээтилэр. Манна аһылыгынан көмөлөспүт «Илгэ» (салайааччы Ксенофонтова Саргылана Ивановна) маҕаһыыҥҥа дириҥник махтанабыт.
Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ кыттыбыт Смирникова Тамара Герасимовнаҕа, Чабыева Наталья Гаврильевнаҕа, Павлова Наталья Николаевнаҕа, Ефремова Полина Захаровнаҕа, Дьячковская Ольга Павловнаҕа, Харитонова Светлана Иннокентьевнаҕа, Хатылаева Валентина Николаевнаҕа, Иванова Саргылана Гаврильевнаҕа, Степанова Саргылана Васильевнаҕа, Халиулина Ньургуйаана Ивановнаҕа, Чикачева Марианна Андреевнаҕа, Тарасова Анита Васильевнаҕа, Павлова Галина Петровнаҕа, Дегтярева Розалия Ивановнаҕа,Белолюбская Ньургуйаана Алексеевнаҕа, Сергучева Вероника Акимовнаҕа дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Көрөрбүт курдук бары саха сатаабатаҕа суох диэни толору дакаастыыр иискэ-күүскэ сыһыаннаах, саха дьахтара сатыырын барытын оҥорор далбардар. Оскуолаттан, олохтоох дьаһалтаттан, «Кэрэчээнэ» оҕо уһуйааныттан, анал иис-күүс тэрилтэтигэр үлэлээччилэртэн, оҕо көрөн олорооччулартан уо.д.а. олох бары хайысхатыгар үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьар ийэлэр, эбээлэр.
Ааптар: Наталья Руфова, Хатас
This post was published on 26.05.2023 09:01 09:01