Хатас дьаһалтата сыллааҕы үлэтин отчуоттаата

Ахсынньы сылы түмүктүүр ый буолан, түбүгэ-табыга үгүс. Ааһан эрэр сыл ситиһиилэрэ, кыайыылара, кыаллыбатаҕа-табыллыбатаҕа барыта ыраас илиискэ ууруллар кэмэ. Хатас нэһилиэгин дьаһалтатын салайааччыта Евгений Пермяков сыллааҕы үлэтин түмүктэрин кэпсээтэ, инникигэ былааннарын сэгэттэ. Отчуот барар үлэ хайысхаларынан сирдэтэн оҥоһуллубут.

Биирдэ санаан көрдөххө, көрүллүбүт бүдьүөттэн уҥа-хаҥас хамсаабакка бэриллибити туһанан үлэлиэххэ сөп. Ол гынан баран, бүддьүөт эрэ иһинэн үлэлиир буоллахха, кэпсиир-сэһэргиир элбэҕэ суох буолуон сөп. Онон төһө кыалларынан үп-харчы көрүллүүтүн бары өттүнэн үөрэтэн көрөн араас бырагыраамалар, бырайыактар баалларын туһаннахха олохпут усулуобуйатын тупсарыахха сөбүн өйдөөбүт нэһилиэнньэни өйдөөн-өйөөн биэрдэххэ кырата суох боппуруостар быһаарыллыахтарын сөп. Ол курдук ППМИ (олохтооөх дьон көҕүлээһинин өйүүр бырагыраама) нөҥүө Дьаарын түөлбэҕэ 1,5 км. Суол оҥоһуллубут, эбэтэр Хатастааҕы сибиинньэ иитэр комплекс, Баҕарах ХЭХ, Прогресс ХЭХ көмөлөрүнэн Федорова П.П. аатынан уулуссаҕа уот киирбит, түмэл дьиэтэ нэһилиэнньэ олус көхтөөхтүк кыттыбыт аахсыйатын көмөтүнэн өрөмүөннэммит, эбэтэр эдэр уолаттарбыт көҕүлээһиннэринэн, быһаччы көмөлөрүнэн кытаанах бөҕү – саҕы, тобоҕу-ибэҕи тоҕорго аналлаах контейнердар турар сирдэрин тупсаран, табыгастаах, үчүгэй көстүүлээх гына оҥоруу уо.д.а. атын элбэх кэрэхсэбиллээҕи кэпсээтилэр. Былааҥҥа киирбит тутууларбыт быстыбакка бара тураллар: күүтүүлээх-кэтэһиилээх спорт дыбрыаһа, оскуолабытыгар эбии тутуу (пристрой).

Барбыт үлэлэртэн быһа тардан кэпсээн ааһар буоллахх, нэһилиэкпит 76 уулуссалаах, онно быйылгы сылга 17 км338м уһуннаах суол оҥоһулунна, икки уулуссаҕа саҥа асфальт тэлгэннэ, уот холбонно. Ону “Сырдык столица” диэн бырагырааманан 1Баҕарах, 2Баҕарах,Хоринскай, Федорова П.П. аатынан уулссаларага барыта 60 остуолбаҕа уот сандаарда. “Илин Сибииргэ 1000 олбуор” диэн бырагыраамаҕа хапсан Дьокуускай үрдүнэн Хатаска эрэ Ленин аатынан уулусса 67, 67/1, 67/2 дьиэлэр олбуордара тупсарылынна, киирии – тахсыы суоллара оҥоһулунна, былаһааккалар тутулуннулар, асфальт тэлгэннэ.Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар кэтэх хаһаайыстабаларга 4550000 солкуобай, сылгынан дьарыктанааччыларга 772000 солк көмө оҥоһулунна. Доуробуйатынан хаарчахтаах дьонноох 6 ыалга олорор усулуобуйаларын тупсарыыга (благоустройство киллэриигэ) көмө оҥоһулунна.

Биллэн туран барыта уу ньуурун курдук эриэ дэхси кэрэ олох диир кыаллыбат. Билигин да үлэлэһиэххэ, ситэри оҥоруохха, тупсарыахха диэҥҥэ хара баһаам элбэх боппуруос баар. Ол төһө кыалларынан оҥоһуллар, 2-3 хардыы эрдэ толкуйдааһыннаах дьыалалар эмиэ бааллар, олор эмиэ силиктэрэ ситтэҕинэ Хатаспыт өссө сайдыа – үүнүө, чэлгийиэ. Евгений Петрович дакылаатын түмүгэр тоһоҕолоон, ураты болҕомто биэрэн туран үтүө дьыалаларга, олохтоохтор көҕүлээһиннэринэн тэриллибит тэрээһиннэргэ тохтоон махтанна уонна салгыы да маннык бииргэ сомоҕолоһон, түмсэн Хатаспыт аатын ааттатыахха диэн этиитин ытыс тыаһынан көрүстүбүт. Манна даҕатан эттэххэ Евгений Петрович тус бэйэтин көҕүлээһининэн нэһилиэк историятын үөрэтиигэ, дьону-сэргэни дойдумсах буолууга (патриотическай) үлэҕэ иитиигэ улахан далааһыннаах үлэ бара турарын хайаан да бэлиэтиэххэ наада.

Евгений Петрович кэнниттэн Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаата Козлова Парасковья Афанасьевна нэһилиэк дьаһалтатын кытта бииргэ үлэлээһин түмүгэр быһаарыллыбыт боппуруостары кэпсээтэ. Ол кэнниттэн уопсай кэпсэтии, боппуруостар, үлэни-хамнаһы сыаналааһын буолла. Боппуруостар сүрүннээн суол-иис, тыа хаһаайыстыбатын туһунан буоллулар. Оскуола дириэктэрэ Слепцов Н.В. этэрин-кэпсиирин тухары хаста да ытыс тыаһа буолла: оскуолабытыгар эбии тутуу (пристрой), оскуолабытыгар капитальнай өрөмүөн үбэ-харчыта көрүллүбүт – истиин-тастыын, миэбэлгэ тиийэ уларытыы, саҥатытыы. Агро диэн хайысханы тутуһан бу өттүгэр аҕыйах сыл иһигэр киэҥ хардыылардаах сайдыы-үүнүү баран өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн итинник хайысхаҕа аҕыс уонтан тахса оскуолаҕа бэрт соторутааҕыта 67 миэстэ эбит буоллахтарына күн бүгүн иккис миэстэҕэ тахсыбыттара ама кими үөрдүө суоҕай.

Николай Владимирович тыл этиитин түмүгэр оскуола өрөмүөнүгэр, тутууга үлэлэр бардахтарына нэһилиэнньэ көмөтө олус наадатын уонна ол көмө баар буоларыгар эрэлин биллэрдэ. Бу этиини мунньах дьоно ылыммыттарын ытыс тыаһынан биллэрдилэр.

Тыл эппит, сыанабылы туруорбут олоххо көхтөөх дьоммут – Галина Константиновна Габышева,Галина Николаевна Громова, Алексей Дмитриевич Осипов, Агафья Алексеевна Черноградская хас биирдиилэрэ бэйэлэрин өттүттэн өссө туох үлэ бардаҕына өссө тупсуу буолуон сөбүн эттилэр. Кинилэр бары арай биири бэлиэтээтилэр – дьаһалта билигин үлэлии олорор хамаандата дьиҥ чахчы биир санаалаах, биир сыаллаах – соруктаах үлэлиир кыахтаах, үлэлиир баҕалаах, таһымнаах.

Кинилэр кимнээхтэрий:
— Пермяков Евгений Петрович – салайааччы
— Пинигин Василий Егорович — солбуйааччы
— Керегяева Олеся Владимировна – кылаабынай исписэлиис
— Игнатьева Наталья Иннокентьевна – сүрүн исписэлиис
— Игнатьев Семен Семенович – спорт уонна эдэр ыччаты кытта үлэ исписэлииһэ
— Шелковникова Надежда Ивановна – тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ
— Нестерева Евгения Михайловна — юрист
— Дьячковская Ольга Павловна – сир боппуруостарыгар исписэлиис
— Скрыбыкина Розалия Кимовна – сэкиритээр
— Иванов Григорий Александрович – олорор усулуобуйаны тупсарыыга үлэ исписэлииһэ
— Осипова Ольга Никитична – кылаабынай бухгалтер
— Старкова Анна Леонидовна — кылаабынай бухгалтер
солбуйааччыта
— Реева Екатерина Дмитриевна – дьаһалта үлэтэ барыытыгар үп-харчы хамсааһыныгар дуогабардары түһэрсээччи сүрүн исписэлиис
— Сивцева Евгения Ивановна — экономист.

Сылы түмүктүүр тэрээһиннэртэн биир саамай күүтүүлээх тэрээһин – дьаһалта отчуота дьоһуннук ааста.

Ааптар: Наталья Руфова

This post was published on 21.12.2022 16:01 16:01