Хатас нэһилиэгин убаастанар, ытыктанар дьоно 94 саастаах Уваровскай Аркадий Михайловичтан саҕалаан, саамай эдэр 57 саастаах “оҕолоругар” тиийэ бу айаны өр күүтэн-кэтэһэн, Нам түмэллэригэр баран ыалдьыттаатылар. Айаҥҥа олохтоох дьаһалта баһылыга Евгений Пермяков, бэтэрээннэр сэбиэттэрэ уонна куорат думатын депутата Иван Салатюк холбоһуктаах үлэлэрин түмүгэр бэлэм техника көрүлүннэ.
Бастакы тохтобул Никольскай нэһилиэгэр Прасковья Романовна Протопопова салайааччылаах Саха сиригэр сири кытта үлэҕэ уонна бурдук үүннэриитин устуоруйатын түмэлигэр буолла. Сахалыы бэркэ дьаһанан, сааһыланан үйэтитиллиэхтээҕи барытын үмүөрүтэн, хомуйан, сүрүн өйдөбүлү толору биэрэр кыраттан улаханыгар тиийэ экспонаттар, матырыйааллар сөрү-сөп гына түмүллэн турара, бу дьоҕус кэлэктиип үйэлээҕи толкуйдаан туран айа-тута, астына-дуоһуйа үлэлииллэрин көрөргө да, истэргэ да олус үчүгэй.
Манна дьиэлэрин хас биирдии муннуга анал тиэмэлээх, кэпсиирдээх-көрдөрөрдөөх, ханнык баҕарар киһиэхэ (сааһыттан тутулуга суох) тиийимтиэ-өйдөнүмтүө гына оҥоһуллубут, ууруллубут. Үлэһиттэр хас биирдии экспонакка харыстабыллаах уонна дьиҥ ис сүрэхтэн тапталлаах, убаастабыллаах сыһыаннаахтарын киһи киирээт да бэлиэтии көрөр. Ордук улахан болҕомтону, сэргээһини-кэрэхсээһини саха дьоно оҕолорун сайдыытыгар оҥорбут араас эгэлгэ оонньуурдара угуллубут сундууга буолла – балык уҥуоҕуттан, сүөһү, таба, сылгы бытархай уҥуохтарыттан, сиэлтэн, кутуруктан, мастан уо.д.а. Саха дьоно кырдьыга даҕаны өркөн өйдөөхтөрүн, сатабыллаахтарын сөхтүбүт. Көрдөххө боп-борустуой быаны (ситиини) эрийиигэ угун араастаан оҥордоххо аччаабыта үс араас оонньуу тахсарын биллибит. Аны фотозоналарга араастаан таҥнан симэнэн хас биирдии таҥаһы, араас туттар тэрили кэпсии-кэпсии илиибитинэн тутан-хабан, харахпытынан илэ-чахчы көрөн, эмиэ биир туспа сэргэхсийии буолла. Сайыҥҥы өттүгэр түмэл тиэргэнигэр араас маастар-кылаастар эмиэ зоналарынан үлэ барарын истэммит өссө кэлиэх буолан салгыы айаннаатыбыт.
Нам улууһун кыраайы үөрэтэр, этнографическай музейыгар тиийдибит. Аата да этэрин курдук, сүрдээх киэҥ эйгэлээх, дириҥ ис хоһоонноох үлэлээх түмэлгэ экскурсияҕа экскурсоводы айахпытын атан баран эккирэтэ сырыттыбыт. Экскурсовод үлэтэ сүрдээх болҕомтолоох буолууну, дириҥ билиини, уус-ураннык, умсугутуулаахтык кэпсээһини эрэйэр уонна ирдиир идэ. Киниттэн түмэл үлэтэ быһаччы тутулуктаах. Биһигини Хатаспыт бочуоттаах олохтооҕун А.И.Копырина төрөппүт уола, СӨ култууратын туйгуна, бу түмэли 15 салайар Александр Иванович Копырин олус сылаастык көрүстэ. Кини аҕата И.В.Копырин музей үлэтигэр быһаччы сыһыаннаах, дууһатыгар иҥэриммит киһи этэ. Уус-Алдан Бээрийэ нэһилиэгин түмэлин төрүттэспит киһи уонна кэлин Хатас нэһилиэгэр музей баар буоларын туһугар туруулаһан туран, туруорсубут дьонтон биирдэстэрэ буолар.
Нам улууһун түмэлин биир кэпсэл-сэһэн буолар уратыта бу манна үгүс элбэх экспонаты түмэл талаан тарбахтаах үлэһиттэрэ оҥорон-тутан биэриилэрэ эбит. Дьэ санаан көрүҥ, биир бюст ортотунан сыаната 300-500 тыһыынча солк буоллаҕына, бу төһөлөөх курдук үтүө көмөнүй?! Аны маны оҥорбут эдэр киһиэхэ дойдумсах буолуу санаата иҥэрин, сүрэҕэр-дууһатыгар ылыныытын эбэн кэбис…
Түмэл алта саалалаах, бу сыллар тухары мунньуммут баайдарын –дуолларын киэҥ уораҕайга киллэрэн, олус тупсаҕайдык, дэлэйдик-холойдук ууран туруораллара, түмэллээх эрэ барыта ымсыыра көрүөх курдук. Манна дьиҥ чахчы тимир болгуону уулларан, урукку туттар тэриллэри чөлүгэр түһэрбиттэрэ эмиэ биир туспа кэпсээн.
Биллэн туран, көстөр саалалары таһынан экспонаттары харайар сирдээх, инньэ гынан экспозициялар кэмиттэн кэмигэр уларыйыылара эмиэ хааччыллыбыт.
Биир улахан сэҥээриини ылбыт экспонат — 1977 сыллаахха М.К.Аммосов олоҕун суолун-ииһин илэ чахчы көрөн, ол дойдулар салалталарын сирэй-сирэйгэ көрсөн, сэһэргэһэн, олус сыаналаах матырыйааллары булбут, аҕалбыт экпедиция айаннаабыт түөрт “Урал” матасыыкылтан биирэ баар. Олус харыстабыллаахтык хараллан турар. Ол сырыыга сэттиэ буолан сылдьыбыттарыттан, күн бүгүн иккиэ буолан хаалбыттар.
Экспедиция үбүлүөйдээх ыһыах буолбут түүнүттэн саҕалаан, күһүҥҥү бүтэһик паромҥа тиийэ уһун бириэмэҕэ буолбут. “Урал” матасыыкылы ис тутулун, кыаҕын-күүһүн, мөлтөх өрүтүн барытын биллэхтэрэ диэн сөҕө-махтайа, махтана санаатыбыт. Санаан да көрдөххө, Орто Азия өҥүрүк куйааһыгар кумах куйаарга матасыыкылынан айанныыр сыанан-арыынан аҕаабата биллэр суол буоллаҕа, төһөлөөх буксуйуу, батыллыы, утатыы, аччыктааһын, 40 кыраадыс итиигэ айан уустуктара, мотуор оргуйуута уо.д.а. суол араас моһуоктара… Ону барытын тулуйан, туруулаһан айаннаан сыалларын сиппит дьоҥҥо күн бүгүн сүгүрүйүөх эрэ тустаахпыт диэн санаа киирэр.
Нам түмэлэ турар киэҥ уораҕайыгар өссө библиотека, култуура киинэ баалларын сэргээтибит, үс сүүстэн лаппа тахса көрөөччү киэҥник-куоҥнук олорон араас тэрээһиннэри көрөр-истэр көрөөччү саалатыгар киирэн олорон көрдүбүт. Дьэ чахчыта кыах-күүс тыына кэлэр улахан уораҕайа тутуллубут диэн үөрэ-көтө сүргэбит көтөҕүлүннэ.
Киһи барахсан бу орто дойдуга олорорун тухары (сааһыттан тутулуга суох) алтыһыылаах, көрсүһүүлээх, кэлэр-барар эрэ буоллаҕына, олох тыгыалас тымырын тутар уонна үүнэр-сайдар. Ону өйдөөн бэтэрээннэр бу айаннарыгар, тэрээһиннэригэр көмөлөспүт дьоммутугар өссө төгүл махтанабыт.
Ааптар: Наталья Руфова, Хатас
This post was published on 31.03.2023 10:28 10:28