Хатас – Аллараа Бэстээх хайысханан мууһунан сырыыны ахсынньы 11 күнүттэн көҥүллүөхтэрэ

Хатас – Аллараа Бэстээх хайысханан мууһунан сырыыны ахсынньы 11 күнүттэн көҥүллүөхтэрэ, оттон Хаҥалас – Бороҕон хайысханан суол ахсынньы 25 күнүгэр арыллара былаанныыллар. Бу туһунан Саха сиринээҕи Управтодор иһитиннэрэр

Ыйыллыбыт болдьохтор күн-дьыл усулуобуйатыттан көрөн уларыйыан син диэн, управлениеҕа чуолкайдаатылар.

Тустаах биэдэмистибэ муус суолунан сырыыны көҥүллүөн иннинэ айанныыр бобуллар.

This post was published on 21.11.2023 11:01 11:01