Хатас айдааннаах учаастактара

Дьокуускай куорат Хатаһыгар кэлиҥҥи сылларга сүүһүнэн учаастак атыыланан, үгүс киһи саҥа дьиэ туттан, быр-бааччы олорор санаалаах. Ол эрээри Покровскайдыыр суол 10-12 км уҥа уонна хаҥас өттүнэн «ГР-С2 – Хатас» магистральнай гаас ситимэ ааһарынан, бу хайысханан тутуллубут дьиэлэр суут уурааҕынан көтүрүллүөхтээхтэрин туһунан быһаарбыттара. Онон, өрөспүүбүлүкэ киин куоратын сиригэр-уотугар быр-бааччы олорор санаалаах ыаллар «уйаларыгар уу киирдэ».


Вице-премьергэ сорудахтаатылар

Өссө бу саас СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин Ил Дархан Егор Борисов дьаһалынан «Хатас учаастактарыгар» үөскээбит быһыыны-майгыны быһаарсаары, туһааннаах исписэлиистэри, олохтоохтору кытары көрсүбүтэ. Бу туһунан «Эдэр саас» сайтка суруйан турабын. «Хатас учаастактарынан» оробуочай бөлөх тэриллэн, бу буккуурдаах дьыала быһаарылыахтааҕын туһунан премьер-миниистир кытаанахтык эппитэ. Үлүгэрдээх үбү-харчыны ороскуоттаан баран, дьон уулуссаҕа хаалыа суохтаах.

Билигин «Хатас учаастактарын» дьыалата аны вице-премьер Игорь Никифоров илиитигэр киирдэ. Чунуобунньук ааспыт ый бүтүүтэ «Сахатранснефтегаз», Дьокуускай куорат дьаһалтатын, туһааннаах минис­тиэристибэ бэрэстэбиитэллэрин кытары көрсөн кэпсэппитэ. Ыам ыйын 25 күнүгэр ыытыллыбыт сүбэ-мунньахха суруналыыстары эмиэ ыҥырбыттара. СӨ баайын-дуолун, сирин сыһыаннаһыыларын миниистирин бастакы солбуйааччы Виктор Афанасьев биэдэмистибэ икки түһүмэхтэн турар «дорожнай каартаны» оҥорон бэлэмнээбитин кэпсээбитэ. Онно сурулларынан, бастакы түһүмэххэ, Хатас учаастактарынан дьарыктаныахтаахтар.

Хатас учаастактарын кыһалҕатын быһаарыыга Дьокуускай куорат мэрията уонна «Сахатранснефтегаз» дьарыктаныахтааҕа эбитэ буолуо. Мунньахха олорон иһит­тэххэ, бырамыысыланнай хампаанньа олохтоохтор туруорсууларын учуокка ылбакка, дьиэлэри көтүрэр эрэ санаалааҕа көстөр. Наар суукка-сокуоҥҥа эрэ сигэннилэр. Дьиҥэр, бу дьон эмиэ бырааптаахтар ээ. Бастатан туран, сирдэрин ИЖС-ка көһөттөрбүттэр. Ол аата дьиэ туттар быраабы ылбыттар. Аны олорор дьиэлэрин регистрациялаабыттар. Онон туох да буруйдара суох.

Уруккута «Хатас» сопхуос сирэ

Улахан араллааны таһаарбыт «Хатас учаастактарын» остуоруйатын ахтан-санаан аастахха, хас да сыллааҕыта Куорат Дууматын дьокутааттарын быһаарыыларынан, Покровскайдыыр суол 10 – 16 км уҥа өттө куорат микро-оройуонун статуһун ылбыта. Тута сөрөөн, учаастактары атыылаан барбыттара. Сыаната удамыр уонна суолун-ииһин туруга үчүгэй буолан, аҕыйах сыл иһигэр, хас да тыһыынча учаастак атыыламмыта. Сиринэн эргинээччилэр магистральнай гаас ситимэ быһа охсон ааһарынан куоһурданан, сотору кэминэн гааска холбонуоххут диэн эрэннэрэн, урукку «Хатас» сопхуос сирэ-уота бэрт түргэнник чааһынайдар бас билиилэригэр киирбитэ.

Гаас ситимэ Птицефабрикаттан саҕаланар

Покровскайдыыр суол 10 – 12 км уҥа уонна хаҥас өттүлэрэ «ГРС2 – Хатас» магистральнай гаас ситимэ ааһарынан, ураты хонтуруолланар учаастагынан буолар. Магистральнай ситим Птицефабрика оройуонуттан саҕаланан Покровскай тракт уҥа өттүнэн ааһан, салгыы Хатас хонуутун нөҥүөлээн Хатас сэлиэнньэтигэр баар АГРС-ка тиийэр. Бу ситим Хатас, Табаҕа, Владимировка бөһүөлэктэрин, Муусука Үрдүк оскуолатын уонна Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Чурапчы улуустарын гааһынан хааччыйар.

69 учаастактан 11-һэ ИЖС-ка көһөрүллүбүт

Бу сир ураты хонтуруолга сылдьар учаастактар (охранная зона) ахсааннарыгар киирэн, сокуон быһыытынан, араас эбийиэги тутуу бобуллар. «Сахатранснефтегаз» АУо салалтата эмиэ сэрэтэн турар эрээри, эргиэмсиктэр уонна атыылаһааччылар кумаардаан да көрбөттөр. Атыы-эргиэн тохтоло суох барар. Учаастактаах дьон Регистрационнай палаатаҕа тиийэн, туох да харгыһа суох докумуоннарын оҥорторон, өссө сытыы-хотуу өттө докумуоннарын чааһынай дьиэни туттууга көһөртөрөллөр. Бүгүҥҥү туругунан, гаас ситимин таһынан (охранная зона газопровода) 69 учаастак баар. Мантан 11 учаастак ИЖС-ка көһөртөрөн, тутуу ыытарга биэс ыал көҥүл ылан, дьиэлэрин регистрациялаабыттар. Маны таһынан даача сирэ диэн докумуоннаах 18 учаастакка капитальнай тутуу ыытыллыбыт. Билигин бу дьону кытары кэпсэтии ыыта сылдьаллар.

Бырабыыталыстыба көмөтө

Вице-премьер Игорь Никифоров этэринэн, хас биирдии боппуруос тус туһунан көрүллүөхтээх. Суут быһаарыытынан, дьиэлэр син биир көтүрүллүөхтээхтэр. Онно кыһалҕаҕа ыктарбыт ыалга утары баран, Хатас оройуонугар атын учаастактары көрдөөн эрэллэр. Атын учаастакка көһөллөрүгэр сөбүлэҥнэрин биэрдилэр даҕаны, уокуруктааҕы дьаһалтаны кытары сөбүлэһии түһэрсиэхтээхтэр. Билигин хас биирдии учаастак, тутуу сыанатын ааҕа-суоттуу сылдьаллар. Бырамыысыланнай хампаанньа дьиэлээх дьон атын учаастакка көһөллөрүгэр күүс-көмө буолуохпут диэн эрэннэрдэ. Дьэ, төһө туолар? Аны дьиэлэрин көтүрэн баран, сир-халлаан икки ардыгар хаалларыахтара диэн санаа эмиэ үөскүүр.

Ыспыраапка:

«Правила охраны магистральных трубопроводов» быраабылатын быһыытынан, гаас ситимин икки өттө (25 миэ­тэрэҕэ диэри) харыстанар зонанан буолар. Ол аата бу устатынан туох да тутуллуо суохтаах. Тутуу нуорматыгар олоҕуран, гаас ситимин икки өттүгэр 150 миэ­тэрэҕэ диэри тутуу ыытыллара көҥүллэммэт. Бу нэһилиэнньэни магистральнай гаас ситимигэр саахал тахсар түгэниттэн харыс­тааһын, ол аата куттал суох буолуутун ­хааччыйыы.

Өйдөммөт түгэн

«Хатас учаастактарын» дьыалатыгар биир өйдөммөт түгэн баар. Өскөтүн бу сиринэн магистральнай гаас утаҕа баар буоллаҕына, учаастактары тоҕо атыылаатылар уонна докумуонун регистрациялаатылар? Маны туһааннаах уорганнар тоҕо көрбөттөр? Холобур, бас билии докумуонун регистрациялыыр уорган, итиэннэ тутуу ыытыллыытыгар көҥүл биэрэр тэрилтэ? Дьокуускай куорат территорията улахана суох ээ.

This post was published on 04.07.2017 16:53 16:53