«Харысхал» аһымал пуондата «Саҥа дьыллааҕы остуоруйа» бырайыагынан саамай көхтөөх иитиллээччилэрин Тымныы Моруос дойдутугар Улуу Устюгка илдьэ сырытта. Өрөспүүбүлүкэттэн барыта сэттэ ыал талыллан кыһыҥҥы остуоруйаны илэ хараҕынан көрдө.
Оҕолор Тымныы Моруос саарыстыбатыгар ыалдьыттаан, бэйэтин кытары илэ көрсөн таарыччы куораты көрөн, зоопаркаҕа сылдьан төнүннүлэр.
«Билиҥҥи боростойо суох кэмҥэ бу сырыы ураты алыптаах буолла. Мин Верочкам айанныырын сөбүлүүр, уһун айаны тулуйар, онон бу сырыы киниэхэ эргиччи туһаны, дуоһуйууну аҕалла. Улуу Устюг хоту, тымныы, хаардаах сиргэ турар, ону остуоруйа дойдутун курдук тэрийбиттэрэ олус кэрэ, ураты», — диир иитиллээччи ийэтэ.
Айаны үлэ уонна социальнай харалта министиэристибэтэ үбүлээтэ.
This post was published on 03.12.2020 13:01 13:01