Салгын аалынан айаны тэрийээччилэр пассажирдарга авиабилиэт төннөрүүтүгэр харчы оннугар ваучеры биэрэр кыахтаннылар. Докумуоҥҥа бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата. СИА Радио Спутник-ка сигэнэн суруйар.
Докумуоҥҥа сурулларынан, ыксалаах балаһыанньа үөскээтэҕинэ эбэтэр куттал тыҥаатаҕына, муҥутуур бэлэм буолуу эрэһиимэ биллэрилиннэҕинэ, авиахампаанньалар рейсы көтүрэр, пассажирга харчытын төннөрөр бырааптаахтар.
“Тиэйэр-таһар тэрилтэ пассажиры тиийиэхтээх сиригэр тириэрдэр эбэһээтэлистибэтэ… тохтотуллар, бу түгэҥҥэ тиэйэр-таһар тэрилтэ, билиэккэ сурулла сылдьар күн-дьыл кэмиттэн, үс сыл иһигэр көтүү иһин уонна эбии өҥө иһин төлөбүрдэри ылар эбээһинэстээх“, – диэн правовой информация интернет-порталыгар бэчээттэммит докумуоҥҥа суруллар.
Пассажир көтүүттэн аккаастыыр түгэнигэр тэрилтэ авиабилиэт иһин төлөбүрү төннөрүөхтээх.
This post was published on 08.07.2020 15:01 15:01