100 м. харбааһыҥҥа Шри –Ланкиттан кэлбит Пэйрис Акаланка кыайыы өрөгөйүн биллэ. Никита Смирнай (УФУо) «Үрүҥ көмүс» мэтээли кэттэ. Оттон «боруонсаны» Александр Ермолич (СФУо) ылла.
16 саастаах Пэйрис Акаланка харбааһыны спорт саамай эйэлээх көрүҥэ буоларын иһин талбыт. Дьарыктаммыта 10-тан тахса сыл буолбут.
«Бу регби да, футбол да буолбатах. Спорт хайа да көрүҥүттэн саамай эйэлээх диэммин талбытым уонна олус сөбүлүүбүн. «Азия оҕолоро» — оҕолор Олимпиадалара. Мин утарсааччыларым Россияттан, Японияттан, Кытайтан кыттыбыттар олус күүстээхтэр», — диэн СИА-ҕа Пэйрис Акаланка эттэ.
Спортсмен күнэ-дьыла мүнүүтэтигэр тиийэ аттарыллан турар. Онон, бириэмэтэ эрчиллиигэ, үөрэххэ, сынньалаҥҥа да тиийэр. «Барыта киһиттэн бэйэтиттэн уонна кини баҕа санаатыттан тутулуктаах. Сыал-сорук туруоруннахха, барытын ситиһэҕин», — диэтэ кини.
Пэйрис Акаланка хас биирдии күҥҥэ график оҥостор. Өрөбүллэри доҕотторун кытта атаарар, киэһэ кинигэ ааҕар.
Быйыл спортсмен Соҕуруу-Азия күрэхтэһиитигэр кыайбыт. 2020 сылга сайыҥҥы Олимпиадаҕа кыттар ыра санаалаах.
«Шри-Ланкаҕа . «Азия оҕолоро» күрэхтэһиигэ майгынныыр Оонньуулар бааллар. Манна Азия арыыларыттан оҕолор кэлэн кытталлар, оттон эһиги аан дойдуну барытын түмэ тардаҕыт, онон Оонньуу олус кэрэ!» — диир кини.