Харбааһыҥҥа Россия чемпионката уонна Риоҕа буолбут олимпийскай оонньуулар кыттыылааҕа Дарья Чикунова Дьокуускайга «Чолбон» бассейнҥа оҕолорго маастар-кылаас ыытта.
Дарья Саха сиригэр кэлиитэ — кини Ньурба улууһун уолугар тохсунньуга кэргэн тахсыбыт, суруйар СИА.
Титуллаах спортсменка маастар-кылааһын бассейнҥа дьарыктанар 50-ча оҕо кэтээн көрдө. Кини брасс элеменнарын, бэйэтин фирменнай истиилин «развороту» көрдөрдө.
«Кэргэммин кытта кэлбитим, Саха сирэ кини дойдута, харбыахпын баҕарбытым, онно маастар-кылаас ыытарбар көрдөспүттэрэ. Ыам ыйыгар карьерабын тохтоппутум, билигин салгыыр санаалаахпын. Өссөм биирдэ үчүгэй түмүгү көрдөрүөхпүн баҕарабын, бэйэм киэппэр киириэхпин баҕарабын», — диэтэ спортсменка СИА-ҕа. Россия чемпионката Саха сириттэн кыттыан сөбүн эттэ.
Кини норуоттар ардыларынааҕы спорт маастара, Бакуга Евразийскай оонньуулар, Европаҕа уонна аан дойдуга бастыыр иһин күрэхтэһиилэр кыайыылаахтара.
Видео: Дьулустаан Сергеев, СИА.
This post was published on 08.02.2023 12:27 12:27