25 күннээх харантыыҥҥа бастакы бириэмэҕэ наадыйыллар ханнык табаардары ылар табыгастааҕый? Ордук дьон тугу атыылаһар эбитий? Маҕаһыыннарга сыана үрдээбитэ көстөр дуо?
Бу олус иллэҥ киһи ыйытыыта уонна аймалҕаны таһаарар сыаллаах суруйуу буолбатах. Холобур, тас дойдуларга бородуукта сыанатынан көрөн, дьоҥҥо сөптөөх сүбэлэри бэчээттээн таһаараллар уонна интернет ситиминэн тарҕаталлар.
Биһиэхэ балаһыанньа хайдаҕый? Харантыыҥҥа олорор тас дойдулар куораттарыгар – Кытайга уонна Италияҕа – маҕаһыыннарга табаары хааччыйыыга кыһалҕа суоҕа бэлиэтэнэр. Ол эрэн, иһитиннэрэр агентстволар сонуннарыгар кураанах долбуурдаах маҕаһыыннар уонна аптекалар хаартыскалара көстөллөрө киһи аймаҕы аймыыр. Оттон билигин, биллэрин курдук, нэһилиэнньэ бастакы уочарат медицинскэй мааскалары, дезинфекциялыыр сириэстибэлэри уонна олоххо-дьаһахха наадалаах сүрүн табаардары (килиэп, үүт, иһэр уу, туалетнай кумааҕы) атыылаһар.
Табаары атыылаһарга икки төрүөт
Билиҥҥи туругунан, чуолаан, бу ый 18 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр биир да киһи ыалдьыбыта чопчу бэлиэтэнэ илик. Онон киһи төрүөтэ суох айманара уонна долгуйара соччо наадата суох курдук. Манна даҕатан эттэххэ, ыарыы тарҕаныыта үрдүүр чинчитин учуоттаан, эрдэттэн бэлэмнэнэр туох да куһаҕаны аҕалыа суоҕа. Ааҕааччыларбытыгар туһаайан, олоххо-дьаһахха наадалаах сүрүн табаардар испииһэктэрин таһаарыахпыт.
Харантыын бириэмэтигэр наадалаах табаардары атыылаһарга икки төрүөт баар. Бастакытынан, табаар ахсаана инникитин кырыымчык буолуон сөп. Тырааныспар уонна сөмөлүөт көтүүтэ аҕыйыыр чинчилээх. Иккиһинэн, бу дьаһаныы харантыын бириэмэтигэр дьиэттэн ордук хос тахсартан уонна уочаракка хабыллан ыарыы хабан ылартан харыстыыр. Бу ыстатыйаны суруйар бириэмэҕэ стопкоронавирус.рф саайт дааннайынан, дойду үрдүнэн 147 киһи ыалдьыбыта, 5 киһи үтүөрбүтэ уонна 122 854 киһи ыарыы булуллуон сөптөөҕөр бэрэбиэркэни ааспытта биллэр.
Санатар буоллахха, кутталлаах ыарыы онлайн-хаартатын Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин чахчылаах дааннайдарыгар олоҕуран таһаарар стопкоронавирус.рф анал саайт дойду Бырабыыталыстыбатын быһаарыытынан кулун тутар 16 күнүттэн үлэлээбитэ. Ким баҕалаах коронавирус ыарыы туһунан чахчы дааннайдарга олоҕурбут иһитиннэриилэри саайтка билсиэн сөп.
Бородуукта
Бородууктаны атыылаһарга икки сүрүн усулуобуйалаах – уһун кэмҥэ харайыллар болдьохтооҕо уонна киһи доруобуйатыгар туһалааҕа буолар. Дьиэ кэргэҥҥэ гречканы уонна тушенканы сөбүлээбэт дьон баар буоллаҕына, атыылаһымаҥ диэн сүбэлиибит. Минньигэс аһа суох хас да нэдиэлэ олоруохха сөп. Биһиги редакциябыт бу испииһэккэ киирбит табаардары атыылаһыахха сөп диэн сүбэлиир: мокоруон, куруппа, чечевица, фасоль, эт уонна балык кэнсиэрбэтэ, бурдук, мүөт, кофе, чэй, саахар, хатарыллыбыт фрукта, эриэхэ, тоҥоруллубут оҕуруот аһа, тоҥ балык уонна эт, куурусса сымыыта биитэр сымыыт уоһаҕын бороһуога, үрдүк кэмҥэ харайыллар үрүҥ ас арааһа уонна, кылаабынайа, иһэр уу. Ити ас-үөл уопсай суумата быһа холоон 3500 солк. буолуоҕа.
Олох-дьаһах табаара
Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ (ВОЗ) сүбэлииринэн, киһи илиитин хаһаайыстыбаннай мылаанан чаастатык суунуохтаах биитэр испиирдээх сириэстибэлэринэн сотуохтаах. Роспотребнадзор киһи тыынар уорганнарын харыстыырга медицинскэй маасканы туһанары сүбэлиир (маасканы сөптөөхтүк туһанарга уонна устарга ураты усулуобуйалаах – уһуннук кэтиллибэт уонна туһаныллыбытын кэннэ быраҕыллыахтаах). Ону таһынан атын дьону сыстыганнаах ыарыынан сутуйбат туһугар киһи бэйэтэ кыһаныахтаах.
“Таҥара сэрэҕи сөбүлүүр” диэн саха өһүн хоһооно баар. Онон билигин ирдэниллэр олох-дьаһах сүрүн табаардарынан буолаллар: хаһаайыстыбаннай мыыла, испиир састааптаах сириэстибэлэр (гель, спрей), испиирдээх салфеткалар (дьиэттэн тахсар түгэҥҥэ туһанарга олус табыгастаах), биирдэ туттуллар сыыҥтыыр былаат, медицинскэй мааска. Уопсай табаар суумата — 1500 солк. Маны таһынан, киһи күн ахсын туһанар табаардарын испииһэгэр киирдилэр: туалетнай кумааҕы, тиис суунар пааста, шампунь, дьахтар туттар сириэстибэлэрэ, таҥас сууйар бороһуок, иһит сууйар сириэстибэлэр. Уопсай табаар суумата быһа холоон 1800 солк.
Аптечка
Ордук-хос аптекаҕа сылдьыбат туһуттан, дьиэҕэ туттар аптечканы саҥардар оруннаах. Дьиэҕэ туттуллар аптечка иһигэр баар буолуохтаах: бэрэбээски биинтэтэ, баата, градусник, тонометр, ыарыыны үмүрүтэр уонна кыраадыһы түһэрэр эмтэр (парацетамол, ибупрофен, нимесулид), спазмолитиктар, аллергияны, куртах уонна оһоҕос ыарыытын намыратар уонна тумууну утарар эмтэр. Уопсай табаар суумата – 2100 солк.
Тас дойдуларга балаһыанньа хайдаҕый?
Германияҕа уонна Австрияҕа быыһыыр сулууспалар тарҕатар испииһэктэригэр биир киһиэхэ 10 күҥҥэ суоттанар сүрүн бородуукталарга киирэллэр: 20 лиитэрэ иһэр уу; 3-түү, 5-тии киилэ курууппа арааһа, килиэп, мокоруон; 2,5 киилэ оҕуруот аһын кэнсиэрбэтэ; 2,6 киилэ ынах үүтэ уонна үрүҥ ас арааһа; 1,5 киилэ балык, эт, куурусса сымыыта; 400 грамм ынах уонна үүнээйи арыыта; 4 киилэ кэнсиэрбэлэммит биитэр хатарыллыбыт фрукта.
АХШ-гар коронавирус ыарыыны сэрэтэр дьаһалларын ыйынньыгар суруллубутунан, хас биирдии дьиэ иһигэр икки нэдиэлэ устата туттуллар саппаас табаардар баар буолуохтаахтар. Холобур, бу саппаас иһигэр киирэллэр: иһэр уу, эт, балык, оҕуруот аһын араас кэнсиэрбэлэрэ, тоҥоруллубут оҕуруот аһа, дезинфекциялыыр сириэстибэлэр, электролиттаах утахтар, С битэмиин, оҕолорго анаммыт олох-дьаһах табаардара — памперс уо.д.а. Оттон медицинскэй мааска туһунан сүбэ-ыйынньыкка туох да диэн суруллубатах эбит. Медицинскэй мааска ыалдьыбыт киһи тулалыыр дьону сутуйарыттан харыстыыр уонна ыалдьыбыт дьону көрөргө-истэргэ ананар диэн ыйыллар.
Биирдиилээн дьон батсаап нөҥүө санааларын үллэстэр
Надежда Тумусова, оҕо уһуйааччыта, Дьокуускай куорат:
— Харантыын биллэриллибитинэн, туһаммычча, бүгүн Дьокуускай куорат киин оптовай «Амсай», «Самвей» маҕаһыыннарын кэрийэн кэллим. Атыылаһааччы оптовай маҕаһыыннарга толору. Бородуукта сыаната кыралаан үрдээбит курдук. Атыылаһааччылар эмиэ сыана үрдээбитин туһунан эттилэр. Маҕаһыыннар долбуурдарыгар чэпчэки сыаналаах сайра, тушенка уонна да атын судургу буһарыыга барсар кэнсиэрбэлэр суох буолбуттар. Урут биир кэм «Слоненок» хаһаайыстыбаннай мыыла атыылаһар этим, бу сырыыга ону витриналарга булбатым.
Прокопий Алексеев, ойуур хаһаайыстыбатын исписэлииһэ, Үөһээ Бүлүү:
— Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин киин маҕаһыыннарынан хаһаайыстыбаннай мыыла көрдөөтүм да булбатым. Ол оннугар нэһилиэк кытыы турар маҕаһыыннарыгар син баар эбит. Медицинскэй мааска аптекаларга суох. Эмкэ сыана үрдээбит. Киһи туһаныаҕа суох да эбит.
Мария Иванова, учуутал, Дьокуускай куорат:
— Харантыын биллэриллибитин кэннэ, субу кэмҥэ өйдөөтөххө, биһиги дьиэ кэргэҥҥэ бородууктаны утарынан атыылаһар эбиппит. Онон уһун кэмнээх харантыыҥҥа бэлэмэ суохпун диэххэ сөп. Бородуукта атыылаһарга доруоһаны умнумаҥ диэн сүбэлиибин. Хата, оҕолорго араас бурдук аһын оҥорон сиэтиэххитин сөп. Аптекаҕа сылдьан битэмиин, медицинскэй мааска, уо.д.а. эмтэри атыылаһары былаанныыбын. Сэрэххэ хортуоппуй ылыахха баар этэ, онтон атын бородуукта хасааһа хас биирдии дьиэ хаһаайкатыгар баара буолуо – мокоруон, бурдук, мас арыыта, тоҥоруллубут эт, отон уо.д.а. Харантыын сөптөөх дьаһал буолар уонна сотору кэминэн вакцина баар буолуо диэн эрэнэбин.
Николай Семенов, суоппар, Бүлүү куората:
— Мин саныахпар, айманар наадата суох. Ыарыы тарҕанар куттала тахсыбытын бааһааҕырдан дьону аймыыр курдуктар. Дьиҥэр, бородууктаны хос эбии атыылаһар туох да куһаҕана суох. Барыта туһаҕа барар. Ол эрэн билигин маассабайдык атыылаһар эрдэ дии саныыбын.
Источник: http://www.sakhaparliament.ru/sa/uopsastiba/yjytik/370-kharantyyn-kemiger-kha-aastaakh-buolar-orduk
This post was published on 24.03.2020 16:04 16:04