Доруобуйа сылыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһата саҥа таһымҥа тахсар. Офтальмохирургическай десант хас да улуус ыарыһаҕын тэҥинэн биир сиргэ хабан эмтиир.
«Ыалдьар харахтаах сылдьан улууспутуттан тэйбэккэ эмтэнэрбит үчүгэйин!», — дииллэр офтальмологтар өҥөлөрүнэн туһаммыт эбээлэр.
Офтальмохирург, медицинскэй сиэстэрэ уонна анестезиолог-реаниматолог быраас биригээдэтэ кулун тутар 12 — 13 күннэригэр Ньурбаҕа эпэрээссийэ оҥордулар. 55 «катаракта» диагнозтаах ыарыһах эмтэннэ.
Икки күн устата Ньурба, Сунтаар, Бүлүү уонна Үөһээ Бүлүү олохтоохторо харахтарын эмтэннилэр. Бары саастаах дьон, эпэрээссийэни этэҥҥэ аһардылар.
Ньурбатааҕы киин балыыһа иһинэн үлэлиир өрөспүүбүлүкэтээҕи харах клиникатын филиала оройуоттар икки ардыларынааҕы хараҕы көрөр-эмтиир киин буолар. Бу өрүттэр бииргэ үлэлээһиннэрин үтүө түмүгэ.
Офтальмохирургическай десаны тэрийии уһун айаны тулуйбат дьоҥҥо абыраллаах.
This post was published on 17.03.2021 18:01 18:01