Харах быраастара Саха сирин соҕуруу өттүгэр балаҕан ыйын 28 - алтынньы 10 күннэригэр үлэлиэхтэрэ

Алдан уонна Нерюнгри оройуоттарыгар балаҕан ыйын 28 — алтынньы 10 күннэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа быраастара үлэлиэхтэрэ. Анал көһө сылдьар офтальмологическай комплекска үрдүк кылаастаах оборудованиелаах, онон миэстэтигэр эпэрээссийэ да оҥорор кыахтаахтар.

Комплекс ФАП-тар, амбулаториялар уонна оройуон балыыһаларын таһыгар туруохтара.

Маршрут:

Балаҕан ыйын 28 күнэ – Улуу

Балаҕан ыйын 29 күнэ — Томмот;

Балаҕан ыйын 30 күнэ — Якокит уонна Хатыстыыр;

Алтынньы 1 күнэ — Аллара Кураанах;

Алтынньы 2 күнэ — Улахан Нимныр уонна Лебединай;

Алтынньы 3 күнэ — Ленинскэй;

Алтынньы 4 күнэ — Алдан куората;

Алтынньы 5 күнэ — Улахан Хатыми;

Алтынньы 6 күнэ — Чульман;

Алтынньы 7 күнэ – Серебрянай Бор уонна Беркакит;

Алтынньы 8 күнэ – Иенгра;

Алтынньы 9 күнэ – Золотинка;

Алтынньы 10 күнэ — Нерюнгри куората.

This post was published on 27.09.2022 15:29 15:29