Дьокуускайдааҕы харах балыыһатыгар ылыллыбыт саҥа хирургическай тэрил көмөтүнэн харах сетчаткатыгар уустук эпэрээссийэлэри кылгас кэм иһигэр хаачыстыбалаахтык оҥорор буолуохтара.
EVA хирургическай систиэмэ ыарахан эчэйиигэ, оһолго эмиэ көдьүүстээх. Тэрил технология муҥутуур кыаҕын туһанан оҥоһуллубут буолан араас саастаах ыарыһахтар эпэрээссийэни дөбөҥнүк аһарынар буолуохтара. Чөлүгэр түһүү эмиэ түргэтиэ.
Саҥа тэрил көмөтүнэн харахха эпэрээссийэлэр 20 мүнүүтэттэн, ыарыы быһаарыытыттан көрөн, хас эмэ чааска диэри кэмҥэ оҥоһуллуохтара. Ыарыһах балыыһаҕа биир күн сытыа.
Катарактаны суох оҥоруу ортотунан 5-7 мүнүүтэни ылыа. Оттон сетчатка арахсыытын икки чаас оннугар биир чаас оҥоруохтара.
Уон мөлүйүөн суумалаах Нидерландыга оҥоһуллубут тэрили Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин, бырабыыталыстыба көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ Доруобуйа сылынан ылылынна.
This post was published on 27.05.2021 17:02 17:02