Хара-Уулаахха "Киин" хочуолунай уокка былдьанна

Булуҥ улууһун Ньайба нэһилиэгэр ыам ыйын 3 күнүгэр «Киин» хочуолунайга баһаар буолла. Уоту уодьуганнааһыҥҥа барыта 20 киһи уонна икки тиэхиникэ кыттыыны ылла.


Улуус баһылыгын 1-кы солбуйааччы Александр Гуков иһитиннэрбитинэн, быһылаан тахсар кэмигэр 25 дьиэ, ол эбэтэр 121 квартира, онно олорор 299 киһи, ол иһигэр 37 оҕо, итиэннэ оскуола, дьыссаат, балыыһа ититиитэ суох хаалбыттар.

Тута 18 дьиэ оһоҕунан оттукка көһөрүллүбүттэр. Атыттар ититэр тэрилинэн тутуннулар.

Тута суһал мунньах ыытыллан, саппааска турар «Гаражная» хочуолунайтан итиини биэрии саҕаламмыт. Улуустааҕы ОДьКХ сэттэ киһилээх бөлөҕө уонна биир тиэхиникэтэ холбооһуҥҥа үлэлээбит.

900 кВт кыамталаах дизель-электростанция үлэлии турар.

«Бүгүн оскуолаҕа спортсаала эрэ өттө температурнай режимҥэ сөп түбэспэт, атына сылаас, онон оҕолор үөрэнэллэр. Оҕо саада сылаас үчүгэйдик бэриллиэр диэри үлэтин тохтотто. Нэһилиэнньэ холку, туох да үҥсүү суох», — диир баһылык солуйааччыта Гуков.

This post was published on 04.05.2016 14:06 14:06