Хараҕа "Туйгун" агрокластер биэс пиэрмэри түмэр

Хара нэһилиэгиттэн 2-3 биэрэстэлээх Солуур алааһын үрдүгэр Дыыдаа бааһынатыгар биэс саҕалаан эрэр пиэрмэр «Туйгун» агрокластер иһинэн тэриллэн үлэни саҕалаан эрэллэр.


Павел Адамов 0,7 гектардаах сирин күрүөлээн-хаһаалаан, аһыыр-сынньанар дьиэтин тутуунан дьарыктана сылдьар. Хотон тутуллуохтаах маһа кэлэн сытар, туруоруллуохтаах миэстэтигэр буорун куттарбыт. ««Начинающий фермер» бырагырааманан 1,5 мөлүйүөн солк. грант ылбытым. Билигин ити үппүн тыыраммын, мантан сайын үлэм саҕаланна. Бу дьарык элбэх үлэни, хамсаныыны ирдиир. Ол да буоллар, үчүгэй үлэһит дьон уопута саҥа саҕалааччыларга үлэни тиһэҕэр тиэрдэргэ көмөлөөх буолуон сөп. Мин үгүс киһи уопутун үөрэттим. Холобур, Дмитрий Михайлович Назаров курдук үлэһит киһиттэн элбэҕи үөрэниэххэ сөп», — диэн санаатын этэр кини.

Хотонун 40 сүөһүгэ анаан туттар. Билигин 19 сүөһү ылыахтаах, биэһин бэлиэр харалартан атыыласпыт. Билигин тутуу ыыта сылдьар буолан, дьоҥҥо көрдөрөр. Үүтүн «Манчаары» ТХПК-ҕа үүт туттарар пууҥҥа таһыахтаах. Ону сэргэ инникиттэн бэйэтэ алта сылгылаах.

Окко киириигэ бэлэмин туһунан иһитиннэрдэ. «Үбүм сороҕунан охсордоох, мунньардаах мини тыраахтар атыыласпытым. Ходуһаларым Хара, Догдоҥо сирдэринэн бааллар. Бу күннэргэ окко киириэхпит», — диир.

Эдэр пиэрмэр инникитин дьиэ кэргэнинэн хаһаайыстыба тэринэргэ граны ылыыга киирсэр баҕалааҕын кэпсээтэ. «Ол грант суумата 30 мөлүйүөн солкуобайтан саҕаланар. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьоҥҥо өйөбүл өрүү наада. Үлэлиир киһи сайдарыгар элбэх үптээх, өйөбүллээх, киниэхэ сөбүгэр көмө оҥоһуллар эрэ буоллаҕына, үлэ таһаарыылаах, көдьүүстээх түмүктээх буолар», — диэн санаатын түмүктээтэ.

This post was published on 08.07.2016 15:31 15:31