Өрөспүүбүлүкэҕэ Тупсарыныы сылынан от ыйын 24 күнүгэр Хара нэһилиэгин олохтоохторугар Улуу Кыайыыны уһансыбыттар болуоссаттарыгар саҥа фонтан аһыллыытын үөрүүлээх түгэнэ буолла.
Олохтоохтор өр күүппүт үс миэтэрэ иэннээх керамогранит билиитэтинэн таҥыллан туруоруллубут үйэлээх фонтаны Хаптаҕайтан төрүттээх урбаанньыт Николай Яковлев икки нэдиэлэ иһигэр оҥордо.
Фонтан аһыллар үөрүүлээх киэһэтигэр нэһилиэк баһылыга Дария Назарова олохтоохтору эҕэрдэлээтэ, төрөппүттэр кырачааннарынаан мустан үөрдүлэр-көттүлэр. Фонтан уотунан киэргэтиллэн хараҥаҕа өссө тупсан көһүннэ.
Хара бөһүөлэгин киинигэр турар Кыайыы болуоссата уоттанан-күөстэнэн, аны фонтаннанан дьон-аймах, оҕо-уруу мустан сынньанар сирэ буолла.
This post was published on 26.07.2016 15:03 15:03