“Хапытааллаах оҕолор” элбээтилэр

2006 сыл сааһыгар бэрэсидьиэн Владимир Путин Федеральнай мунньахха Туһаайан этиитигэр дойдуга демографическай балаһыанньаны тупсарар туһуттан, элбэх оҕолоох буолууну көҕүлүүр миэрэлэри ылар туһунан эппитэ. Бу кэннэ сылы быһа кэпсэтии барбыта, Ийэ хапытаалын бырайыага оҥоһуллубута. 2006 сыл ахсынньы 22 күнүгэр Госдума “Оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ судаарыстыбаннай өйөбүл миэрэлэрин туһунан” диэн 256 N-дээх федеральнай сокуону ылыммыта. Сокуон 2007 сыл тохсунньутуттан үлэлээн барбыта.


Демографическай балаһыанньа, кырдьык, ыарахан этэ. Өлүү төрөөһүнү куоһарара. Ааспыт үйэ 90-с сылларыгар, ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр төрөөһүн лаппа кыччаабыта. Үгүс дьиэ кэргэттэр биирдии оҕонон муҥурданаллара. 2002 сыллааҕы биэрэпис түмүгүнэн, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолоох дьиэ кэргэттэр ортолоругар:

  • биир оҕолоохтор — 85,7 бырыһыаны;
  • икки оҕолоохтор – 13 бырыһыаны;
  • үс уонна онтон элбэх оҕолоохтор — 1,3 бырыһыаны эрэ ылаллара.

Онон иккис уонна үһүс оҕону төрүүллэригэр үбүнэн-харчынан көҕүлээһин балаһыанньаны тупсарыахтааҕа. Аны туран, иһэр-аһыыр дьахталлар Ийэ хапытаалын ылар туһуттан оҕолоноот, көрбөккө быраҕан баран, харчыларын бараан, сиэн-аһаан кэбиспэттэрин туһугар, олорор усулуобуйаны тупсарыыга, ийэ инники биэнсийэтигэр уонна оҕону үөрэттэрэргэ, үс эрэ хайысханан биэрэргэ быһаарбыттара. Сертификаттары түҥэтэр боломуочуйаны Биэнсийэ пуондатыгар биэрбиттэрэ.

Көдьүүстээх бырайыак

Ийэ хапытаала лоп курдук 10 сыл устата үлэлээтэ уонна чахчы көдьүүстээҕин көрдөрдө. Арассыыйа үрдүнэн 8 мөлүйүөн кэриҥэ дьиэ кэргэн сертификаты ылбыта, кинилэртэн 56 %-нара Ийэ хапытаалын үбүн-харчытын ылан туһаннылар. Онон 4,7 мөлүйүөн дьиэ кэргэн олорор дьиэ кирэдьиитин толору эбэтэр сорҕотун төлөөн бүтэрдилэр. 1,7 мөлүйүөн ыал кирэдьиит ылбакка эрэ, олорор усулуобуйатын тупсарда.

Ийэ хапытаалын туһанааччылартан 92 %-нара олорор дьиэни атыылаһарга, туттарга ыыппыттар. Сөп ээ, урут да, аны да олорор дьиэ тыын боппуруос буоллаҕа. Ону тэҥэ 410 тыһыынча сайаапка оҕону үөрэттэрэргэ, 3,5 тыһыынча сайаапка ийэ биэнсийэтин эбэргэ ыытыллыбыт. Сүүстэн аҕыйах киһи сертификаттарын инбэлиит оҕолоругар аналлаах табаары уонна өҥөнү ыларга туттубуттар. Бу 2016 сылга киирбит саҥа хайысха.

Ийэ хапытаалын чопчу туохха туһаныахха сөбүй?

Ипотеканы төлүүргэ; кыра иэннээх дьиэни улахаҥҥа атастаһарга; кыбартыыраҕа өрөмүөн оҥорорго, дьиэ туттарга; оҕону үрдүк үөрэххэ үөрэттэрэргэ; оҕо саадын төлүүргэ, үөрэнэр оҕо олорор уопсайын төлүүргэ; ийэ кэнэҕэски биэнсийэтин үрдэтэргэ. Мантан атын хайысханан туттар көҥүллэммэт. Ол гынан баран, хас да хайысхаҕа арааран эмиэ туттуохха сөп.

Инфляцияттан көрөн, Ийэ хапытаалын суумата сыл аайы улаатан испитэ. Ону бу таблицаттан көрүөххэ сөп.

Сыла            Суумата, солк.         Үрдээбит %-на              Инфляция (ааспыт сылга)
2007               250 000
2008                276 250                         +10,5 %                         11,87 %
2009               312 162,50                      +13 %                           13,28 %
2010               343 378,80                      +10 %                            8,80 %
2011               365 698,40                      +6,5 %                           8,78 %
2012               387 640,30                      +6 %                              6,10 %
2013               408 960,50                      +5,5 %                           6,58 %
2014               429 408,50                      +5 %                              6,45 %
2015               453 026,00                      +5,5 %                           11,36 %
2016               453 026,00                      0
2017               453 026,00                      0

2018 сылга 500 тыһ. солк. тиийиэхтээх диэн этэ да, кириисис буолбутунан, Ийэ хапытаала 2016 сылтан үрдүү илик. 2020 сылга диэри үрдээбэт. Ол да буоллар, уон сыл иһигэр 81% үрдээбитин бэлиэтиир тоҕоостоох.

Демографияҕа дьайар күүһэ

Саха сиригэр кэнники 15 сылтан бэттэх төрөөһүн үрдээн иһэр (1000 киһиэхэ 13-17 оҕо). Өлүү көрдөрүүтэ 1000 киһиэхэ 8-10 тэҥнэһэр. Арассыыйаны ыллахха, 1000 киһиэхэ ортотунан 8-13 оҕо төрүүр. Онон өрөспүүбүлүкэ Арассыыйаҕа биир бастыҥ демографическай көрдөрүүлээх. Ол эрээри көһөн барыы элбэх буолан, нэһилиэнньэ ахсаана аҕыйыыр (1999 сылга 977,1 тыһ. киһи олороро, 2016 сылга — 972 тыһ. киһи).

Биэнсийэ пуондатын дааннайынан, билигин 73368 сертификат бэриллибит. Балартан 57%-нара харчыларын ылан туһаммыттар. Олорор усулуобуйаны тупсарыыга 39692, оҕону үөрэттэриигэ — 2361, ийэ биэнсийэтигэр – 33 сертификат бэриллибит. Барыта 14 миллиард 781,3 мөл.солк. түҥэтиллибит.

Федеральнайы сэргэ, 2011 сылтан өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаала үлэлиир. Үһүс уонна онтон элбэх оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) бэриллэр. Суумата 100 тыһыынчаттан саҕаланан баран, үрдээн, билигин 139 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Дьиэ ылары, өрөмүөннэнэри, үөрэнэри таһынан, массыынаны, тиэхиньикэни, хаһаайыстыбаны кэҥэтэргэ сүөһүнү атыылаһар, оҕолортон биирдэстэрэ куруорка сынньанара, эмтэнэрэ көҥүллэнэр.

Уларытыылар киириэхтэрэ дуо?

Аан бастакыттан Ийэ хапытаалын болдьоҕо 2017 сылга диэри диэн этэ. Ол эрээри 2018 сыл бүтүөр диэри уһаппыттара. Быйыл бэс ыйын 1 күнүгэр РФ Үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Максим Топилин бырабыыталыстыбаҕа Ийэ хапытаалын өссө биэс сыл – 2023 сыл бүтүөр диэри уһатар туһунан бырайыагы киллэрбитэ. Ол билиҥҥитэ ылынылла илик.

Үп министиэристибэтэ 2019 сылтан уларытыылары киллэрэр туһунан этиилээх. Холобур, дьиҥнээхтик наадыйар эрэ дьоҥҥо (дьиэҕэ наадыйар уонна кыра дохуоттаах кыаммат ыалларга) киритиэрийдэринэн көрөн биэрэр туһунан. Эбэтэр Ийэ хапытаалын кыаммат ыалларга ый аайы бэриллэр босуобуйа быһыытынан биэрэр туһунан. Ол эрээри, тоһоҕолоон бэлиэтиибит, бу быһаарылла илик боппуруостар.

Түмүккэ

Ийэ хапытаала үгүс ыалга көмөлөстө. Урут сэбиэскэй кэм саҕана биир кэмҥэ эмиэ төрөөһүнү көҕүлүүр сыалтан, харчы биэрэ сылдьыбыттара биллэр. Онуоха “харчылаах кыыс”, “баай уол” диэн оҕолорун таптаан ааттыыллара. Оттон билигин “хапытааллаах оҕолор”, “Путин оҕолоро” биллэ элбээтилэр. Бу буолар, судаарыстыба ыал туруктаах буоларыгар, дьиэлэнэригэр, оҕолоноругар көмөтө, көмүскэлэ.

This post was published on 24.11.2017 11:30 11:30