Хаптаҕайдааҕы агрооскуолаҕа сиргэ, дойдуга таптал тыына иҥэриллэр

Хаартыска: Эркээйи хаһыат

Хаптаҕайы дьоруойдар дойдулара диэн мээнэҕэ ааттаабаттар. Социалистическай Үлэ Дьоруойа буолуу – үлэ дьонугар саамай үрдүкү наҕараада.

Саха сиригэр оҕуруот аһын хотуулаахтык үүннэрбит Гаврил Самсонов уонна Екатерина Новгородова иккиэн Хаптаҕай нэһилиэгэр үлэлээбиттэрэ-хамсаабыттара. Гаврил Самсонов Хаптаҕайга оҕуруот бириигэдэтин тэрийбитэ. Биһиги дойдубут усулуобуйатыгар сөп түбэһэр оҕуруот аһын үүннэрэн, саҥа суортары арыйбыта. Үрдүк үүнүүнү ылан, Социалистическай Үлэ Дьоруойа буолбута. Екатерина Новгородова 1962 сыллаахха Хаптаҕайга оҕуруот биригэдьиииринэн анаммыта. Кини биригээдэтэ оҕурсуну бааһынаҕа рассадата суох үүннэриини, парникка олордууну, уоҕурдууну туттууну, саҕалаабыта. Ол түмүгэр агроном Үлэ кыһыл знамятын уордьанынан, кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта. 1973 сыллаахха Екатерина Новгородоваҕа Социалистическай Үлэ Дьоруойун аата иҥэриллибитэ. Хаптаҕай орто оскуолата дьоруойдарын суолун батыһан, 2009 сылтан оччотооҕу дириэктэр Валерий Никифоров көҕүлээһининэн, агро хайысханан ситиһиилээхтик үлэлиир.

Быйылгы ыһыыга үлэ хайдах баран иһэрин билсэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун гражданскай сэрии дьоруойа Кеша Алексеев аатын сүгэр Хаптаҕай агрооскуолатыгар сырыттыбыт. Биһигини оскуола кэлэктиибэ, дириэктэр Ирина Кычкина үөрэ-көтө көрүстэ. Быйылгы 2024-2025 үөрэх дьылыгар оскуолаҕа маҥнайгыттан 11 кылааска диэри 158 оҕо үөрэнэр.

Агрооскуола оҕуруот аһын олордуунан, үүнээйи үүннэриитинэн, сылгы иитиитинэн дьарыктанар. Быйылгы ыһыыга бэлэмнэнэн 1000 оҕурсуу, 1000 помидор, 500 кабачок, минньигэс, аһыы биэрэс, 300 баклажан, тыква, арбуз, дыня о.д.а. уопсайа 6000 кэриҥэ үүнээйи арассаадаларын олордон, питомникка көһөрө сылдьаллар. Производственнай үөрэхтээһин маастардара бэһиэлэр: Светлана Кононова, Мария Слободчикова, Астра Сидорова, Людмила Слободчикова, Екатерина Гаврильева үлэ үгэнигэр түспүттэр. Сылаас питомниктаах буолан, арассаадаларын саас эрдэттэн олордон саҕалыыллар. Сүрүннээн оҕуруот аһын арааһын, хаппыыстаны, хортуоппуйу үүннэрэллэр. Уопсайа 1212 га иэннээх сир баарыттан, 18 гектар бааһыналаахтар, онно сылынан солбуһуннара сылдьан ыһаллар. Икки гектар сиргэ хаппыыста олордоллор.

Былырыын бэйэ олохтоох аһынан хааччынар сыалтан, оскуола оҕолоругар белокочаннай хаппыыста сиэмэтин ылан нэһилиэнньэни хааччыйыы бырайыагынан оройуон баһылыгын Дмитрий Тихонов агротехнологическай хайысхалаах үөрэх тэрилтэлэригэр анаммыт 333000 солкуобай суумалаах гранын ылбыттар. Сибэкки арассаадата эмиэ элбэх. Вегетативнай петунияны дэлэтэргэ ылсан эрэллэр. Бу петуния уратыта диэн умнаһыттан кырыллан элбиир суорт. Сибэкки арассаадатыгар улууска сайаапканан эмиэ үлэлииллэр. Тыһынчанан сайыҥҥы сибэккини сыл ахсын Аллара Бэстээххэ Олоҥхо дьиэтин уонна улуус дьаһалтатын дьиэтин тас көстүүтэ киэркэйэригэр атыылаһан ылан олордоллор эбит. Сибэкки арассаадатын нэһилиэккэ, улуус иһинэн эмиэ атыылыыллар. Маны тэҥэ оскуола учаастагар 100-чэкэ тыһыынча хаптаҕас, моонньоҕон уктара талахтаахтар. Быйыл онно эбии вишня уонна «Якутяночка» диэн суортаах моонньоҕон олордон, сыл аайы кэҥэтэн, элбэтэн иһэллэр.

Былырыыҥҥы үөрэх дьылыттан оскуолаҕа агрокабинет арыллан үлэлиир. Манна оҕолор саҥа лаборатория тэриллэрин туһанан араас чинчийэр үлэни ыыталлар. Хас биирдии оҕо ситиһиитэ федеральнай бырайыак нөҥүө эбии үөрэхтээһин бырагырааматыгар ситиһиилээхтик кыттан, сүгэ сылдьар лабораторияны ылбыттар. Онон оҕолор нэһилиэк уутун, бааһыналар буордарын үөрэтэр кыахтаммыттар. Үөрэнээччилэр сылы мэлдьи оҕуруотунан дьарыктаналлар. Үөрэтэр-чинчийэр үлэлэри суруйан, араас таһымнаах конференцияларга кытталлар. Хас биирдии кылаас бэйэтэ агро бырайыагынан үлэлиир.

Кулун тутарга ыытыллыбыт эрэгийиэннээҕи агро хайысхалаах оскуолалар истэригэр ыытыллыбыт “Сир эдэр хаһаайыннара” куонкуруска өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 13 оскуола кэлэн кыттыыны ылбыт. Ол курдук Ньурбаттан, Амматтан, Тааттаттан, Чурапчыттан, Уус Алдантан тиийэ кэлэн күөн көрсүбүттэр. Онно Хаптаҕай агрооскуолата 2-с миэстэ буолары ситиспит. Маннык күрэхтэһиилэр агрооскуолалар рейтиннэрин биир сүрүн хайысхатынан буолара саарбаҕа суох.

Ити курдук агрооскуола үлэтэ-хамнаһа олус киэҥ. Манна үөрэнээччилэр эрэ буолбакка, кэлэктиип бүттүүн ылсан үлэлиир. Оҕуруот олордуута элбэх сыраттан, көрүүттэн-харайыыттан тахсар. Оҕолор сири таптыырга, элбэх сатабылга, тыа сирин үлэтин барытын сатыыр, туохтан да толлон турбат буола үүнэн, үөрэнэн тахсаллар. Кырдьыга да, хас биирдии киһиэхэ оскуолатааҕы сылларын ахтан-санаан ааһарыгар, бааһынаҕа күргүөмүнэн үлэлээбит кэрэ кэмнэрин умнубакка саныы сылдьааччы…

Ааспыт үөрэх дьылыгар Хаптаҕай агрооскуолатын выпускниктарын 60 бырыһыана мэтээлинэн бүтэрбитин оскуола дириэктэрэ Ирина Владимировна киэн туттан кэпсиир. Оҕолор үөрэҕи уонна үлэни сөпкө дьүөрэлииллэрин бэлиэтиир. Ити үөрэнээччини үлэнэн ииттэххэ, барыга дьоҕурдаах буоларын туоһулуур.

Дьыл үлэҕэ-хамнаска аныыр кэмнэрдээх. Уһун кыһын кэнниттэн хаар баран, сир хараарыыта ханна даҕаны ыһыы үлэтэ саҕаланыа. Хаптаҕайдар сыл ахсын оҕуруот аһын өлгөмнүк олордор, үүннэрэр буолан, быйыл да дьоруойдар саҕалаабыт дьыалаларын ыһыктыбакка, ыһыыга көхтөөхтүк бэлэмнэнэ сылдьаллар.

Ааптар: Елизавета Неустроева, Эркээйи хаһыат саайта.

                                      

This post was published on 19.04.2024 16:01 16:01