Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгэ өҥ буорунан, таһаарыылаахтык үлэлээбит чулуу оҕуруотчуттарынан аатырар. Ол үгэһи сөргүтэн, Альберт Терентьев дириэктэрдээх олохтоох орто оскуола 2009 сыллаахтан аграрнай хайысханан үлэлиир.
Питомникка 1200 оҕурсуу, 700 помидор, 400 кабачуок, минньигэс, аһыы биэрэс, 300 баклажан, тыыкыба, арбуз, дыня, о.д.а. үүнээйилэр арассаадалара баар.
Производственнай үөрэхтээһин маастардара үһүөлэр: Светлана Кононова, Людмила Слободчикова уонна Антонина Жиркова.
– Сылаас питомниктаах буоламмыт, арассаадабытын саас эрдэттэн олордобут. Инньэ гынан, оҕурсуубутун быһан, атыыга таһааран эрэбит. Сүрүннээн оҕуруот аһын арааһын уонна хортуоппуйу үүннэрэбит. Бастатан туран, үөрэнээччилэри үлэҕэ үөрэтэбит, кыһын оскуола остолобуойун «итии аһылыгын» хааччыйабыт итиэннэ саас арассаада, күһүн оҕуруот аһын атыылаан, оскуолабытыгар харчы киллэрэбит. Барыта 18 гектар иэннээх бааһыналаахпыт, ону технология быһыытынан, сылынан солбуһуннаран ыһабыт. Сибэкки арассаадата эмиэ элбэх Үгэс курдук, икки гектарга хаппыыста, биир гектарга хортуоппуй, гектар аҥаарыгар моркуоп, сүбүөкүлэ олордобут. Ону таһынан 100 кв. миэтэрэ иэннээх кыһыҥҥы тэпилииссэҕэ саас эрдэттэн оҕурсуу үүннэрэн, Кыайыы күнүгэр бэтэрээннэри сибиэһэй оҕурсуунан күндүлүүр үгэстээхпит. Улуус олохтоохторун араас оҕуруот аһын уонна сибэкки арассаадатынан хааччыйабыт. Сайын оҕолор «Үнүгэс» лааҕырга икки сезоҥҥа үлэлииллэр. Бааһынаҕа хаппыыста, моркуоп, сүбүөкүлэ сыыс отун ыраастыыллар, буорун көбүтэллэр. Оскуола таһынааҕы учаастакка олордуллубут помидору, оҕурсууну, кабачуогу, тыыкыбаны, дыняны, арбууһу уонна да атын култууралары, сибэккилэри көрөллөр-харайаллар, чинчийэр үлэнэн дьарыктанан, кэнпириэнсийэлэргэ кытталлар, — кэпсиир Светлана Кононова.
Питомнигы иллэрээ сыл оскуола учууталлара субуотунньугунан туппуттар. Онно билигин 1200 оҕурсуу, 700 помидор, 400 кабачуок, минньигэс, аһыы биэрэс, 300 баклажан, тыыкыба, арбуз, дыня, о.д.а. култууралары арассаадалаан туруораллар. Сороҕун бэйэлэрэ олордуохтаахтар, ордугун нэһилиэнньэҕэ атыылыахтаахтар.