Хаандыгаҕа түмүктэммит хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэ XXII чөмпүйэнээтигэр Николай Николаев муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар түмүк хапсыһыыга Нам боотурун Игорь Софронеевы охторон 150 000 солкуобайынан биһирэннэ.
Бүлүү бөҕөһө кыайыыга суолун ааттаах-суоллаах утарылаһааччыларын — Увар Тимофеевы, Иннокентий Иннокентьевы – бүдүрүтэлээн соломмута. Бу иннинэ 90 үөһэ киилэлээхтэргэ Николай Николаев финал аҥарыгар Увар Тимофеевка очукуонан баһыйтаран, үһүс бириистээх миэстэни ылбыта.
Саха сирин бүгүҥҥү күҥҥэ чулуу хапсаҕайдьыта бэйэтин кыайыытын чугас дьонугар – кэргэнигэр, кырачаан кыыһыгар, ийэлээх аҕатыгар – анаата.
This post was published on 14.03.2018 16:14 16:14